Румын тылын үөрэтэр Паша Бочкарева

27.08.2019
Бөлөххө киир:

Саха сириттэн тас дойдуларга үөрэнэр ыччат туһунан тиһиги быспакка сырдатабыт. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Уус Алдан Курбуһаҕыттан төрүттээх Паша Бочкарева туһунан кэпсиибит.

Паша М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун бүтэрэн баран, Румыния Яссы куоратыгар Александру Иоан Куза аатынан университекка магистратураҕа үөрэнэ сылдьар. Кини Румыния университетыгар хайдах туттарсыбытын, тугу үөрэтэрин, туох ыарахаттары көрсүбүтүн туһунан кэпсээнин саҕалыыр:

—Үөрэхпин бүтэрээри сылдьан, ХИФУ саайтыгар Румыния бырабыыталыстыбата 85 миэстэҕэ истипиэндьийэлээх куонкурус биллэрбитин туһунан биллэриини аахпытым. Ааспыт сыл олунньутугар көххө холонон көрөөрүбүн, докумуоннарбын ыыппытым, соһуйуом иһин, от ыйыгар “үөрэнэ кэл” диэн суругу туппутум. Визабын эккирэтиһэн, Румянияҕа кыратык хойутаан, күһүн тиийбитим. Ол да буоллар, үөрэх саҕалана, сорох устудьуоннар кэлэ илик этилэр.

Үөрэх бастакы сыла

—Туох идэтигэр үөрэнэҕин? Үөрэҕин туһунан кэпсээ.
—Эрдэ бырагыраамаҕа үөрэх румын тылынан буоларын сэрэппиттэрэ, онон бастакы сылы тылга анаатыбыт. Үөрэх сылын этэҥҥэ түмүктээтим, уон баалтан 9,5 баалы ыллым. Аны кэлэр үөрэх сылыттан психологияны үөрэтэн саҕалыыбын. Бу эйгэни уруккуттан олус интэриэһиргиибин, чугастык ылынабын. Тэрилтэҕэ үлэлиир психолог идэтин баһылыахтаахпын.

— Румынияҕа үөрэх систиэмэтэ хайдаҕый?
— Биһиэнигэр майгынныыр. Устудьуон үлэтин бииртэн уон баалга диэри сыаналыыллар. Үөрэх түмүктэниитэ сочуот, эксээмэн туттарабыт. Биһиги бастакы үөрэх сылын түмүктүүрбүтүгэр румын тылын таба суруйууга, ааҕыыга, саҥарыыга тургутууну ааспыппыт. Оҕолор “оҕо саада – алын сүһүөх оскуола – гимназия – лиссиэй – университет” систиэмэнэн үөрэнэллэр эбит. Алын сүһүөх кылаастар оскуолаларыгар үөрэнээччигэ сыана туруорбаттар эбит. Гимназияҕа уонна лиссиэйгэ үөрэхтэрин хайысхаларын талыахтаахтар. Олус элбэх чааһынай оскуола баар.

ХИФУ уонна Румыния

— ХИФУ-ну кытта тэҥнээтэххэ, румын устудьуоннарын эйгэтигэр киирэр хайдаҕый?
— Факультет аайы араас хабааннаах тэрээһин олус элбэх. Аһымал аахсыйалар, кэнсиэрдэр буолаллар. ХИФУ-га курдук, устудьуоннар идэлээх сойуустара баар, онон көхтөөх ыччат элбэх. Манна ордук болҕомтону волонтердарга уураллар эбит. Мин биир оннук тэриллиигэ сылдьыбытым. Үөрэҕэр ыарырҕатар устудьуоннарга көмөлөһөллөрүн сөбүлээбитим. Үлэҕэ киирэргэр резюмеҕа “волонтердаабытым” диэн суруйдаххына биһирэнэр эбиккин.

Румын тыла

— Румын тылын төһө биллиҥ? Үөрэтэргэ ыарахан дуо?
— Кэпсэтэбин, наадабын иҥнибэккэ быһаарсабын. Нуучча тылын курдук сыһыарыылара уларыйаллар, маарынныыр тыллар да элбэхтэр. Ордук итэҕэлгэ сыһыаннаах тыллар. Чэпчэкитэ диэн – хайдах суруллар да оннук ааҕыллар. Румын дьонун кытта элбэхтэ алтыһар буоламмын, тылы түргэнник ылынным дии саныыбын.

— Оттон омук устудьуоннара төһө элбэххитий? Сахалар бааллар дуо?
— Элбэхпит, атын омуктар ордук “Эрасмуһунан” (Евросойуус атастаһыкка устудьуоннары үөрэтэр, преподавателлэри үлэлэтэр бырагыраамата) үөрэнэ кэлэллэр эбит. Мин үөрэнэр бөлөхпөр Италияттан, Португалияттан, Люксембургтан, Лиссабонтан, Израильтан, Мароккоттан кэлбит устудьуоннар бааллар. Арассыыйаттан, Саха сириттэн, мин соҕотохпун.

Олохсуйуу, ыарахаттары көрсүү

— Хайдах усулуобуйаҕа олороҕун?
— Устудьуоннар уопсай дьиэлэригэр олоробун. Олорорго, үөрэнэргэ туох баар усулуобуйа барыта баар. Манна олорорбор ыйга 450 солкуобайы төлүүбүн. Үс миэстэлээх хоско румынкалыын дьукаахтаһан олоробут.

— Бастаан тиийэн баран туох ыарахаттары көрүстүҥ?
— Бастаан утаа билбэт эйгэбэр кэлэн хааламмын атыҥырыы санаабытым. Ол эрээри, киһи үөрэниэн, сайдыан баҕардаҕына, ону умнар. Төһө кыалларынан дьону кытта аһаҕас буолан, көхтөөхтүк барытыгар кытта сатаан, өйдөөбөтөхпүн ыйытан испитим. Тылы билбэтим мэһэйдээбитэ. Онон ангылычаан тылынан быһаарсар этим, аны Румыния саастаах өттө бу тылы билбэт. Кэлин румынныы удумаҕалатар буолан бараммын, харса суох кэпсэтэр этим, сыыһа саҥардахпына даҕаны өйдүүллэр, көннөрөллөр этэ. Бөлөхпөр бары омуктарбыт, онон мин эрэ маннык кыһалҕалаах буолбатахпын диэн санаалааҕым.

Инники былааннар

— Саха сиригэр хаһан кэлэҕин? Дойдугун аҕынныҥ дуо?
— Ахтан буоллаҕа дии. Ордук дьоммун уонна аспын ахтабын. Хаһан кэлэрбин билбэппин, кэлэ-бара сыана да ыарахан. Сайыҥҥы сынньалаҥмар сири-дойдуну көрөөрү хааллым.

— Үөрэххин бүтэрдэххинэ туох былааннааххыный?
— Саха сиригэр кэлэн идэбинэн үлэлиэҕим.

— Омук сиригэр үөрэнэ барыан баҕарар оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Киһи сайдарга, элбэҕи билэргэ-көрөргө дьаныһыахтаах. Дьоҥҥо аһаҕас буолуохха наада. Туохтан да туора туран хаалбакка, барытыгар көхтөөхтүк сыһыаннаһыҥ. Эдэр эрдэххэ сири-дойдуну көрүҥ, дьону кытта билсиҥ диэн сүбэлиибин.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0