(“Сарыал кэпсээннэрэ” циклтэн)
Дьэ, аны Максим Ксенофонтов кэпсээнин мантан киэһэ ааҕыҥ.
«Ребенок может выучить абсолютно все,
и неважно, что это – простые детские
стишки или математика».
Глен Доман, автор методики воспитания вундеркиндов
Биирдэ мин геометрия уруогар “биэс” сыананы ылан турардаахпын. Ол маннык этэ.
Эдьиийим Ританы дьонум Дьокуускайга РФМШ-ҕа үѳрэттэрбиттэрэ. Кини кыра эрдэҕиттэн “сэгээр” диэн тылы уонна математиканы олус таптыыра.
Биирдэ Рита, сэттискэ үѳрэнэ сылдьан, Соняҕа:
− Эдьиий, эт эрэ, сэгээр, “Аль-дьиэбр уонна аль-мукабала” диэн тугуй? − диэн муокас ыйытыыны биэрбитэ.
Суоппушка кѳрѳ олорор “Крестьянка” сурунаалын туппутунан балтыгар хайыспыта, хаастара ѳрѳ иэҕиллэн тахсыбыта уонна:
− Тугуй, ол? – диэн Ритаттан тѳттѳрү ыйыппыта.
Онуоха, аҕам ыраастыы олорбут карабинын затворун остуолга тэлгэппит хаhыатыгар уурбута, уҥа ытыhынан бэскитин ѳрѳ имэриммитэ уонна күлэ-күлэ ыйыппыта:
− Туох диэтиҥ?
− Аль-дьиэбр уонна аль мукабала, − Рита тута сылдьар кинигэтин халлаан күѳх халаатын түѳhүгэр сыhыары туппута.
− Аал дьэбир уонна аал бу хабала, − хап-сабар аҕам кѳрүдьүѳстүк эппитэ. Сахалыы атылыытык иһиллэр тылларынан хатылаабытын истэн биhиги бары күлсүбүппүт, бэл, эбэбит эмиэ.
− Ити тохсус үйэҕэ суруллубут тырактаат. Ити үлэ аатыттан “алгебра” диэн термин үѳскээбитэ, − эдьиийим ол термини бэйэтэ айбыттыы чоргуйбута уонна кинигэтин кыбыммытынан, хоhугар чоноhуйа турбута.
− Рита-а! – Соня балтын кэнниттэн үѳгүлээбитэ,− биhиги эн курдук алгебраистка буолбатахпыт ээ!
Бары эмиэ күлсүбүппүт, оттон мин эдьиийим Рита математикаҕа, алгебраҕа сыhыаннаах кинигэлэри таптаан ааҕарын ытыктыы санаабытым.
“Аҕа кыыhа” Рита математика туhунан кэпсээтэҕинэ ѳрүкүйэрэ, хараҕа уоттанара. Хаhааҥҥы эрэ, былыр олоро сылдьыбыт математиктар тустарынан, билэр дьонун кэпсиир курдук сэhэргээччи.
− Стокс устудьуон сылдьан эксээмэни аатырбыт Максвеллга туттара олорон, биир кыайан дакаастана илик теореманы дакаастаабыт. Онтон ыла ол теорема Стокс теоремата дэнэр, − диэн биирдэ кэпсээбитэ.
Маамабыт кыыhын диэки оттомноохтук кѳрѳн, олорбохтоон баран:
−Оскуолаҕа Стокс туhунан үѳрэппиппин ѳйдѳѳбѳт эбиппин, − диэбитэ…
—Мин эмиэ, — диэбитэ аҕам.
—Мин сэрии иннинэ истибитим да, умнубуппун, — диэбитэ эбээбит.
—Ээс, кээс! Мин букатын истибэтэҕим! – эһээбит эппитигэр бары көхтөөхтүк күлсэн күйгүөрбүппүт.
— Оттон Израэль Гельфанд диэн 9-с кылааһы бүтэрбит уолу МГУ профессора, академик Андрей Колмогоров быһа аспирантураҕа ылбыта, — Рита биһигини эргиччи көрбүтэ.
— Ама? – диэбитэ Соня.
— Гельфанд 27 сааһыгар наука дуоктара буолбута. Кини орто оскуоланы бүтэрбэтэҕэ, университекка үөрэммэтэҕэ. Ол эрэн, высшай математикаҕа саҥаны сөҕүмэрдик арыйан, киһи-аймах сайдыытыгар, чопчу наукаларга олус элбэҕи оҥорбута, — эдьиийим мичээрдээбитэ.
Биирдэ Рита:
− Сарыал, сэгээр, Пифагор теорематын дакаастаа эрэ, сэгээр, − диэн миигиттэн кѳрдѳспүтэ.
Кыратык толкуйдаат:
− Пифагоровы штаны во все стороны равны, уоннааҕытын билбэппин, − диэт, билбэппин бигэргэтэрдии, кэтэхпин “туур-таар” тарбаммытым.
− Пифагор туhунан бэрт кыраны билэбит. Кини биhиги эрабыт иннинэ алтыс үйэҕэ олорбут. Аан дойдуга аан бастакынан, дьоҕурдаах ыччаты түмэн, математикаҕа уhуйар оскуоланы салайбыт. Уонна бэйэтин теорематын таhаарбыт.
Ол эрэн, кини иннинэ, икки тыhыынча сыл анараа ѳттүгэр, ити теореманы атын ньыманан дакаастыыры Евклид булбут. Кини геометрическай фигуралары тэҥнээн, итини ситиспитэ.
Евклид бары оччотооҕуга биллэр аксиомалары хомуйан, геометрия акылаатын уурбута. Евклид геометрията 19 үйэҕэ дылы улахан уларыйыыта суох туттуллан кэлбитэ, − эдьиийим уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээн барбыта, бэл, кыратык сынтаҕар муннун тѳбѳтүгэр бып-быыкайкаан таммахчааннар бычыгыраан тахсыбыттара.
Ол кэмҥэ эбэм ачыкытын уста-уста, диваҥҥа бра сырдык уотугар ааҕа олорбут хаhыатын тэлимнэппитинэн, биhиэхэ чугаhаабыта уонна мунаарбыт да, бэркиhээбит да куолаhынан ыйыппыта:
− Оччоҕо 19-с үйэҕэ диэри ол геометрияны салгыы сайыннарар тѳбѳлѳѳх киhи кѳстүбэтэх муҥа дуу? – ааҕарын быыhыгар сиэнин кэпсээнин истэ олорбут эбит.
− Ээ, сэгээр, бааллар бѳҕѳ буоллаҕа дии. Холобур, француз Гаусс, биир датчанин, биир англичан. Ол эрэн кинилэр үлэлэрэ систиэмэлэммэтэх этилэр.
Нуучча учуонайа Николай Иванович Лобачевскай саҥа систиэмэни киллэрэн, Лобачевскай геометрията диэн, саҥа хайысханы олохтообута.
Евклид биир биллэр аксиоматыгар “биир хапталга сытар туочукаҕа сыhыаннаан, атын хапталга сытар туочука нѳҥүѳ биир эрэ параллельнай сурааhын ыытыллар кыахтаах” диэн этиллэр. Ону Лобачевскай, “икки эбэтэр онтон элбэх параллельнай сурааhыны оҥоруохха сѳп” диэн дакаастаабыта.
Астроном учуонайдар Лобачевскай геометриятыгар олоҕуран, сулустар икки ардылара тѳhѳ ырааҕын хаттаан кээмэйдээбиттэрэ. Евклид геометриятын кѳмѳтүнэн урукку кээмэйдэммит дааннайдар алҕастаахтара биллибитэ.
Вильям Клиффорд сѳҕѳн-махтайан Лобачевскайы “Геометрия Копернига” диэн ааттаабыта, − Рита сулустар икки ардыларын ырааҕын бэйэтэ мээрэйдээбиттии кынтаччы туттубута, суhуохтарын хамсатан, мэктиэтигэр, тѳбѳтүн сиэлийэн ылбыта. – Оо, Пифагор теорематыттан биhиги тэйэн хааллыбыт дии.
Рита альбом ыраас илииhигэр бэрт түргэнник, линейкаламмакка даҕаны, утуу-субуу фигуралары тардыалаабытынан барбыта. Эбэбит диваныгар тѳннүбүтэ.
− Кѳр эрэ, сэгээр, бу, − биир схеманы ньолбоччу кырыллыбыт тыҥырахтаах сѳмүйэтинэн ыйбыта, − маны былыргы арабтар суруктарыттан булбуттара. Кинилэр Пифагор теорематын бэйэлэрэ билэллэринэн дакаастаабыттар эбит.
Мин эдьиийим кэпсиирин кэрэхсээн барбытым:
− Оттон атын омуктар билэллэрэ эбитэ буолуо дуо?
− Биллэн турар. Кѳр, сэгэр, бу былыргы кытайдар дакаастаабыт ньымалара. Маны бу үс муннукка тэҥнииллэр, маны – манна, онтон бу мантан перпендикулярнай сурааhын ыыппыттар. Оттон былыргы гректэр маннык гыммыттар, кѳр, бу.
Былыр геометрияны улахан үѳрэхтээх, учуонай дьон эрэ билэрэ. Кистэлэҥ кэриэтэ үѳрэх этэ. Билигин эhиги, чой оройдор, үѳрэтэҕит, − уҥа сѳмүйэтинэн миигин оройбун тобугуратардыы таарыйталаан ылбыта. Мин иҥнэх гынан, аhаран биэрбитим уонна испэр саҥа үѳскээбит ыйытыкпын биэрбитим:
− Оттон орто үйэлэргэ, 19, 20 үйэлэргэ саҥа дакаастабыллары булбуттара дуо?
− Дьэ, доо, булан, сэгэрим, − эмиэ альбом илииhигэр түѳрт муннуктары аҥардаталаан, үс муннуктары таhаарар, − Индия математиктара кѳнѳ муннукка биэс муннуктаах фигураны туруоран Пифагор теорематын дакаастаан баран, ол ньыманы “кийиит олоппоhо” диэн ааттаабыттара, − Рита харахтарыгар тэбэнэттээх уот кылахачыйан ылбыта.
− Ким кийииттээн эрэр? – дивантан эбэбит Феня куолаhа эйээрбитигэр эдьиийбинээн тэбис-тэҥҥэ күлэн тэhэ ыстаммыппыт.
− Эбээ, Рита, былыргы теорема туhунан кэпсиир ээ, − мин обургу соҕустук хардарбытым уонна эдьиийим диэки хайыспытым.
− Кѳр, сэгээр, биир учуонай бу теореманы “эбии ньыматынан” дакаастаабыт, онтон сотору буолаат, “кѳҕүрэтии методын” булбут.
Онтон, атын улахан ѳйдѳѳх киhи, “тѳгүл ньыматына”» дакаастабылы таhааран турар, − Рита альбом илииhин эргитээт, саҥа фигуралары тардыалыыр, − бу ньыма “паркет” дэнэр. Кырдьык, элбэх баҕайы, муннуктаах фигуралар кэккэлээбиттэрэ, омос кѳрѳргѳ, паркет курдук дьырдьыгынаабыт этэ.
Мин сѳҕѳ санаабытым: Пифагор “ыстаанын” туhунан теорема сүрдээх баай остуоруйалаах эбит! Бара сылдьар темабыт буолан, Ритаттан ити теореманы дакаастыыр ньымалары өссө быһаарарыгар, көрдөрөрүгэр көрдөспүтүм.
Геометрия уруогар Пифагор теорематын барбыппыт. Аныгыскы уруокка Елена Прокопьевна миигин дуоскаҕа таһаарбыта. Пифагор теорематын дакаастыырга сорудахтаабыта.
Мин сүрдээх эрэмньилээхтик туттан дуоска иннигэр кэлбитим, илиибэр миэли ылбытым уонна кылаас диэки эргиллэн бэрт чуордук:
— Бу теореманы 26 араас ньыманан дакаастыахха сөп. Ол иһигэр “паркет”, “эбии-көҕүрэтии”, “төгүл-түҥэтии”, “кийиит олох маһа ньымаларынан, ону тэҥэ арабтыы, кытайдыы, гректии, онтон даҕаны атыннык, — диэн саҕалаабытым.
Кылааһым оҕолоро бары мин диэки көрө түспүттэрэ, сэргэхсийэн, сэҥээрэн, дьиибэргээбиттии одууласпыттара. Кылаас сурунаалыгар тугу эрэ суруйан испит учууталбыт, солотуулаах кылдьыылаах ачыкытын устубута, мин диэки хайыспыта.
Түөрт араас ньыманан дакаастаабытым кэннэ, Елена Прокопьевна сурунаалга уонна дневникпэр “биэс” сыананы туруоран баран олордубута. Ити геометрияҕа бастакы «туйгун» сыанам этэ.
Ганя Трутин ити уруокка хоруйдаабыппыттан сылтаан, миэхэ Паркет диэн хос аат иҥэрбитэ да, хата, онто сотору умнуллубута.
Эдьиийим Рита математикаттан ураты дьэдьэннииирин уонна дьэдьэн барыанньатын сиирин олус таптыыра. Мин биир куруусканы, Софа икки куруусканы ылгыахпытыгар диэри кини үс куруусканы хомуйа охсоро.
Ол кыhын, Рита каникулугар кэлэ сылдьан баран, куоракка лиитирэлээх кырыыҥкаҕа дьэдьэн барыанньатын илдьэ барбыта.
Арай, дьонугар, абаҕабыт аахха тиийэн, массыынаттан тахсаат, бииргэ үѳрэнэр табаарыhын Попов Алёшаны кѳрсүбүт. Попов аттынааҕы подъезка аймахтарыгар ыалдьыттыы кэлэн иhэр эбит. Рита, абаҕатын аахха хонон баран, РФМШ интернатыгар (онтун “общагабыт” диирэ) барыахтааҕа. Рита таhаҕаhа элбэҕин кѳрѳн, Алёша тутуhан кѳмѳлѳhѳргѳ тылламмыт. Рита, биллэн турар, үѳрдэҕэ дии.
Дьэ, эдьиийим сумочкатын, кинигэлээх, фотоальбомнаах дипломатын ылбыт, Попов үрүссээги кытта барыанньалаах кырыыҥканы туппут. Подъезка киирбиттэрэ алаадьы сыта кэлэр эбит. Алёша, тугут курдук, таныытын тартаҥнаппыт уонна ымсыырбыттыы эппит:
− Дьонуҥ алаадьылаабыттар быhыылаах. Абыраммыт кыыскын, дьэ, билигин барыанньалаах алаадьы мотуйарыҥ буолуо. Дьонуҥ хаhыс этээскэ олороллоруй?
Рита тугу да хардарбакка, саннын эрэ ыгдах гыннараат, салгыы ыттан испит, онтон:
− Тѳрдүс этээскэ, − диэбит.
Арай, ол кэмҥэ кэннигэр кирилиэскэ туох эрэ үлтү түhэн “палк” гынар тыаhа иhиллибит. Рита эргиллэн кѳѳртѳ, доҕоор… дьэдьэн барыанньалаах кырыыҥката кирилиэс үктэлигэр… үлтүрүйэ сытар, барыанньа кытара ыhыллыбыт… Попов соhуйан, куттаммыттыы кѳрѳн чэҥэрийэн турарыттан, Рита букатын холкутуйан хаалбыт:
− Чэ, сэгээр, алдьаммыт, ол аата алдьаммыт. Хомуйан, ыраастаан кэбиhиэхпит. Аны, биир эмэ кыра оҕо дуу, кырдьаҕас дуу, халтарыйан охтуохтара, − баҕар, иhигэр булкаан курдук, дьэдьэнин барыанньатын аhыйан,оргуйан олорбута буолуо да, таhыгар ымыр да гымматах…
Нэдиэлэни быhа подъезд иhигэр дьэдьэн сыта дыргыйан кэлэ турбут.
Оттон Алёша Попов, үѳрэхтэрэ саҕаламмытын кэннэ,буруйдана санаан эбитэ дуу, Рита барыанньатын харыһыйан тымтыбатаҕын сѳбүлээн дуу, эдьиийбэр болҕомтотун биллэрдик уурар буолбут этэ.
Максим Ксенофонтов
Хаартыска http://bagnenko.name