2020 сыл Саха сиригэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан биллэрилиннэ. Патриот диэн кимий? Биллэн турар, бэйэтин дойдутун ааспыт айхаллаах суолун ытыктыыр, кэлэр кэскилин түстэһэр, чөл өйдөөх-санаалаах гражданин. Билигин саха ыччата хаһааҥҥытааҕар даҕаны норуот быһыытынан бэйэтин уратытын билинэн эрэр диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Ол, бэл, дьон таҥаһыгар-сабыгар көстөр. Ыһыахха эрэ буолбакка оҕолуун-уруулуун сахалыы моһуоннаах таҥаһы кэтэ сылдьара көрөр да астык.
Кырачаан патриоттар
Билиҥҥи кэмҥэ ордук «Тэтим», «ТANAS» фирмалар дьон сэҥээриитин ылаллар. Аҕыйах сыллааҕыта эрэ саҕалаабыттара да буоллар, билигин номнуо тыыллан-хабыллан, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Арааһынай сиэдэрэй рекламаларын, атын омук дойдуларынан тэлэһийэ сылдьар сахалыы аныгы таҥастаах кэрэ куолар, ньургун боотурдар хаартыскаларын көрөн, дьон сэҥээрэр. Маны тэҥэ, кырачааннарбытыгар анаан “Кустук” диэн таҥас фирмата баар.
“Кустук” бренд салайааччыта Вера Владимировна кэпсиир:
— Дьиэ кэргэммин кытта Санкт-Петербург куоракка олохсуйбуппут 17-с сылыгар барда. Оҕо күннээҕи сахалыы таҥаһын тигиитин 2018 сыл сайыныттан толкуйдаан, үлэлээн барбытым. Сэттэ ый бэйэ дьыалатын саҕалыырбар барбыта. Ол курдук, бастаан утаа барыл таҥастары тиктэрэн, бэйэбит кэтэн, тигии хаачыстыбатыгар тиийэ бэрэбиэркэлээн баран биирдэ кууһунан сакаастаабыппыт. Дьоҥҥо-сэргэҕэ 2019 сыл олунньу ыйыгар билиһиннэрбиппит. Маҥнай оҕо уһуйаана саастаах оҕолор таҥастарыттан саҕалыам дии санаабытым. Ол эрээри, төрөппүттэр кыра кылаас оҕолоругар наадыйалларын биллэрбиттэрэ, онон 10 саастаах оҕоҕо диэри улаатыннарбыппыт. Бастаан аймахтарбыт интэриэһиргээбиттэрэ, онтон салгыы атын дьон билэн-көрөн, Саха сиригэр баһыылкалаан ыытар буолбуппут. Оттон кэлин Москваҕа, Ростовка, Бурятияҕа ыыппыппыт. Атын омук дьоно эмиэ атыылаһаллар, интэриэһиргииллэр. Уруһуйун үксүгэр мин толкуйдуубун. Кэргэним уонна чугас дьонум сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн, ситэрэн биэрэллэр. Салгыы көстүүмнэри, комбинезоннары анал үөрэхтээх таҥас конструктора уруһуйдуур. Уопсайынан, “Кустук” бренд сахалыы моһуоннаах, оһуордаах таҥаһа оҕо Саха сириттэн төрүттээҕин умнубатын, төрөөбүт дойдутун билэ-көрө улааттын диэн сыаллаах-соруктаах.
Уолбут Питергэ төрөөбүтэ. Онон “Кустук” брэнд кини хантан төрүттээҕин саныы сылдьарыгар эмиэ сабыдыаллыыр. Киһи патриотизма тустаах таҥаһы кэттэҕинэ өссө күүһүрэр дии саныыбын. Ордук дойдуларыттан ыраах эбэтэр тас дойдуга олорор буоллаххына. Питергэ саха былааҕа биитэр гербэтэ ойуулаах таҥастаах киһини көрдөхпүнэ олус үөрэбин.
Ыйытык
Салгыы “Инстаграм” социальнай ситимҥэ ыйытык оҥордубут, онно 100 ыччат кытынна. “Патриотизм, киһи национальнай таҥаһы кэттэҕинэ, ордук күүһүрэр дуо?” ыйытыыга 61 киһи – «бэйэм ис санаабынан патриоппун», 39 киһи “таҥас оруолу оонньуур” диэбит.
Зинаида Саввинова, Сунтаар улууһун Күндэйэ орто оскуолатын тэрийээччи педагога:
— Сахалыы таҥаһы национальнай эрэ бырааһынньыктарга кэтиэхтээхпит диэн өйдөбүл суох буолла. Билиҥҥи муодаҕа сөп түбэһиннэрэн тигиллибит буолан ыччат кутун-сүрүн тутар. Бэйэбэр хомус уонна илин кэбиһэр ойуулаах футболкалаахпын. Киһи патриота таҥаһыттан көстүөхтээх диэн санааны наһаа тутуспаппын эрээри, син биир сахам таҥаһын кэттэхпинэ, киэн туттар санаам уһуктар. Патриот диэн бэйэтин дойдутун туһугар дьиҥнээхтии кыһаллар, долгуйар, тылынан буолбакка, дьыаланан көрдөрөр киһи буоллаҕа. «Мин патриоппун» диэн тугу да гыммакка түөстэрин охсунар дьону патриотунан аахпаппын.
Альбина Васильева, Москваҕа үөрэнэр устудьуон:
— Мин сахалыы ойуулаах-бичиктээх таҥастары кэппэппин, истиилбэр сөп түбэспэт уонна хаачыстыбата соччото суох. Патриотизм популизм уонна фанатизм өттүгэр туох да иһин охтуо суохтаах. Патриот киһинэн Арсен Томскайы ааттыыбын. Кини саҥа тахсыбыт «inDriver: От Якутска до Кремниевой долины» кинигэтигэр дойдутугар олоҕу тупсарар араас туһалаах ньымалары айан, киэҥ дойдуга Саха сирин туһунан, сахалар нация быһыытынан сайдыылаах омук диэн бэйэтин холобурунан дакаастыыр. Онон, дьиҥ патриот диэн норуотун өйө-санаата сайдарын туһугар үлэлиир-хамсыыр киһи.
Варвара Кузьмина, “Пространство” тэрилтэҕэ килийиэннэри кытта үлэҕэ менеджер:
— Питергэ үөрэнэр кэммэр сахалыы суумкабын уонна ытарҕабын дьон сэргиирэ. Олус кырасыабайын этэллэрэ, ханна оҥоһуллубутун, туох суолталааҕын ыйыталлара. Мин санаабар, сахалыы киэргэнним, таҥынным да патриот буоллум диэн өйдөбүл сыыһа. Киһи дойдутуттан ыраах сырыттаҕына, куттуун-сүрдүүн тардыһан, сахалыы таҥаһы-сабы, киэргэли сэргиир буолар эбит.
Алена Давыдова, “Мүрүчээн” уһуйаан спортивнай инструктора:
— Биһиги сайын Олоҥхо ыһыаҕар «Тойон Мүрү» үҥкүү ансаамбылынан “TANAS”-тан спортивнай форма сакаастаан, туох да олус үчүгэйдик сылдьан кэлбиппит. Сыралҕан куйааска киһи этин тыыннарарынан табыгастаах, оһуора-мандара уурбут-туппут курдук бэртээхэй таҥас эбит. Аны инникитин дьиэ кэргэмминиин атыылаһыахпытын баҕарабыт.
— Тус бэйэм бу икки фирматтан таҥаһым суох. Сотору кыраныысса таһыгар сынньана барарбар атыылаһыам диэн баҕа санаалаахпын. Дьон сахалыы таҥаһы өйүүллэрэ кэрэхсэбиллээх. “Таҥас” футболкаларын, кофталарын бэлиэтии, сэргии көрөбүн. Эксклюзив буоллаҕа.
Сандаара Гаврильева, эдэр ийэ:
— “Тэтим” маҕаһыынтан ыалынан флисовай джемпердэри ыламмыт, олуһун сөбүлээн кэтэ сылдьабыт. Ону таһынан, чугас дьоммутугар бэлэх оҥорорбутугар бу маҕаһыынтан атыылаһааччыбыт.
Дьэ, ити курдук ыччат, билиҥҥи олох тэтимигэр сылдьар дьон санаата араас. Тус бэйэм сахалыы маҕаһыыннар үлэлэрин, сир аайы баар буолан эрэллэрин сэргии, астына көрөбүн. Ол эрээри, кырдьык, патриот буоларбытын таҥаспытынан эрэ буолбакка, дьыаланан, үрүлүйэр үлэнэн, үөрэҕинэн дакаастыаҕыҥ!
Уйгулаана ПОРТНЯГИНА,
ХИФУ устудьуона.