Сотору Дьокуускайга «Арассыыйа — мин историям» диэн историческй паарка аһыллыаҕа
Ураты историческай паарка Дьокуускай куоракка алтынньы ортотугар аһыллыаҕа. Интерактивнай историческай бырайыагы олоххо киллэрэр инниттэн 68-с кыбаарталга Уткин аатынан уулуссаҕа икки этээстээх дьиэ тутуллан бүтэн турар. edersaas.ru
Киэҥ Арассыыйа баай историятын көрдөрөр анал пааркалар Москва, Уфа, Екатеринбург, Ставрополь, Волгоград курдук үтүөкэннээх куораттарга ааннарын тэлэччи аһан үлэлии тураллар.
Манна сылдьыбыт дьон анал экспозиция көмөтүнэн «Рюриковичтар», «Романовтар» олохтохторун-дьаһахтарын, «Арассыыйа – мин историям» диэн Аҕа дойду улуу сэриитин историятын кытта толору билсиэхтэрэ. Арассыыйа историятыгар, олоҕор-дьаһаҕар буолбут түбэлтэлэр интэриэһинэй чахчыларын кытта ыга билсэн, дойдубут ол урукку сыллартан баччаҕа диэри тугу көрсөн кэлбитин сиһилии өйдүөхпүт, ылыныахпыт.
9 тыһ. кв. м. иэннээх анал былаһааккаҕа «Секретно» уонна «Совершенно секретно» диэн аатынан архыыптарга өр сылларга харалла сыппыт ураты матырыйааллары туруоран көрдөрүөхтэрэ. Бу матырыйааллары судаарыстыбаннай архыып, ФКСС (ФСБ) биэрбиттэр. Биһигини ураты дьиэ күүтэр. 2017 сыл бүтүөр диэри Арассыыйа үрдүнэн маннык хабааннаах 25 историческай паарка аһыллыаҕа.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru