«Парламент уонна бырабыыталыстыба хардарыта бииргэ үлэлээтилэр»

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ эһиилги уонна кэлэр икки сылга бүддьүөтүн дьокутааттар СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) ХХХI уочараттаах пленарнай мунньаҕар бүтэһиктээх ааҕыынан ылыннылар.

Бүддьүөтү ылыныы хаамыытын туһунан Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев санаатын үллэһиннэ:

— Мин бүддьүөтү оҥорор үлэ бары кыттыылаахтарыгар махтаныахпын баҕарабын. Кинилэр бары хас биирдии боппуруоһу, дьокутааттар уонна бырабыыталыстыба көннөрүүлэрин суһаллык уонна сиһилии үөрэттилэр. Онон, номнуо өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтэ оҥоһулунна.
Биһиги бүддьүөтү хаһааҥҥытааҕар даҕаны дохуот чаастаах ылынныбыт. Дохуот чааһа 264,5 миллиард солкуобайга тэҥнэстэ, маннык хаһан да буола илигэ.
Бу парламент уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын икки ардыларыгар үчүгэй хардарыта бииргэ үлэлээһини, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын көдьүүстээх үлэтин көрдөрөр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата үчүгэйдик үлэлээтэ.

Бүддьүөт дохуоттаах чааһа нолуокка эрэ буолбакка, нолуога суох чааһыгар эмиэ уларыйбытын бэлиэтиэххэ наада. Ити биһиги таһаарыылаахтык үлэлээбит бөдөҥ тэрилтэлэрбитигэр уонна аахсыйа өлүүлээх тэрилтэлэргэ сыһыаннаах. Ону сэргэ АЛРОСА хампаанньа дивиденнэргэ бастакы ааҕыыга 1 миллиард 300 солкуобайы эптэ.

Дьиҥэр, наһаа улахана суох үлэ ыытылынна. Ол эрэн, биһиги өссө 5-с ыҥырыыга ылыммыт үлэбит көрүҥэ, ол эбэтэр оробуочай хамыыһыйалары нөҥүө үлэ үтүө өрүттэрэ көһүннэ. Биһиэхэ, быраабыла курдук, 5 оробуочай хамыыһыйа тэриллэн үлэлиир.
Эбэн эттэххэ, бары хайысхаларга өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыттан — 250, норуот дьокутааттарыттан 189 көннөрүү киирбитэ. Мин үөрүөм иһин, дьокутааттар уонна бырабыыталыстыба киллэрэр көннөрүүлэринэн көрдөххө, биһиги биирдик толкуйдуубут уонна биир хайысханан баран иһэбит.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0