Ааспыт ыйтан суруйааччылар айар үлэлэрин сэргэ, атын туох дьоҕурдаахтарын, талааннаахтарын сырдатар рубриканы саҕалаабыппыт. Бу сырыыга биһиэхэ норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат ыалдьыттаата.
edersaas.ru
Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ Б.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.
Доҕоттор илии баттааһыннаах кинигэлэрэ
— Устудьуоннуу сылдьаммын «Доҕоттор бэлэхтэрэ» диэн кэлиэксийэ оҥостубутум. Онно бастакы ыстатыйалардаах, бастакы кинигэлэрдээх эдэр ааптардары буламмын, кинилэргэ илии баттатан ыларым. Холобур, Егор Неймоховтан бастакы кинигэтигэр илии баттатан ылбытым. Итинтэн саҕаламмыта мин суруйааччылар илии баттааһыннаах кинигэлэрин хомуйуум. Онон, бэйэҥ туох өйдөөх-санаалаах көлүөнэни кытары аргыстастыҥ диэн ыйытыыга, «Доҕоттор бэлэхтэрэ» хомуурунньугум улахан туһаны биэрэр.
Суруйааччылар көрүдьүөстэрэ суруллубут тэтэрээттэр
— Олохпор тыыннаах суруйааччыны аан бастаан 1965 с. көрбүтүм. Кини кимий диэтэххэ, Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап этэ. Ити суруйааччыны кытары көрсүбүт бастакы түгэммиттэн сылтаан буолуо: “Мин Ойуунускайдаах көлүөнэлэрин тилэх баттаһа үөскээбит, саха литэрэтиирэтин аҕа суруйааччыларын кытары алтыспыт Күннүк Уурастыырап, Эллэй, Амма Аччыгыйа уо.д.а. курдук үтүөкэннээх көмүс көлүөнэ дьону син көрөр дьоллоох эбиппин ээ», – диэн испэр киэн тутта сананарым. Ол иһин буоллаҕа буолуо, суруйааччылар бэйэлэрин кэмнэригэр туох көрүдьүөскэ түбэһэ сылдьыбыттарын, ханнык көрдөөх тыллары туттубуттарын барытын билиҥээҥҥэ диэри биир тэтэрээккэ суруйан, «Түгэннэр сүрэххэ сытыытык тыгаллар» диэн рукопись оҥорон илдьэ сылдьабын.
Кириитикэҕэ үлэ
— Саха литэрэтиирэтин киритиичэскэй историята диэн суруллуохтаах этэ. Мин ити соругу толороору, 500-тэн тахса лиистээх үлэни бэлэмнээн бараммын, бэчээккэ биэрбэккэ уура сылдьабын. Кырдьыгы көрдүүр дьоннор, баҕар, чинчийиилэри туһаныахтара. Архыыпка туттарарым дуу дии саныыбын. Ол туһунан Чурапчыга сорох дьоҥҥо санаабын этэн турабын.
Суруйааччы диэн күнүнэн ыллаан-туойан баран, ааһан хаалар чыычаах буолбатах. Кини олоҕо, өйө-санаата олох атын.
Ойуунускай тиһэх үлэлэрин хомуйуу
— Суруйааччы элбэх хайысханан үлэлиир, ол иһигэр чинчийэр идэлээх буолар. Кэнники кэмҥэ Б.Ойуунускайга үлэлии сатаатым. Былатыан Ойуунускай 1937 с. саха бэчээтигэр тугу таһаартарбыт эбитий диэн анаан-минээн үөрэтэммин, ыстатыйа суруйталаабытым. Бу 1937 сыл олохпор суолталаах буоларын быһыытынан, Ойуунускай олоҕун тиһэх сылыгар тугу суруйбут, айбыт, бэчээттэппит эбитий диэн кэтээн көрүү оҥордум, үлэтин-хамнаһын чинчийиигэ салгыы үлэлиибин.
Күннүгүм – доҕорум
— Суруйааччы тэрээһиннээх буолуохтаах. Мин хас биирэ 300 лиистээх, 23 туомнаах диниэбинньиктээхпин. Туох барыта төрүөтэ суох буолбат. Саха литэрэтиирэтигэр тахсыбыт 40 сыллаах быһыы-майгы, үөрүү-көтүү, өрөгөй, араас түгэннэр мин диниэбинньикпэр түһэн эрдэхтэрэ буолуо дии саныыбын. Диниэбинньигим миэхэ доҕор буолар, хомойон кэллэххинэ, кинини эрэ кытта санааҕын үллэстэҕин.
Нэһилиэстибэни хомуйуу
— Суруйааччылар нэһилиэстибэлэрин хомуйабын. Михаил Доҕордуурап диэн суруйааччы кыыһа, сахалартан бастакы борокуруор Мария Кулаковская аҕатын дьыалатын барытын өрөспүүбүлүкэ Киин архыыбыгар туттарбыта. Ону мин Киин архыыптан төттөрү аҕаларыгар көрдөһөн, куоппуйатын оҥорбутум. Ол түмүгэр 300-тэн тахса хомууру оҥорон биэрбитэ. Ону таһынан, дьонтон оригиналларын уларсабын, куоппуйалыырбар көҥүллэтэбин.
Аатым суруллубут таһаарыылар
— Мин биир сарсыарда: «Син элбэх кинигэҕэ, араас бэчээккэ аатым-суолун киирдэ. Бу орто дойдуга үөскээммин, мин аатым, үлэм төһө кинигэҕэ киирбитин мунньан көрөрүм үчүгэй буолуо эбит ээ», – диэн санааҕа ыллардым. Онон, 1978 сылтан саҕалаан, 666 кинигэҕэ тиийэ буллум, онтум икки халыҥ тэтэрээт курдук буолла. Тэтэрээппэр мин туспунан туох суруллубутун, ким таһаарбытын, бэйэм этиилэрим кинигэлэргэ киирбиттэрин сурунабын.
Хаартыскалардаах паапка
— Мин туспунан монография суруллубата. Бэйэм бэйэбэр биир миэтэрэ үрдүктээх паапка-мусуой диэн оҥоһуннум. Ол аата, А4 лиискэ хаартыскалары сыһыарабын, аннотациялыыбын, хаартыска сыалын-соругун ыйабын. Оччотугар олоҕум бары түһүмэхтэрэ тахсан кэлэллэр.
* * *
Эһиил 75 сааспын көрсө, чурапчыларбар 350-ча лиистээх рукопиһы биэрдим. Ол мин туспунан академиктар, профессордар, литературоведтар, доҕотторум-атастарым, ааҕааччылар суруйуулара. Тоҕо инньэ гынныҥ диэ? Бэйэтин көлүөнэтигэр үчүгэйдик этиллибит, сыанабылы ылбыт суруйааччы хаһан да өлөн-охтон биэрбэтэ буолуо диэн санааттан.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru