Олоҥхону аан дойду таһымыгар бастакынан таһаарбыт француз доҕорбут Жак Карро
edersaas.ru
Арҕааҥҥы дойду ааҕааччытыгар анаан аан бастаан, саха омук улуу олоҥхото “Дьулуруйар Ньургун Боотур” 1990 сыллаахха нууччалыыттан француз тылыгар тылбаастанан, “Сибирь легендарная” диэн кинигэҕэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу Франция култуурунай олоҕор өтөрүнэн буолбатах, улахан интэриэһи тарпыт, ураты түгэн этэ.
Сайдыылаах дойдулар оччолорго Сибиир диэн ырааҕын, уйаара-кэйээрэ биллибэтин, киэҥин, тымныытын ааһан, бастатан туран, ахсаана биллибэт араас сир баайдаах дьикти дойду буоларын истибиттэрэ, интэриэһиргээбиттэрэ быданнаабыт эбит этэ. Онон, бу сахалар диэн ааттанар Сибиир норуотун эпоһын ким тылбаастаата, диэн ыйытааччы да элбээбитэ чахчы.
Оттон сахалар героическай эпостарын бастакынан нууччалыыттан (Г.У.Эргис тылбааһыттан) французтуу тылбаастаабыт киһинэн этнолог, тылбаасчыт, Парижка Франция Национальнай бибилэтиэкэтин научнай үлэһитэ Жак Янкель Карро буолбута.
“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо французтуу тылбаастанан тахсыытыгар киирии тылыгар Франция биллиилээх тюрколога, академик, Бочуоттаах легион уордьанын эписиэрэ, Академическай пальмалар уордьаннарын командора Луи Базен бу үлэҕэ дьоһуннаах, үрдүк сыанабылы биэрбитэ:
“Благодаря замечательной инициативе Жака Карро французская общественность получила возможность познакомиться с героическим эпосом о Ньургун Боотуре, мифическом предке якутов.
Это великое наследие традиционного устного творчества, безусловно, является одним из самых интересных памятников, дающих нам представление об уникальной картине мира народов, проживающих на просторах Сибири…
…Это первый опыт перевода якутского эпоса на французский язык, вероятно, имеет свои недостатки. Ведь ни один из французских исследователей-тюркологов, включая автора этих строк, еще не овладел якутским языком настолько, чтобы наверняка утверждать о том, что сделан идеальный прямой перевод. Но он был необходим. Мне, как специалисту, изучавшему в свое время оригинальные тексты некоторых тюркских сибирских эпических сказаний, которые по содержанию были куда более скромными по сравнению с эпосом о Ньургун Боотуре, но почти в том же ключе, кажется, что перевод Жака Карро, несмотря на некоторую странность, максимально предает очень специфическую атмосферу этого традиционного поэтического жанра, который погружает нас в таинственный мир шаманских мифов и вводит в миросозерцание с глубины седой древности”.
Бу киирии тылы нууччалыы Э.Т. Пономарев тылбаастаабыт. Жак Карро, баҕар, ханан эрэ, мөккүөрү тардар да этиилэрдээх эбит буоллаҕына, онон кини сыччах биири – сахалар букатын түҥ былыргы, дириҥтэн-дириҥ силистээх-мутуктаах омуктар буолалларын көрдөрүөн баҕарбыта, дииллэр эбит кинини билэр дьон.
Жак Карро диэн кимий? Кини 1944 сыллаахха балаҕан ыйын 23 күнүгэр Париж куоракка күн сирин көрбүтэ. Парижтааҕы Сорбонна университетын славянскай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Дьэ бу устудьуоннуу сылдьан, Арассыыйа, ордук Сибиир норуоттарын устуоруйаларын уонна култуураларын олус интэриэһиргээбитэ. Сибиир норуоттарыгар сыһыаннааҕы барытын болҕомтотугар ылан, элбэҕи ааҕар, матырыйааллары анаан хасыһар, чинчийэр, хомуйар эбит. Чуолаан бу умсугуйуута, дьарыга кинини Саха сирин устуоруйатыгар уонна култууратыгар сиэтэн киллэрбит…
Жак Карро саха олоҥхотун сүрэҕин баҕатынан ылынан, тус бэйэтин көҕүлээһининэн француз тылыгар тылбаастаан, 1990 сыллаахха аан дойду таһымыгар аан бастаан таһаарбыт тугунан да кэмнэммэт улахан, умнуллубат үтүөлээх.
Салгыы Жак Карро биһиги өрөспүүбүлүкэбит туһунан суруйан киирэн барбыта. Кини Ленинградка аспирантураҕа үөрэммит эбит. “Нууччалыы үчүгэйдик билэрэ”, — дииллэр Саха сиринээҕи доҕотторо. Саха сиригэр хаста даҕаны кэлэ сылдьыбыта. СГУ француз филологиятын устудьуоннарын кытта үгүстүк көрсүбүтэ. Оннооҕор ыраах улуустарга да тиийтэлиирэ. Холобур, Нам, Таатта улуустарыгар, Бүлүү куоракка сылдьыбыта биллэр.
1994 сыллаахха Жак Карро, Европаҕа киэҥник биллэр “Галлимар” диэн аатырбыт бөдөҥ издательствоҕа, саха төрдө-ууһа буолбут Эллэйтэн саҕалаан, 9 үһүйээни тылбаастаан, туспа кинигэнэн таһаартарбыта. Бу кинигэҕэ, оччолорго М.К.Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын француз филологиятын кафедратын дассыана, педагогическай наука хандьыдаата Лина Сабарайкина Платон Ойуунускай “Улуу Кудаҥсатын” сахалыыттан французтуу тылбаастаабыт айымньытын эмиэ киллэрбитэ.
Мин бүгүн учуонай, университет бочуоттаах бэтэрээнэ, биллиилээх тылбаасчыт, Арассыыйа тылбаасчыттарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, үгүс научнай үлэ, уус-уран кинигэ ааптара Лина Михайловна Сабарайкинаны көрсөн, кэпсэттим.
Француз тылын исписэлииһэ, учуонай, дойдулаах киһи буолан, кини Жак Карроҕа көмөлөспүтэ да элбэх, тыл үөрэхтээҕэ Жак Карро киниэхэ да көмөлөспүтэ аҕыйаҕа суох бөҕө буоллаҕа. Холобур, Лина Михайловна “Улуу Кудаҥса” французтуу тылбааһын киниэхэ көрдөрөн, сүбэ-ама ылан, бу айымньы Франция курдук сайдыылаах дойдуга бэчээккэ тахсарыгар суол арыллыбыта.
“Абааһы андаҕара” туох сыһыаннааҕый?
— Лина Михайловна, Жак Карро “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону француз тылынан тоҕо чуолаан проза жаанырыгар суруйбутун туһунан кэпсээччи этэ дуо?
— Литератураҕа, тылбааска “усталость формы” диэн өйдөбүл баар. Арыый научнайдык эттэххэ – “прагматический аспект высказывания в переводе” диэн. Аан дойдуга барытыгар туттуллар ньыма. Суруйааччы прагматикатын көрөр. Мин манна холобур курдук биир түгэни санатыым эрэ. Чэ, көрүҥ эрэ, Өксөкүлээх Өлөксөй “Абааһы андаҕара” – бу тылбаас дуо?! Көҥүл тылбаас. Манна Лермонтов “Демонын” ааҕааччыга тириэрдэргэ көҥүл тылбаас ньымата туттуллар. Оччолорго, 20-с сыллардааҕы саха, Өксөкүлээх “демон” диэбитэ эбитэ буоллар, ылыныа этэ дуо? Суох буоллаҕа. Алексей Елисеевич, аан дойдуга туттуллар ньыманан, прагматикатын көрөр. Кимиэхэ анаан суруйарын чопчу билэр буоллаҕа – саха дьонугар! Ол иһин, “Абааһы андаҕара” диир. Бу айымньытыгар Өксөкүлээх, хоһоон форматынан баран иһэн, эмискэччи прозаҕа көһөн ылар… Ону ааҕааччы да, үөрэхтээхтэр да туох да диэбэттэр ээ, салгыы ааҕан бара тураллар. Оттон Каррону, дьэ, тутуһуу бөҕөтө: “Почему так?”, “От чего так?”… Ити, тылбааска “усталость формы” диэн баар диэтим дии. Ити эмиэ прагматика! Ардыгар, сорох кэмҥэ үксүгэр даҕаны, дьон, хоһоонунан суруллубуту ааҕыахтарын баҕарбат буолан хаалаллар. Хоһоону атыыласпаттар. Поэзия кинигэтэ атыыга соччо барбат, бэйиэттэр бэркэ диэн билэллэр. Ону учуоттаан, Карро, кини арҕааҥҥы киһи буоллаҕа, саха олоҥхотун тылбааһын прозанан суруйар. Ол эрээри, Карро гиэнэ – син-биир – поэзия, хоһоон, “стихотворение в прозе”. Нуучча улуу суруйааччытыгар Иван Тургеневка итини үгүстүк аахпыт буолуохтаахпыт. Онон, ыллыҥ да мээнэ тылбаастаан кэбиспэккин. Ол судургу буолбатах. Ааҕааччыга айымньы ис тыынын, этэргэ дылы, “тылы буолбакка, айымньыга туох этиллибити, санааны чопчутук тиэрдэргэ” араас ньыма баар. Өксөкүлээх Өлөксөй “Демоны” хайдах курдук сахатыппыта, ааҕааччы бу айымньыны сахалыы хоһоон дииригэр өтө көстөр. Бу – үрдүкү маастарыстыбаттан тахсар. Бэйэтэ туспа уус-уран айымньы быһыытынан ылыныллыан сөп. Сэдэх көстүү. Карро олоҥхону прозанан суруйбутун мин итинник, Улуу Өксөкүлээх холобурунан быһаарыахпын сөп.
Серошевскайтан саҕалаан, Кыыл Уолугар тиийэ…
— Олоҥхону тылбаастыыр идиэйэ киниэхэ аан бастаан хайдах киирбитэ, биитэр ким көҕүлээбитэ дии саныыгын?
— Кини бэйэтэ. Аан бастаан Парижка, бибилэтиэкэҕэ Вацлав Серошевскай “Якуты” диэн кинигэтин аахпыт. Славянскай факультеты бүтэрдэҕэ. Төрүттэрин хайа эрэ өттүлэринэн поляк хааннаахпын диир эбит этэ. Онон да Серошевскайы чугастык ылыннаҕа дии саныыбын. Уонна, саамай сүрүнэ – бу “Сахалар” кинигэҕэ кини саха фольклорун аан бастаан билсэн, олус диэн дьиктиргээбит, интэриэһиргээбит. Ордук ойууннааһын кинини сөхтөрбүт. Хайдах курдук бу саха фольклорунан үлүһүйбүтүн, кини оччолорго Ленинград куоракка кэлэн аспирантураҕа киирбитэ, сахалары кытта сыал-сорук оҥостон билсиспитэ эмиэ туоһулууллар.
Ойууннары идеализируйдуур этэ. Бу – баайа-дуола суох, айан-суол аргыстаах, айылҕа биэрбитинэн, ырыаһыт-тойуксут дьоннор, диирэ. Манна биир холобуру аҕалыым. Сэргэй Зверев-Кыыл Уолун төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир кэммитигэр миэхэ уола Дмитрий Зверев кэлэн, аҕатын “Улуу Москуба туһунан тойугун” французтуу тылбаастыырбар көрдөспүтэ. Тылбаастаабытым уонна Жак Карроҕа көрдөрбүтүм, онуоха кини тоҕо эрэ сонньуйа түһэн баран, “Улуу Зверев – Ойуун буоллаҕа, кини метрону сөҕүө-махтайыа суохтаах этэ дии саныыбын… Үс дойдунан сылдьар киһи – барытын билэр буоллаҕа!” — диэбитэ. “Ойуун – это все!” диэн санаалааҕа. Кини, арҕааҥҥы дойду киһитэ, көрүүтэ итинник уратылардаах буолара… Оттон ытыктабыллаах Сергей Афанасьевич бириэмэтигэр, сэбиэскэй кэмнэргэ, хомуньуус баартыйаҥ даҕаны ирдэбилин бэйэҥ билэҕин… Итинник түгэннэр эмиэ баар буолаллара.
— Манна, Саха сиригэр, элбэх табаарыстаах, доҕоттордоох этэ дииллэр…
— Кырдьык, кини элбэх доҕордооҕо. Сахалар кинини киһи быһыытынан сөбүлээбиттэрэ, ылыммыттара. Учуонайдарбыт Василий Николаевич Иванов, Юрий Иванович Васильев-Дьаргыстай, Николай Климович Антонов барахсан, Федор Васильев диэн историк баара, Агафья Захарова, Василий Илларионов… бары үчүгэйдик сыһыаннаспыттара. Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруналыыстар даҕаны болҕомтолорун уурбуттара. Холобур, Иван Ушницкай сүрүн эрэдээктэрдээх “Орто дойду сонуннара” хаһыакка суруналыыс Валентина Бочонина элбэх ыстатыйаны бэчээттэппитэ. Атын да хаһыаттар, суруналыыстар суруйаллара. Оттон Парижка Жак Каррону аан бастаан көрбүт, кини баҕа санаатын учуоттаан, Саха сириттэн официальнай ыҥырыы тутарыгар хайа эрэ өттүнэн өҥөлөөх киһинэн Надежда Семеновна Толбонова буолар.
Көҥүл. Көҥүл…
— Лина Михайловна, эн үлэҥ сүнньүнэн үгүстүк алтыспыт киһи көрүүгүнэн, уопсайынан, кини хайдах киһи этэй?
— Мин санаабар, кини дьиҥнээх интэлигиэн киһи, арҕааҥҥы дойду интэлигиэнэ киһи этэ. Арҕааҥҥы буолла да – барыта куһаҕан диэн буолбатах ээ! Арҕаа — Запад диэн, туох да диэбит иһин, элбэҕи биһиэхэ биллэрбит, көрдөрбүт дойду буоллаҕа. Улуу бөлүһүөктэр, өйдөөхтөр, суруйааччылар, худуоһунньуктар, араас талааннар тахсыбыт дойдулара буоллаҕа. Устуоруйа даҕаны кэрэһилиир дии – нуучча ыраахтааҕылара арҕаа дойдулартан үөрэнэллэрэ элбэх этэ. Ордук Францияттан, Германияттан… Мин билигин, Жак үгүстүк “көҥүл”, “көҥүл киһи, лиичинэс” диирин өйдөөн кэлэбин. Киһи санаатын көҥүллүк этиэхтээх, бэйэтэ тус санаалаах, көрүүлээх буолуохтаах диирэ. Дьоҥҥо сыһыана олус үчүгэй, истиҥ, корректнай этэ. Олус сэмэй этэ. Хаһан даҕаны бэйэтин кэпсэммэт, дьоҥҥо илин-кэлин түспэт, эгэ киһиргиэ баара дуо?! Суох. Дьэ, киэҥ-холку, сымнаҕас майгылаах киһи диэн кини этэ. Киниэхэ туорайдаһааччы да баара. Учуонай буолбатах да диэччилэр бааллара. Оттон мин санаабар, кини дьиҥнээх чинчийээччи, учуонай. Норуодунай учуонай… Норуодунай бэрэпиэссэр диэн өйдөбүл баар дии — элбэх, көдьүүстээх үлэлээх преподаватели ытыктаан итинник ааттыыллар. Холобур – Василий Никитич Протодьяконов. Кини дьиҥнээх норуодунай бэрэпиэссэр этэ.
Жак Каррону араастаан баһааҕырда сатааһын да суох буолбатах этэ. Кини онно эрэ кыһаммат этэ, син-биир эппитин этэ турар, оҥорбутун оҥоро турар киһи этэ. Эгэ гонорар эҥин диэҥҥэ кыһаллыа дуо?! Болҕомтотун онно эрэ уурбат этэ. Киниэхэ сүрүнэ – матырыйаала эрэ таҕыстын! Олус сэмэй этэ диэн өссө төгүл хатылыыбын. Дэлэҕэ, итиччэни үлэлээн баран, өрөспүүбүлүкэбит салалтатыттан саатар биир кыракый көннөрү кумааҕы сыыһа – махтал бэлиэтин туппакка эрэ бу Орто дойдуттан барыа дуо?!..
— Сахаларга хайдах сыһыаннаһар этэй?
— Ордук улуустартан сүргэтэ олус көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн кэлэрэ. Сахалары ыраас дьоннор диирэ – көнө-судургу, эйэҕэс, ыалдьытымсах, чиэһинэй… Ол эрээри биирдэ, “бу көнө-ыраас дьоннор, цивилизацияҕа киирэн буккуһаннар, бэйэлэрин сүтэрбэттэрэ буоллар…”, — диэбитин өйдүүбүн.
Валерий Чиряев уонна Варя Потапова өҥөлөрө
— Эн Платон Ойуунускай “Улуу Кудаҥсатын” сахалыыттан французтуу тылбаастыыргар туох көмөлөспүтэй? Жак Карро Саха сиригэр кэлиэн иннинэ саҕалаатаҕыҥ дии, тылбааскын?
—Мин 1964 сыллаахха Иркутскайдааҕы Омук тылын институтун бүтэрбитим, онтон Москваҕа Морис Торез аатынан Омук тылын институтугар 2 сыл үрдүкү кууруска үөрэммитим. Дьэ, үөрэхпин бүтэрэн, ахтылҕаннаах Дьокуускайбар кэлиибэр – манна туох интэриэһинэй баарый, биир дойдулаахтарым тугунан олороллоруй, диэх курдук санаалар кииритэлииллэрэ… Литератураны олус интэриэһиргиибин. “Сэргэлээх-2”-тэ уопсайга, Нам кыргыттара, устудьуоннар, балтым дьүөгэлэрэ олороллоро, онно сылдьарым. Саха чулуу ыччаттара тугунан дьарыктаналларын көрөрүм-истэрим. Ол сырыттахпына биирдэ устудьуон кыргыттар, Варя Потапова диэн кыыс баар, хоһоон суруйар эҥин, диэтилэр. Арай доҕоор, Варям, биир үтүө күн, “күп-күөх халлааҥҥа этиҥ эппитинии” – хоһоон суруйан таһаарбат дуо! “Дьиҥнээх таптал баар дуо?!” – диэн ис хоһоонноох курдуга да, дьэ, мээнэ таптал туһунан буолбатах курдук өйдөөбүтүм. Олус дириҥ, таайтарыылаах ис хоһооннооҕо. Күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. “Баарын да иһин бүтэр ини… Сүүрүк ат бөтөрөҥнөөн тэппитинии, сибэкки биир ый чэчирээн, кэхтибитинии…”. Олус күүстээх тыллар, санаалар… Дьэ мин, кыыс туһуттан долгуйабын, “хаарыан кыыс…” диибин… Өйдүүр буоллаҕым. Ымсыы да дьоннор, куһаҕаны саныыр да дьоннор баар буолааччылар. Хата, этэҥҥэ ааспыта быһыылааҕа… Биһиги билсиспиппит.
Биирдэ арай Варя миэхэ саппыыска ыыппыт: “Лина, бүгүн “Эдэр коммунист” эрэдээксийэтигэр “Хомус” түмсүү буолар. Ааспыкка барыта эр дьон этилэр, онон, хайаан даҕаны кэл!” диэбит. Анастасия Саввична Сыромятникова салайар литературнай түмсүүтүгэр мин бу иннинэ да дөрүн-дөрүн сылдьарым. Кырдьык, суруйар кыргыттар соччо көстүбэт этилэрэ. Кыратык хойутаан тиийдим – арай, Намҥа 4-5-с кылаастарга үөрэппит учууталым Валерий Георгиевич Чиряев кэпсии-ипсии аҕай турар эбит ээ! Толло быһыытыйан буолуо — ыраах, кытыыга олордум. Арай, учууталым, оччолорго биллиилээх бэйиэт, тылбаасчыт: “Ойуунускай аата тилиннэ. Ол гынан баран, кини “Улуу Кудаҥсатын” тылбаастаабаттара буолуо ээ…”, — диэтэ тоҕо эрэ. Ити 1967 сыллаахха этэ. Дьэ мин, ол киэһээ дьиэбэр сүүрэн тиийдим уонна “Улуу Кудаҥсаны” ылан аахтым. Сороҕун ийэбиттэн ыйытабын, сорох тылын тылдьыкка көрөбүн… Үһүс-төрдүс ааҕыыбар дьэ өйдөөтүм ээ – улуу айымньы эбит! Онон, тылбааска ылсыбыппар учууталым Валерий Георгиевич Чиряев уонна эдэр сааһым дьүөгэтэ Варя—Варвара Потапова өҥөлөрө, санаабар, эмиэ баар курдуктар… Итинник, барыта ыраахтан саҕаламмыта диэри ити түгэни аҕынным. Онон, хайа да тылбааһы ыллыҥ да оҥорон кэбиспэккин.
Суолтата
—Тылбааскар ылсыстыҥ…
—Эмиэ, тутатына буолбатах. Ол гынан баран, учууталым хаһан эрэ “Улуу Кудаҥсаны” тылбаастыахтара суоҕа!”, — диэн хомойон эппитин өйдүү сылдьабын. Кыралаан дьарыктанабын. Онтон дойдуга “уларыта тутуубут” кэллэ. Көҥүл… Тылбааспар холонор курдук буоллум. Жак Карро Саха сиригэр аан бастаан кэлэригэр “Улуу Кудаҥса” I чааһын французтуу тылбаастаан бүтэрбит этим.
Кини аан маҥнай 1988 сыллаахха сайын саҥатыгар кэлбитэ. СГУ-га, устудьуоннарбар ыҥыран, кафедраҕа көрсүһүү тэрийбиппит. Олус истиҥ, интэриэһинэй кэпсэтии тахсыбыта. Устудьуоннар да, преподавателлэр да, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ.
— Жак Карро “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону французтуу тылбаастаан бэчээккэ таһаарбытын суолтатын, биллэн турар, өйдүүбүт, ол гынан баран, бу чинчийээччи-учуонайы кытта бииргэ үлэлэспит киһи — Эн бэйэҥ туох дииргин истибит киһи…
— Мин итиннэ эмиэ, улахан учуонай, академик, ытыктыыр киһим Василий Николаевич Иванов этиитигэр сигэниэхпин баҕарабын. Кини: “Биһиги эпоспыт француз тылыгар – ЮНЕСКО тылыгар хайаан даҕаны тылбаастаныахтаах диэн куруутун этэбин. Мин бу ыра санаабын аан бастакынан биһиги француз доҕорбут Жак Карро олоххо киллэрдэ, онон, биһиги олоҥхобут норуоттар икки ардыларынааҕы статустанна!”, — диир. Суолтата итиннэ сытар. Жак Карро олоҥхону французтуу тылбааһа, ЮНЕСКО биһиги сахалар эпоспытын киһи аймах чулуу айымньытынан – шедевр буоларынан билиниитигэр бигэ тирэх буолбута!
— Лина Михайловна, интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтал!
Дьон санаата
“Мин олоҥхону иһиттим…”
Надежда ТОЛБОНОВА, 80-с сылларга өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтин методкиинин сэбиэдиссэйэ, дириэктэрэ:
—1987 сыллаахха буолуо, Франсуаза Грюнд диэн Фольклор Аан дойдутааҕы дьиэтин дириэктэрэ, Сибиир норуоттарын фольклорун интэриэһиргээн, Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта. Хомуһу, тойугу, олоҥхону олус сөбүлээн, биһигиттэн 10 киһилээх дэлэгээссийэни Европа дойдуларынан турнеҕа ыҥырбыта. 40 күн устата Франциянан, Германиянан, Италиянан сырытыннарбыта. Биһиги тойуксуттарбыт Николай Сафонов, Александра Артемьева, Егор Тимофеев, Валентина Варламова, хомусчутарбыт Иван Алексеев, Спиридон Шишигин, Римма Жиркова, Петр Оготоев, Альбина Дегтярева толоруулара омук дьонун сөхтөрбүтэ.
Парижка кэнсиэрдээбиппит кэннэ, тэрийээччилэртэн ыйдаран, гостиницабытыгар биир олус интэлигиэн, ис киирбэх көрүҥнээх эдэр киһи тиийэн кэлбитэ уонна: “Мин олоҥхону иһиттим…” , — диэбитэ. Ол Жак Карро этэ. Нууччалыы да бэркэ саҥарара, онон, тута өйдөспүппүт, уопсай тылы булбуппут. Егор Тимофеев уонна Александра Артемьева “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардан толорбуттарын олус хайҕаабыта, сэҥээрбитэ. Дойдубутугар кэлээт, бу көрсүһүү туһунан Гуманитарнай чинчийии институтугар тиийэн, кэпсээбиппит. Оччолорго бэрэпиэссэр Евдокия Иннокентьевна Коркина институт дириэктэрэ, Николай Васильевич Емельянов фольклор салаатын сэбиэдиссэйэ этилэр. Култуура министиэристибэтэ, институт, Жак Карроҕа ыҥырыы оҥорбуттара.
Кини саха тылыгар “ҕ”, “дь”, “ҥ”, уһатыылаах “ө” дорҕооннор баалларын, наука өттүттэн көрөн, олус интэриэһиргиирэ. Олоҥхону истэрэ, айымньы тылын-өһүн чинчийэ, быһаарса сатыыра. Куруутун блокноттаах буолара, бэлиэтэнэрэ, сурунара. Холку, сэмэй, саҥата суох үлэлии эрэ сылдьара. Олоҥхону французтуу тылбаастаан, аартыгы арыйбыта… Кини үлэтэ ситэ сыаналаммакка хаалбыта. Өссө да кэлиэҕэ дии саныыр этибит да, кэлбэтэҕэ…
Олоҥхону ЮНЕСКО тылыгар тылбаастаабыт өҥөлөөх
Василий ИВАНОВ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо научнай-чинчийэр институтун дириэктэрэ, историческай наука дуоктара, бэрэпиэссэр:
—Тыл уонна литература институтун, оттон 1995 сылтан Гуманитарнай чинчийии институтун дириэктэринэн үлэлиир сылларбар, гуманитарнай наукаларга чинчийэр үлэлэрбитин таһынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын национальнай, тылга уонна култуураҕа нэһилиэстибэлэрин араҥаччылааһыҥҥа элбэх үлэни ыытарбыт.
Институппут, норуоттар икки ардыларынааҕы сибээстэри кэҥэтии чэрчитинэн, атын научнай институттары, ол иһигэр, быһаччы, омук дойдуларын наукаҕа уонна култуураҕа диэйэтэллэрин кытта бииргэ үлэлэһэрэ. Сибээс олохтоноро, холбоһуктаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр ыытыллаллара, онно биллиилээх учуонайдар кыттыыны ылаллара. 1988 сыллаахха ыытыллыбыт “Сибиир уонна Уһук-Илин норуоттарын фольклорга нэһилиэстибэлэрэ” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ Новосибирскайтан бэрэпиэссэр, саха тылын биллиилээх чинчийээччитэ Елизавета Убрятова, бэрэпиэссэр В.М.Наделяев уо.д.а. үгүс учуонайдар ортолоругар институт ыҥырыытынан Францияттан Жак Карро, кэлбиттэрэ. Ол кэмҥэ кини “Дьулуруйар Ньургун Боотур” саха эпоһын француз тылыгар тылбаастыы сылдьара. Кэлин эмиэ хаста даҕаны кэлэн, институт архыыбыгар үлэлээбитэ, олонхоҕо сүрүннүүр исписэлиистэри кытта консультациялаһара, араас улуустарга олоҥхоһуттары кытта көрсүтэлиирэ. Мин кинилиин бэсиэдэлэспитим. Жак Карро, К. Оросин “Ньургун Боотур” олоҥхотун тылбаастыырыгар, биһиги киниэхэ институппутугар үлэлиир усулуобуйаны биэрбиппит улаханнык көмөлөспүтүн иһин, махтанара.
Биһиги эпоспыт пааматынньыгын тылбаастааһын, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ култуурунай олоҕор бөдөҥ сабыытыйанан буолбута. Карро история, этнография боппуруостарын, итиэннэ Саха сирин аныгы олоҕун олус интэриэһиргиирэ. Кинилиин, интэлигиэн киһилиин, бэрт истиҥник кэпсэтэрбит-ипсэтэрбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитин, саамай кылаабынайа – дьонун-сэргэтин сөбүлээбитэ өтө көстөрө.
Саха эпоһа француз тылыгар – ЮНЕСКО тылыгар хайаан даҕаны тылбаастаныахтаах диэн куруутун этэрим. Мин бу ыра санаабын аан бастакынан биһиги француз доҕорбут Жак Карро олоххо киллэрбитэ, онон, биһиги олоҥхобут норуоттар икки ардыларынааҕы статустаммыта диэн билигин даҕаны хатылыыбын.
17-с кыбаарталга – фрактаах!
Жак Карро биир кэлиитигэр, ол 80-с сыллар бүтүүлэрин диэки буолуо, талааныгар сүгүрүйэрэ бэрт буолан, хайаан даҕаны көрсүөхтээхпин диэн, саха норуодунай худуоһунньуга Тимофей Степановка дьиэтигэр бара сылдьыбыт этэ. Ол туһунан Тимофей Андреевич кэргэнэ, юрист, суруналыыс Нина САННИКОВА маннык ахтар:
—Маэстроҕа барабын диэн, фрак кэтэн кэлбитэ… Оттон биһиги Дьокуускай 17-с кыбаарталыгар 1 хостоох “ч/б” дьиэҕэ олоробут… Бэйэҕит да сэрэйдэххит, таһырдьа хайдах хартыына көстүбүтүн… Кыһын, туман бөҕөтө! Учуонайдар Лина Сабарайкина уонна Агафья Захарова арыаллаан аҕалтара. Кини, Сергей Васильев “Эр соҕотох бухатыыр” олоҥхотун тылбаастаан таһаарарыгар Тимофей олоҥхоҕо үлэлэриттэн киллэрбит этэ.
Санаабар, бэлэмнэнэ сатаабыппыт. Убаһа этиттэн лангет оҥорбутум. Тоҥ балык кыспыппыт… Туох дии санаабыта эбитэ буолла? .. Урукумуонньукпут игин боростуой буоллаҕа… Аны төлөпүөммүт суох. Кини, мантан ханна эрэ барыахтаах эбит этэ, ону, хойутуур буолбутун сэрэтээри, ыаллыы дьиэҕэ олорор төлөпүөннээх Ульянаны кэтэспиппит аҕай. “Телефонная дама пришла?”, — диэн, маҥнай ыйытан-ыйытан баран, кэлин ыйыппат да буолбута. Тимофейдыын олус үчүгэйдик кэпсэппиттэрэ, бэйэ-бэйэлэрин айар үлэлэрин интэриэһиргээбиттэрэ өтө көстөрө. Ити 1987 дуу, 1989 дуу сыл этэ.
Тимофейым, өйдөөх киһини көрсөн, дьиэтигэр ыалдьыттатан, ирэ-хоро кэпсэтэн, дьол бөҕөтө этэ. Бу көрсүһүү туһунан Жак Карро дойдутугар тиийэн баран, арааһа, суруйдаҕа буолуо. Чуолкайын билбэппин. Бу кэнниттэн кини Саха сиригэр кэлбэтэҕэ быһыылааҕа…
Варган I кэнгириэһигэр Германияттан кэлэн кыттыбыт 2 дьахтар, Тимофей Андреевич ойууннааһыҥҥа быыстапкатын өссө көрүөхтэрин баҕаран, көрдөһө кэлэ сылдьыбыттара. Дьиэбитигэр далаһанан хааман киирбиттэрэ. Мин кыбыстан бөҕөбүн… Тимофей кыһаллыбат.
1977 сыллаахха Москваҕа Репинканы, бастакы реставратордар, 5 эрэ буолан бүтэрбиттэр. Тимофейы Эрмитажка реставраторынан үлэҕэ хааллара сатаабыттар эбит, ону, “Олоҥхону дойдубар эрэ суруйуохтаахпын!”, — диэн Сахатын сиригэр тиийэн кэлбит…
Ити 17-с кыбаарталга уопсайа 7 сыл олорбуппут, онтон 1994 сыллаахха саҥа таас дьиэҕэ кыбартыыра биэрбиттэрэ.
Француз Жак Карро, талааныгар сүгүрүйэр буолан, Тимофей Андреевичка ыалдьыттаан ааспытын умнубаппын.
ЮНЕСКО-ҕа хардыыны оҥорбута…
Василий ИЛЛАРИОНОВ, филологическай наука дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ:
—Тылбааһа көҥүл проза киэбинэн оҥоһуллубут — кэпсээн курдук эбит этэ. Фольклористартан ордук Прокопий Елисеевич Ефремовы кытта алтыһара. Биирдэ “Саха сирин норуоттарын мифологията” кэмпириэнсийэҕэ кыттыбытын өйдүүбүн…
Жак Карро Саха олоҥхотун француз тылыгар тылбаастаан, Европаҕа Саха олоҥхотун туһунан өйдөбүлү, сөҕүүнү-махтайыыны киллэрбитэ, ЮНЕСКО-ҕа шедевр быһыытынан билинэллэригэр маҥнайгы хардыыны оҥорбута.
ХХХ
Жак Карро Саха сирин кытта олус айымньылаахтык үлэлэспитэ. Олоҥхону таһынан Айсен Дойду, Август Муран, Василий Лебедев, Ирина Дмитриева курдук, о.д.а. бэйиэттэр хоһооннорун французтуу тылбаастаабыта.
Күн сириттэн барбытын кэннэ доҕотторо, уопсастыбаннас Жак Карроҕа, саха култууратыгар уонна аан дойдутааҕы эпосоведениеҕа кэмнэммэт кылаатын, олоҥхону аан дойдуга таһаарыыга улахан өҥөтүн иһин, Былатыан Ойуунускай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэ лауреата ааты иҥэрэн, кини сырдык аатын үйэтитэргэ этии киллэрэ сылдьыбыттара…
Алтыспыт, бииргэ үлэлэспит дьоно, кинилэр ортолоругар филологическай наука кандидата Юрий Васильев-Дьаргыстай, историческай наука дуоктара Екатерина Романова, киинэ режиссера Алексей Романов, Муусука уонна фольклор мусуойун дириэктэрэ Аиза Решетникова, искусствоведение кандидата Галина Алексеева, педагогическай наука кандидата Изабелла Борисова, уо.д.а. “Орто дойду сонуннара” хаһыакка тахсыбыт, о.д.а. ахтыыларын түмэн, СГУ доцена Лина Сабарайкина уонна суруналыыс Валентина Бочонина 2014 сыллаахха “Олоҥхоҕо умсугуйан” диэн кинигэ хомуйан бэчээккэ таһаарбыттара.
“Кини аата Саха сирин суверенитетын кытта ситимнээҕэ символичнай”, “Саха норуотун үрдүк таһымҥа таһаарбыт киһи!”, “Кини туһунан киинэ оҥорор наада” , “Кини, “Саха сирэ – мин тапталым!”, — диэбитэ”, “Саха этноһын чинчийээччи”, “Саха эпоһын – олоҥхону тылбаастаан, атын омуктарга билиһиннэрээччи”. “Биһиги ыраах Францияҕа Дьулуруйар Ньургун Боотурбутун, Эр соҕотох Эллэй Боотурбутун, Улуу Кудаҥсабытын сүтэрбит эбиппит. Бырастыы гын, биһигини, сахалары…”. “Жак Карро биһиги норуоппут туһугар бэйэтэ Олоҥхо бухатыыра, ыраас сүрэҕинэн, үрдүк санаатынан, сүдү үлэтинэн улуу эйэни олохтооччу, аан дойду киһитэ буолар…”. Бу барыта Жак Янкель Карро туһунан махталлаах саха дьонун этиилэрэ.
Саха норуотун туһугар маннык элбэҕи оҥорбут киһи аата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа дии саныыбын.
Татьяна МАРКОВА.