Палеоазиаттар быыстапкалара аһылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Емельян Ярославскай аатынан мусуойга бу күннэргэ “Палеоазиаттар, эһиги кимнээхтэргитий?” диэн ааттаах Уһук Илиҥҥи уокурук холбоһуктаах быыстапката турда. Быыстапка “Палеоазиат норуоттарын фольклора” норуоттар икки ардыларынааҕы II форум чэрчитинэн тэрилиннэ.

Чукоткатааҕы мусуой киинин дириэктэрин солбуйааччыта Ирина Романова: “Иккис күнүн конференцияҕа сырыттыбыт уонна палеоазиат омуктарын култууралара хайдахтаах курдук сиһилии, бары өртүттэн арыллан эрэриттэн үөрдүбүт. Итиэннэ Саха сирин чинчийээччилэрэ палеоазиаттар култуураларын улаханнык сыаналыылларыттан сөхтүбүт”, — диэн санаатын эттэ.

Манна даҕатан эттэххэ, бу Халыма юкагир-одулларын, Аллараа Халыма юкагир-вадулларын, чукчалар, коряктар, айнар уонна нивхтар холбоһуктаах аан маҥнайгы быыстапкалара буолар. Ол курдук, Чукоткатааҕы мусуой киинин, Хабаровскайдааҕы кыраайы үөрэтэр, Аллараа Халыматааҕы хотугу норуоттар, Саха сиринээҕи муусука уонна фольклор, Емельян Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай мусуойдар 200 кэриҥэ бастыҥ экспонаттара, историяны кэрэһилиир уонна араас экспедициялартан хаартыскалар, XIX-XX үйэлэр кирбиилэригэр олорбут Азия хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын чинчийии матырыйааллара көрдөрүүгэ турдулар. Ону тэҥэ билиҥҥи палеоазиат норуоттарын култуураларын кэрэһилиир маллар эмиэ бааллар.

Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун мусуойун сүрүн харайааччыта Лена Степанова: “Быыстапкаҕа экспонаттар биирдиилээн норуоттарга анаан туруорулуннулар. Холобура, Чукоткаҕа 1882-1912 сылларга муостан оҥоһук сайдыытын кэрэһилиир маллар бааллар. Аллараа Халыматааҕы мусуой экспонаттарын аан бастакытын көрдөрүүгэ таһаардыбыт. Манна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит “1822 сыл” диэн суруктаах ыстаараста түөһүгэр иилинэр бэлиэтэ, 1928 сыллааҕы Юкагир нэһилиэгин оскуолатын бэчээтэ, юкагир ойуунун толору таҥаһа, Хабаровскай мусуойуттан эһэ бырааһынньыгар аналлаах нивх омук сиэрин-туомун (эһэ килиэккэтэ, ньуоската о.д.а.) мала, уо.д.а. экспонаттар бааллар”, — диэн билиһиннэрэр.
Маны сэргэ норуот маастара Руслан Габышев чинчийээччи-учуонай Л.Н.Жукова матырыйаалларынан юкагирдар арфаларын саҥаттан уларытан оҥорбутун (реконструкция) көрдөрүүгэ уурдулар. Маастар быыстапка аһыллыытыгар оонньоон, дьол болҕомтотун тарта.

Онон манна турбут экспонаттар бэрт интэриэһинэйдэр, уратылар уонна хас биирдии кэлбит киһиэхэ история быыһын толору сэгэтэр кыахтаахтар. Быыстапканы Емельян Ярославскай аатынан Судаарыстыбаннай мусуойга бэнидиэнньиктэн ураты 10-17 чааска диэри көрүөххэ сөп.

Людмила ПОПОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0