«Паапа хас куhу аҕаларый?»

Ааптар: 
31.05.2021
Бөлөххө киир:

(Оҕо «билэрин» туhунан)

Максим Ксенофонтов бу сырыыга туох туһунан суруйбутуй? 

           Соҕуруу олохсуйбут кыыс туhунан «Сардаана Корякина дьикти дьылҕата» диэн матырыйаалбын «Оҕо эрдэхпинэ тугу эмэ этэн кэбиспитим туолан хааларын өйдөөн кэлбитим. Баҕар, ол туһунан хаһан эмэ кэпсиэҕим» диэн тылларынан түмүктээбитим. Ол иhин, сорох ааҕааччылар күүтэллэрин биллэрэллэр. Эрэннэриибин толорон, бу сэhэргээн эрэбин. 

Урут кырдьаҕастар «оҕо билэр», «оҕо этэрэ туолар» диэччилэр.

Ийэлээх аҕам арыт, уруккуну-хойуккуну санаан, бэрт истиҥник, иhирэхтик кэпсэтэр буолаллара. Ол курдук, биирдэ кыhын, киэhээҥҥи аhылыкпытыгар төгүрүк остуол тула бары олорон, М.С.Иванов «Атах туппай» кинигэтин туhунан кэпсэппиппит. Онтон, оҕо саҥатын туhунан кэпсэтэ олорон, аҕам куйаха (урут пластмааhы итинник этэллэрэ) кылдьыылаах ачыкытын көннөрөн баран:

— Оҕо этэн кэбиhэрэ, сороҕор, олус интэриэhинэйдик туолан хаалара дьикти, — диэбитэ.

— Оннук, — ийэм итии чэй кутан буруолата олорон сөбүлэспитэ, —  Максим, эн иккилээххэр, оҕоҕо аналлаах кириэhилэ-олоппоско олордоххуна, иннигэр буспут собону, көхсүн уҥуоҕун уонна  хайыытын ылан баран, тэриэлкэҕэ ууран биэрээччибит. Ону сүрдээх ыраастык сиэн кэбиhэр этиҥ. Аны санаатахха, оччолорго, эдэр буолан, оннук гыннахпыт. Кыраларга –бырааттаргар, балтыгар — эттээн, уҥуоҕун ылҕаан биэрээччибит.

— Биирдэ, оннук собо сии олорон, арай, ыйыттым, — аҕам салгыы кэпсээн барбыта, — Көмүсэ, сарсын окообор собо аҕалабын дуо?

Онуоха:

— Эппээк. Уонна кусь, — диэн баран сөмүйэбин чочотон көрдөрбүппүн. Дьонум күлсүбүттэр.

Сарсыныгар аҕам отучча собону кытта илимҥэ иҥнибит биир… халбаны аҕалбыт. Күhүҥҥү хараҥаҕа көрбөккө эбитэ дуу, умсаары дуу, ол кус илимҥэ сөрөнөн хаалбыт. Кус иҥнибитин көрөн, аҕам илимнэрин ураҕас мастарга ыйаан, ууттан быган турар гына үтэттээн кэлбит. Сап илим буолан, бөҕөлөрүгэр эрэнэн, итинник, «таарычча кус эмиэ иҥиннин» диэн туруорбут.

Киэhэ, эмис кус буутун тиниктии олордохпуна, аны ийэм ыйыппыт:

— Чыычааҕы-ам, сарсын паапа хас куhу аҕаларый?

— Үсь, — диэн баран, тойон эрбэхпин бүк тутан, түөрт тарбахпын көрдөрбүппүн. Дьонум эмиэ күлсүбүттэр. Ийэм сыллаан ылбыт:

— Тугу-тугу кэпсээтиҥ буолла, доҕоор? – диэбит.

Сарсыныгар аҕам 20-чэ собону кытта үс куhу уонна биир куоҕаhы аҕалбыт. Онно, дьэ, ийэм сөхпүт:

— «3 кус» диэн баран, 4 тарбаҕын көрдөрбүтэ ээ, — диэбит.

Онтон, алтынньы саҥатыгар, аҕам чугастааҕы тыаҕа катушка алтан боробулуохатынан  мас көтөрүгэр туhах ииппит. Икки хонон баран, туhаҕын көрө бараары туран, ыйыппыт:

— Тугу аҕалабыный? Куртуйах дуу, хабдьы дуу?

— Кийиэп, куччу-ак, — дии охсубуппун.

Аҕам биир туhаҕар хап-хара куртуйах киирбитин аҕалбыт. Ыhык килиэбиттэн ордорон биир быhыыны ботуоҥкатыгар илдьэ кэлбит. Тыа салгына сыттаах килиэби миэхэ туттаран кэбиспитин, боччоччу тутан олорон, бэрт минньигэстик сиэн кэбиспиппин.

Итинник, дьиэ эргиннээҕини, ону-маны этэрим туолар эбит.

Онтон, аҕыйах сылынан, кыра быраатым этэн кэбиспитэ бэрт дьиктитик туолбута.

Эдьиийбит Маайа Малдьаҕарга 8 кылаастаах оскуоланы бүтэрэн баран, Маалыкайга кэлэн 9-с кылааска үөрэммитэ. Кылааhын тахсан, бэс ыйыгар дьиэлээбитэ. Эдьиийбит дьиэлээбитин сарсыныгар кыччыгый быраатым:

— Эдьиий Маайа кэлиэ, — диэбитэ, — икки күнүнэн.

— Тоҕо кэлиэй? Каникулугар саҥардыы барда дии! – дьонум күлсэн кэбиспиттэрэ.

Икки хонон баран эдьиийбит Маайа тиийэн кэлбитэ. Ийэтэ: «Лааҕырга баhаатайдаан, үлэлээн баран кэлээр», — диэн төттөрү ыыппыт. Дьонум оҕо этэн кэбиспитэ туолбутун, сөҕөн эрэ кэбиспиттэрэ.

Илиҥҥи дойдуларга, ол иhигэр Тибеккэ, быыкаан да оҕолор эзотерикаҕа сыhыаннаах билиилээх буолуохтарын сөп дии саныыллар. Азия дойдуларыгар ураты дьоҕурдаах оҕолор тустарынан араас номохтор бааллар.

Онуоха майгынныыр сэhэннэр Европаҕа да элбэхтэр. Холобур, 1707 сыллаахха Франция Камисард куоратыгар балтараа саастаах уол оҕо кэнэҕэс туох буолуохтааҕын кэпсээбитин туhунан үhүйээн хаалбыт.

1875 сыллаахха Францияҕа, Саар-Луис куоракка быыкаа оҕо: «Быйыл —  өҥ дьыл, эhиил – хааннаах дьыл» диэн саҥарбытын хаhыакка суруйбуттара.  1875 сыл үтүө сайын ааспыта, оттон 1876 сыллаахха христианнар уонна мусульманнар икки ардыларыгар сэрии саҕаламмыта…

Оттон Америкаҕа, Чикагоҕа, Манниис Анжела диэн кыыс 4 саастааҕар кубиктарынан араас тыллары таhааран оонньууругар, ардыгар, ис хоhоонноох этии тахсарын дьоно бэлиэтии көрбүттэр.

Биирдэ ийэтэ Джой Манниис көрбүтэ, оҕото «Аҕам үрдүө» диэн тыллары таhаарбыт этэ. 3 хонон баран, дьиэ кэргэн аҕа баhылыга үлэтиттэн кэлэн баран 10 000 дуоллары эбии аахсар буолбутун кэпсээбитэ.

Биирдэ кыыс «Джим өлөр» диэн тыллары таhаарбыта. Сотору ыттарын Джими массыына тэпсибитэ…

Дьиэ кэргэнигэр сыhыаннаах хас да этиитэ туолбутун кэннэ, икки төгүл баскетбол матчтарын түмүгүн сөпкө таhаарбыта. Аҕата ол матчтарга уксан, элбэх харчыны сүүйбүтэ.

Итинник cөп түбэhиилэр, биллэн турар, дьон болҕомтотун тардаллар, кэрэхсэбили үөскэтэллэр.

Максим Ксенофонтов

Хартыына: stv24.tv

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0