Пароходство үлэһиттэрэ элбэх оҕолоох ыалларга көмөлөһөллөр

Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө, «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо ууһуттара Маҕан, Жатай уонна Марха элбэх оҕолоох ыалларыгар көмөлөһөр үгэстээхтэр.

edersaas.

Ил Түмэн дьокутаата, пароходство генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионов аатыттан сибээс тиэхиньиическэй управлениетын начаалынньыга Валерий Греб Маҕан уонна Жатай элбэх оҕолоох ыалларын эҕэрдэлээн туран,  Саҥа дьыллааҕы  бэлэхтэри туттартаата. Ууһуттар Марха   дьаһалтатыгар  сылдьан уонча ыалга бэлэхтэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга биэрдилэр. Марха дьаһалтатын кылаабынай исписэлииһэ Татьяна Горохова: «Түгэнинэн туһанан, дьокутааппытыгар Сергей Ларионовка махтаныа этибит. Хас бырааһынньык ахсын элбэх оҕолоох ыалларбытыгар көмөлөһөр. Ийэ күнүгэр 180 ийэҕэ сибэкки дьөрбөтүн уонна бэлэх туттартаабыта. Бу сайын эмиэ элбэх оҕолоох ыалларга тутуу матырыйаалынан көмөлөспүтэ. Итиэннэ олохтоохтору өрүс кумаҕынан хааччыйар», – диэн  махталын биллэрдэ.

Оттон Мария Шкребт алта оҕолоох. Кыыстара Юлия Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарыгар үөрэнэр. «Мин кыыһым үөрэҕин бүтэрдэҕинэ хапытаан буолар баҕа санаалаах. Баҕар, «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходствоҕа» үлэлии киириэҕэ», – диэн Мария Андреевна санаатын үллэһиннэ.

Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0