Паром пассажирдара 110 – 220 солк. төлүөхтэрэ

05.10.2016
Бөлөххө киир:

Барыллааһын быһыытынан, Өлүөнэ өрүһүнэн айан-сырыы бу ый бүтүүтэ тохтотуллуохтаах. Онон мууһу солоон буксирдаах баржалар сылдьалларыгар тыҥааһыннаах гидрологическай балаһыанньа үөскүүр кэмигэр, паромнар үрдэтиллибит тарыыбынан массыыналары таһыахтара.

СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ балаҕан ыйын 27 күнүгэр таһаарбыт бирикээһигэр олоҕуран, Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан үрдэтиллибит тарыыптар бигэргэннилэр. Ол курдук 2,0 тоннаттан 2,5 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналарга 2485 солк., 2,5 – 3 тонналаах – 2940 солк., пассажирдары таһар оптуобустар, ол иһигэр 25 миэстэлээх – 4420 солк., 25 миэстэттэн үөһэ – 6905 солк., Икарус кылаастаах – 7875 солк., «ГАЗ» бары моделларыгар – 7870 солк., толору таһаҕаһы тиэммит прицептээх «КАМАЗ», «МАЗ», «УРАЛ», «КРАЗ» (с прицепом, полуприцепом двухосный свыше 12 м (груженый) – 56820 солк., 40 тоннаттан үөһээ ыйааһыннаах бульдозер – 44105 солк. быһыллыбыт.

Оттон пассажирдар, 5 – 10 саастаах оҕолор – 110 солк., улахан дьон – 220 солк. төлүөхтэрэ.

Анивера АКИМОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0