Паралимпиада кыттыылааҕа волейболистка Алена Дмитриева Дьокуускайга кэллэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускай аэропуордугар Токиотааҕы Паралимпиада кыттыылааҕын Алена Дмитриеваны үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстүлэр. Олорон эрэ волейболга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандата бэһис буолары ситистэ.

Алена Дмитриеваны чугас дьоно, доҕотторо, СӨ Успуорка уонна физическэй култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Леонид Спиридонов, СӨ инбэлииттэрин физкултуураҕа уонна успуорка ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Николай Дегтярев, Успуорка бэлэмнэнии киинин, Адаптивнай физкултуура уонна успуорт киинин салалталара көрүстүлэр, эҕэрдэлээтилэр.

«Биһиги хамаандабытыттан элбэҕи күүппүттэрэ, эрэммиттэрэ. Кытай, АХШ уонна Арассыыйа буоламмыт күүстээх бөлөххө түбэһэн күрэхтэстибит. Ол түмүгэр бэһис буоллубут. Мин көрүүбэр, дьоһуннаахтык кииристибит, бу биһиэхэ улахан ситиһии буолар.

Паралимпиаданы үрдүк таһаарыылаахтык тэрийбиттэр. Арыллыытыгар сылдьыбытым, тэрийээччилэр ымпыгар-чымпыгар тиийэ барытын үрдүк таһымҥа оҥордулар. Күрэхтэһиигэ бастаан нападающайынан туруорбуттара. Онтон Италияны кытта бүтэһик оонньууга мээчикпин хаста даҕаны сөпкө биэрбитим», — диэн Алена Дмитриева санаатын эттэ уонна биир дойдулаахтара өйөбүл буолбуттарыгар махтанна.

СӨ Успуорка уонна физическэй култуураҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0