Өрөбүл күн Дьокуускайга Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар СӨ Дьиэ кэргэн дьыалатын уонна ыччат бэлиитикэтин министиэристибэтин тэрийиитинэн Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүгэр анаммыт саастаах уонна эдэр ыаллар бастакы бэстибээллэрэ буолан ааста.
edersaas.ru
«Дьиэ кэргэн көрсүһүүтэ» диэн үөрүүлээх бырааһынньык олохторун холбоон уһуннук олорбут дьиэ кэргэттэр уонна саҥа ыаллар сэлэлээн киириилэринэн саҕаланна.
Бочуоттаах дьиэ кэргэннэри чиэстээһиҥҥэ Николай Николаевич уонна Валентина Ивановна Корниловтар бэлиэтэннилэр. Кинилэр Арассыыйа таһымнаах улахан наҕараадаҕа тигистилэр.
— Бастатан туран, биһиги дьиэ кэргэн уонна бары аймахтар ааттарыттан Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын салататыгар Ольга Константиновна Васильеваҕа уонна Алексей Дмитриевич Осиповка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Биһиги 51 сыл бииргэ олордубут, үс оҕолоохпут, аҕыс сиэннээхпит. Кыра сиэммит быйыл үһүс кылааһы бүтэрдэ, улахан сиэн — аспирантураны. Кинилэр үөрүүлэрэ, ситиһиилэрэ биһигини дьоллуур. Доруобуйабытыгар-доруобуйа, кынаппытыгар-кынат, үөрүүбүтүгэр-үөрүү эбиллэр. Өссө уһуннук олоруоҕу баҕарыллар, — диэн ыал аҕа баһылыга Николай Корнилов санаатын тиэртэ.
Дьиэ кэргэн күнүгэр соторутааҕыта ыал буолбут эдэрдэр эмиэ чиэстэннилэр.
СӨ Дьахталлар уопсастыбаннай сойуустарын салайааччыта, Арассыыйа дьахталларын сойууһун бюротун чилиэнэ Анжелика Андреева бэйэтин санаатын бу курдук үллэһиннэ:
— Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнэ Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, атын омук сирдэригэр, Азербайджаҥҥа, Болгарияҕа эмиэ бэлиэтииллэр эбит. Бу күн ордук уһуннук бииргэ олорбут дьиэ кэргэннэр чиэстэнэллэр. Онон тэрээһиҥҥэ 20 сиэн уонна 10 хос сиэҥҥэ тиийэ ыччаттаах дьоллоох дьиэ кэргэттэр үөрүүлэрин үллэстэ кэллилэр.
Бу үөрүүлээх күнү көрсө уопсастыбанньык дьахталлар көҕүлээһиннэринэн инстаграмҥа “Дьиэ кэргэн үгэстэрэ” диэн хаартыска куонкуруһун биллэрбиппит. Онно бочуоттаах 1-кы миэстэни Томпо улууһун Хаандыга бөһүөлэгиттэн 5 оҕолоох Сидоровтар ыллылар. Бу ыал дьиэнэн торт астыыр үгэстээхтэр эбит. Ийэлэрэ — көхтөөх уопсастыбанньык. Томпо улууһугар элбэх оҕолоох ийэлэр түмсүүлэрин салайар. Быйылгы улуустааҕы “Далбар хотун” күөн-күрэс кыайыылааҕа. ”Дьиэрэй, ырыам” оройуоннааҕы куонкурус кылаан бирииһин хаһаайына. Сидоровтар хаартыскаларыгар 476 куолаһы ыллылар. Кинилэргэ “Көмүлүөк” фирма “Ыаҕыйа” диэн иһитин набора туттарылынна.
Түгэнинэн туһанан, биһиги хаартысканан куонкурус кыайыылаахтарыгар бириистэринэн көмөлөспүт спонсордарбытыгар махталбытын тиэрдэбит. Ол курдук, Дьокуускай куораттан 361 куоластанан 2-с миэстэни ылбыт үс оҕолоох Мальцевтар дьиэ кэргэттэрэ Хаҥалас улууһун Еланкаҕа баар “Балаҕан” этнокомплекска сынньанар путевканан наҕараадаланнылар. 3-с миэстэни ылбыт 284 лайктаах Тааттаттан Матвеевтар дьиэ кэргэттэрэ 9 үгэс буолбут тэрээһини ыыталлар эбит. Кинилэр талааннаах фотограф Наталья Яковлеваҕа фотосессияҕа түһүөхтэрэ. “Суперсемейка” номинацияҕа кыайбыт Томпо Хаандыгатыттан 5 оҕолоох Тарабукиннарга “Азия” киинэ тыйаатырыгар билиэт биэрдибит. «Кулинарнай дьиэ кэргэн» номинацияҕа Дьокуускайтан 7 оҕолоох Семеновтар бэлиэтэннилэр. Кинилэргэ Александр Скрипин эрэстэрээннэригэр сылдьарга 3000 солк. сэртпикээти туттардыбыт.
Ити курдук, иллээх дьиэ кэргэттэр өрөбүл күн Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар кэрэхсэбиллээх бырааһынньыкка сылдьан, дуоһуйа сынньаннылар.
Анжелика АЛЕКСЕЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru