Уоруйахха синэ биир — сиэртибэтэ ким да буоллун, уорар сирэ ханна да буоллун. Киниэхэ сүрүнэ — «булда».
Ол курдук, Дьокуускай куорат полициятыгар 88 саастаах тыыл бэтэрээнэ эрийэн, пааркаҕа суумкатын уорбуттарын туһунан иһитиннэрбит.
Быһылаан сиригэр тиийбит оперативниктар быһаарбыттарынан, ити күн Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар киин куорат аҕам саастаах дьоно, ону тэҥэ, Улуу Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрэ оһуохайдыы мустубуттар. Эмсэҕэлээччи оһуохай тылын таһаарааччы эбит.
Онуоха бу кырдьаҕас суумкатын ыскамыайкаҕа ууран баран, оһуохайдыы киирбит. Оттон бүтэн кэлбитэ — суумката суох. Онно икки суотабай төлөпүөнэ уонна докумуоннара бааллар эбит.
Дьокуускай куорат полициятын 2 №-дээх отделын оперативниктара бу уорууга уорбаланааччыны түргэнник туппуттар— Амматтан төрүттээх, урут сууттана сылдьыбыт киһи эбит.
Уорбаланааччы доппуруос кэмигэр билиммитинэн, кини бэтэрээни эрдэттэн чуҥнуу, кэтии-маныы сылдьыбыт. Оҕонньор оһуохайдыы бараатын, суумкатын кыл түгэн иһигэр сойбоппут.
Ол ылан баран, пааркаттан тахсан, суумкаттан төлөпүөннэри уонна кумааһынньыгы орообут, онтон атынын, ол иһигэр, докумуоннары, быраҕан кэбиспит. Суумканы уонна биир төлөпүөнү ырыынакка ааһан иһэр дьоҥҥо атыылаабыт, оттон иккис төлөпүөнү Сайсары оройуонугар батарбыт.
Оперативниктар бэтэрээн докумуоннарын уонна сорох малын булан, киниэхэ төннөрбүттэр.
Маннык түбэлтэлэргэ киһи бэркиһиирэ баар — дьон уоруллубута сэрэйиллэр маллары атыылаһа турара! Ама даҕаны, чэпчэки сыаналаахха баҕатыйбыт иһин!
Бу чахчынан «уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибитин СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.