Пандемия уонна көмпүүтэргэ ылларыы

Ааптар: 
15.08.2021
Бөлөххө киир:

Сүүрбэччэ-отучча сыллааҕыта аны олохпут барыта көмпүүтэри, төлөпүөнү кытта сибээстээх буолуо диэн сэрэйэн даҕаны көрбөт этибит. Ол эрээри, сайдыы ити көрүҥэ киһи аймахха содула эмиэ баар. Билиҥҥи кэмҥэ, этэргэ дылы, икки бүк тоҕоостоох — дьаҥ да баар, оҕо аймах гаджекка олоруута даҕаны үксээтэ. Бу улахан суолталаах тиэмэ бүгүҥҥү күҥҥэ диэри үксүгэр быраастар харахтарынан сырдатыллан кэллэ. Онтон психологтар туох көрүүлээхтэрин истээри, ХИФУ психологияҕа институтун быйыл бүтэрбит, дипломнай үлэтигэр тустаах тиэмэни чинчийбит Николай Харлампьевтыын кэпсэттибит.

edersaas.ru

ПСИХОЛОГ ИДЭТЭ

— Николай Серафимович, ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэрэриҥ буоллар. Тоҕо куоракка оскуоланы бүтэрбэккэ икки бүтэһик сылгын Булгунньахтаахха үөрэммиккиний? Тоҕо психолог идэтин талбыккыный?

— Бэйэм Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕыттан төрүттээхпин. Тыа сиригэр үөрэнээччитин ахсаана аҕыйах. Куорат оскуолатыгар кылааска ортотунан 31 оҕо үөрэнэр эбит буоллаҕына, тыа сиригэр —15. Ол иһин арыый биирдиилээн тутан олорон үөрэтэллэрэ буолаарай дуу, диэн Булгунньахтаахха баран бүтэрбитим.

Историк идэтигэр туттарсар баҕалаах этим да, баалым тиийбэтэҕэ. Онон сайабылыанньабын психология институтугар биэрбитим. Эмиэ нуучча тыла, история, обществознание биридимиэттэрэ ирдэнэллэрэ. Исписээлинэһим — “психолог-педагог девиантного поведения”. Девиантнай поведение диэн — социальнай нуорматтан кэһиллиилээх майгы-сигили.

Маннык идэлээх психологтар уустук майгылаах улаатан эрэр оҕолору, күлүгээттэри, хаайыылаахтары кытта үлэлэһэллэр.

ДЬИЭТТЭН ҮӨРЭНИИ УОННА КӨМПҮҮТЭРГЭ ЫЛЛАРЫЫ

— Улаатан эрэр оҕолор көмпүүтэргэ ылларыыларын кэтээн көрбүккүн. Тустаах боппуруоһу тоҕо, туохтан сиэттэрэн үөрэтэргэ санаммыккыный? Түмүк хайдаҕый?

— Былырыын кулун тутарга локдаун биллэриллибитэ, үгүс тэрилтэ ыраахтан олорон үлэҕэ көспүтэ, сорохтор сабыллыбыттара. Ол кэмҥэ билимҥэ салайааччым дипломуҥ тиэмэтин толкуйдаа диэн эппитэ. Мин уһуннук толкуйдуу барбакка, билиҥҥи кэмҥэ тирээн турар боппуруоһу — дьиэттэн олорон үлэ, үөрэх оҕо психологическай доруобуйатыгар хайдах дьайарын кэтээн көрөргө санаммытым.

Маҥнай оскуолаларга тахсан кэпсэтии ыыппытым, санаабын биллэрбитим. 14-тэн 17-гэр диэри саастаах сүүс оҕону (50 кыыс, 50 уол) талбытым. Оҕолор ыраахтан олорон үөрэнэр буолан, чинчийиибин эмиэ ол ньыманан ыытарга күһэллибитим. Бастаан ким көмпүүтэртэн, интэриниэттэн тутулуктааҕын дуу, суоҕун дуу билэрим ирдэнэрэ. Ол иһин маҥнай ону үөрэппитим, салгыы бөлөхтөргө араартаан, тутулуктаах оҕолору туспа кэтээн көрбүтүм, туох уратылаахтарын көрбүтүм.

Маны быһаарарга анал психологическай биирдиилээн ыйытыктар, ньымалар, саастарынан анкеталар бааллар, ону туһаммытым. Ону барытын ырытан көрөн, ким көмпүүтэртэн тутулуктааҕын быһаарбытым.

ЧИНЧИЙИИ ТҮМҮГЭ

— Дьэ, түмүк хайдах эбитий?

— Ити араас оскуола, араас саастаах үөрэнээччилэрин кэтээн көрүүм түмүгэр, көмпүүтэртэн тутулуктаахтар бааллара, онно локдаун дьайара биллибитэ.

Бырыһыанынан эттэххэ, сөбүгэр соҕус тутулуктаныы (умеренная степень зависимости) — 15, кыратык тутулуктаныы (легкая степень зависимости) — 25, умсугуйуу (увлеченность) — 24, кыратык умсугуйуу (легкая увлеченность) — 23, нуорма  — 13  бырыһыан. Итинтэн көстөрүнэн, 100  оҕоттон 13  бырыһыаныгар көмпүүтэртэн, интэриниэттэн тутулуктаныы суох, онтон атыттарга кыратык даҕаны буоллар баара быһаарыллар.

Умсугуйуу уонна кыратык умсугуйуу (увлеченность) олус киритиическэй түгэн буолбатах, тутулуктаныынан (зависимость) ааҕыллыбат, оҕо көмпүүтэргэ арыый уһун бириэмэни атаарар. Оттон сөбүгэр соҕус уонна кыратык тутулуктаныы ити номнуо тутулуктаныынан (зависимость) ааҕыллар.

Тутулуктаныы оҕо күннээҕи олоҕор, үөрэҕэр, психикатыгар дьайар. Ол аата 40  бырыһыаннара тутулуктаахтар (умеренной, легкой степени) эрээри, эмиэ улахан куттала суох.

Холобура, манна кыттыбыт оҕо улахан аҥаарын баһыйар үгүс ахсаана улаханнык ылларбыта көстүбүтэ эбитэ буоллар, чахчы куттал суоһуур эбит диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп этэ.

Билигин федеральнай ханаалларынан дьон көмпүүтэртэн, оонньууттан улахан тутулуктаахтар, оонньуу куһаҕаҥҥа үөрэтэр диэн элбэхтик кэпсииллэр. “Компьютер — зло” диэн биир тылынан этэн кэбиһэр сыыһа. Киһиэхэ буортуну оҥорор түгэнигэр тутулуктаныынан (зависимость) ааҕыллар диэххэ сөп.  Холобур, өскөтүн киһи арыгыны кэмнээн иһэр буоллаҕына, киниэхэ туох даҕаны буортуну оҥорбот. Оттон арыгылаан үлэтиттэн үүрүллэр, онтон сылтаан дьиэ кэргэнигэр этиһии, охсуһуу тахсар, доруобуйатыгар охсор буоллаҕына бу номнуо тутулуктаныы буолар. Көмпүүтэргэ ылларыы эмиэ ол кэриэтэ. Оҕо үөрэҕин кэнниттэн икки-үс чаас көмпүүтэргэ олорор, оонньуур, киинэ көрөр уонна сөп буолла диэн тохтуур. Маныаха туох даҕаны куһаҕан суох. Арай, күҥҥэ 12–16  чаас, түүннэри олорор, онтон сылтаан дьиэ кэргэнин кытта алтыспат, үөрэҕин көтүтэр, үөрэҕэ мөлтүүр, туох эрэ психологическай кыһалҕалар күөрэйэллэр, ньиэрбинэйдиир, кыыһырымтаҕай буолар түгэнигэр көмпүүтэргэ ылларбыт, тутулуктаммыт диэххэ сөп.

ДОРУОБУЙАЛАРЫГАР ОХСУУЛААХ

— Кэтээн көрбүт оҕолоргор көмпүүтэр доруобуйаларыгар охсуута бэлиэтэнэр дуу?

— Психолог быһыытынан көрүүбүнэн, улаатан эрэр оҕолор (подросток) 51  бырыһыана сөбүгэр (оптимальнай уровень), 46  бырыһыана балачча улаханнык (повышеннай уровень) туохтан эрэ айманаллара бэлиэтэнэр. Бу аата кинилэр, нууччалыы эттэххэ, “эмоциональнай равновесиеларыгар” туох эрэ дьайарын туоһулуур. Бу ханнык эрэ түгэнэ көмпүүтэртэн тутулуктаах буолуон эмиэ сөп. Холобур, 17 саастаах оҕолор, баҕар, биир кэлим эксээмэнтэн (ЕГЭ) долгуйаллар, темпераменнара оруолу оонньуура буолуо. Биллэн турар, төрүөтэ үгүс буолуон сөп.

Онтон көмпүүтэр, интэриниэт доруобуйатыгар, этигэр-сиинигэр охсуутун чопчу мэдиссиинэ үлэһиттэрэ кэтээн көрөллөр.

УЛАХАН ДЬОН ЭМИЭ “ЫЛЛАРАР”

— Улахан дьон гаджекка ылларар дуо?

— Уопсайынан эттэххэ, интэриниэккэ ылларыыны (зависимость) аан маҥнай 20-с үйэ бүтүүтэ чинчийбиттэрэ. 2021  сыл саҥатыгар аан дойду үрдүнэн интэриниэтинэн нэһилиэнньэ 59  бырыһыана, төлөпүөнүнэн 66  бырыһыана туттар диэн ыйаллар. Социальнай ситимнэргэ 4,2  миллиард киһи баар диэн ааҕаллар. Аны ааспыт сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, ити сыыппара быйыл 13 бырыһыанынан үрдээбит.  Локдаун сабыдыала диэн сабаҕалыахха сөп.

Улахан дьон ортотугар көмпүүтэргэ ылларыы эмиэ баар. Аан дойду психологтара атын ханнык баҕарар (наркотик, арыгы, табах…) ылларыы курдук, интэриниэт, көмпүүтэр, уопсайынан, гаджет киһиэхэ дьайыытын үөрэтэллэр, чинчийэллэр. Көмпүүтэр содула эмиэ улахан. Киһи күннээҕи социальнай олоҕунан олорбокко, күнү-түүнү аахсыбакка көмпүүтэрдиир, дьиэтиттэн тахсыбат, хамсаммат… Ол түмүгэр доруобуйатыгар охсууну ылар.

ГАДЖЕТТАН ХАРЫСТАНЫЫ

— Көмпүүтэргэ оонньуур, гаджекка олорор оҕолордоох төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй? Оҕолорбутун хайдах гынан харыстыыбыт?

— Төрөппүт оҕотун кытта төһө кыалларынан элбэх бириэмэни атаарыахтаах. Оҕолоргутун быыстала суох “ону гыныҥ”, “маны гыныҥ”, “итиннэ барыҥ” диэн соруйуҥ диэбэппин. Оҕо көмпүүтэргэ олорботун туһугар иллэҥ биэрэмэлэрин бииргэ атаарыахтаахтар. Холобур, киинэ көрүөххэ, айылҕаҕа сылдьыахха, ыалдьыттыы барыахха, ыалдьыттары ыҥырыахха, пааркаҕа күүлэйдиэххэ, таһырдьа оонньуохха, о. д.а. гыныахха сөп. Маныаха оҕону күһэйэн, модьуйан туран буолбакка, кини баҕа өттүнэн барарын, дьарыктанарын ситиһиллиэхтээх. Ол инниттэн дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ, сылаас сыһыан эйгэтэ олохтонуохтаах. Сорохтор нэдиэлэ күннэрин эрдэттэн барытын былааннаан кэбиһэллэр. Холобур, бээтинсэ киэһэ бары киинэҕэ, өрөбүлгэ пааркаҕа барабыт диэн. Маны тиһигин быспат, үгэс олохтуур ордук.

КӨМПҮҮТЭР “ЗЛО” БУОЛБАТАХ

— Түмүктээн эттэххэ, “компьютер — зло” диэн толкуйдуур сыыһа дии саныыбын. Туох да диэбит иһин, аныгы күннээҕи олохпут сороҕото буолар. Киһи онтон туһатын, наадалааҕын иҥэриниэхтээх. Тус бэйэм күҥҥэ үс-түөрт чаас оонньуохпун, киинэ көрүөхпүн, билиибин хаҥатыахпын, сынньаныахпын, аралдьыйыахпын сөп. Өйгө тутар дьоҕуру уонна болҕомтону сайыннарар оонньуулар бааллар. Саҥаны билэргэ улахан көмөлөөх. Бу барыта нуорманы таһынан барбакка, миэрэтин көрөн туһаныллыахтаах.

— Сүбэҥ иһин махтал. Төрөппүттэр туһаныахтара диэн эрэллээхпит.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: https://htfi.ru/po/kak_otvlech_rebenka_ot_kompyutera.html

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0