РФ Роспотребнадзора коронавирус пандемиятын кэмигэр бэйэ дьиэтигэр ыраастана (дезинфекция), сууйа-сото сылдьары санатар.
— Аан тутаахтара. Мыылалаах уунан сууйуҥ эбэтэр 70% аҕыйаҕа суох испиирдээх антисептигынан, дезинфекциялыыр сириэстибэ булкадаһыгынан сото сылдьыҥ. Ааннары сууйан-сотон баран, хайаан да илиигитин мыылалаах уунан суунуҥ.
— Уоту холбуур-араарар тэриллэр (выключателлар). Антисептиктаах салпыатканан сотуҥ. Өскөтүн дьиэлээхтэртэн ким да ыалдьыбат буоллаҕына, сотор наадата суох. Оттон ыарыһах киһи баар буоллаҕына, ити тэрили туһаннаххыт аайы сото сылдьыҥ.
— Ыскаап тутаахтара. Дьиэҕитин хомуйар кэмҥитигэр мыыланан сууйуҥ эбэтэр антисептиктаах салпыатканан сотуҥ.
— Устуул таҥаһынан, атын да матырыйаалынан сабыллыбатах кэтэхтэрэ. Дьиэҕитин хомуйар кэмҥитигэр мыыланан сууйуҥ эбэтэр антисептиктаах салпыатканан сотуҥ.
— Үлэлиир остуол. Дьиэҕитин хомуйар кэмҥитигэр мыыланан сууйуҥ эбэтэр антисептиктаах салпыатканан сотуҥ.
— Сурунаал-хаһыат уурар остуол, кинигэ долбуурдара, хомуот, туумба сабыылара. Дьиэҕитин хомуйар кэмҥитигэр мыыланан сууйуҥ эбэтэр антисептиктаах салпыатканан сотуҥ.
— Куукуна ыскаабын үрдэ. Олоххо-дьаһахха туттуллар химияны туһаныҥ эбэтэр испиирдээх антисептигынан сотуҥ. Дьиэлээхтэртэн ким да ыалдьыбат буоллаҕына, күҥҥэ биирдэ сотор сөп. Онтон ыалдьар киһи баар буоллаҕына, ас астаан баран сырыы аайы үөһээ этиллибитин курдук ыраастыы сылдьыҥ.
— Дьиэҕэ-уокка туттуллар тиэхиньикэ. Дьиэҕитин хомуйар кэмҥитигэр тиэхиньикэни үлэлэтэр панеллары испиир састааптаах антисептиктаах булкадаһыгынан сотуҥ.
— Суунар сир кырааннара, тэриллэрэ. Олоххо-дьаһахха туттуллар химиянан сотон баран, хайаан да итии уунан сууйуҥ.
— Раковиналар. Олоххо-дьаһахха туттуллар химияны туттан баран, хайаан да итии уунан сууйуҥ.
— Тус гигиена маллара (тиис суунар суокка, тараах уо.д.а.). Дьиэҕэ ыарыһах баар буоллаҕына, испиирдээх антисептигынан сото сылдьыҥ.
— Унитаз, баанна, душ кабината. Туалеты бүтэһиккэ сууйуҥ. Дезинфекциялыыр эбэтэр хлордаах, атын да булкадаһыннаах сириэстибэлэри туттуҥ.
Дьиэҕэ ким да ыалдьыбат буоллаҕына, дьиэни нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ, онтон ыарыһах баар буоллаҕына, күн аайы сууйар-сотор ордук. Ону таһынан дьиэни элбэхтик салгылатар туһаттан атыны аҕалбат.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru