Дьалхааннаах 90-с сылларга “МММ”, “Хопер Инвест”, “Властелина” уо.д.а үп-харчы тэрилтэлэрэ мөлүйүөнүнэн дьоҥҥо кураанаҕы куустарбыттара да, ол үөрэх, кэһэлтэ буолбатах быһыылаах – билигин да дьон итинник аныгылыы моһуоннаммыт үп пирамидаларыгар син биир күргүөмүнэн киирэ турар.
Мотуруоналар – аныгы кэм саһыл алисалара
Соторутааҕыта Дьокуускай куоракка икки Мотуруона (биирэ Чурапчы, иккиһэ Хаҥалас) тэрийбит пирамидалара (“Матрица” диэн ааттыыллар) эстэн, 7 тыһыынчаттан тахса киһи отоойкоҕо олордо. Итинник түбэлтэлэртэн сылтаан били “Буратино” остуоруйа омсолоох дьоруойдара Кот Базилионы уонна Лиса Алисаны санаан кэлэбин. Уонна кинилэр ырыаларын:
“Покуда есть на свете дураки,
Обманом жить нам, стало быть, с руки.
Какое небо голубое,
Мы не сторонники разбоя:
На дурака не нужен нож,
Ему с три короба наврёшь –
И делай с ним, что хошь!”
Былырыын күһүн саҕаламмыт: бастаан Арассыыйаҕа “GMMG” диэн үтүмэн дохуоту эрэннэрэр инвестиционнай холдинг тэриллибит. “Кешбери”, “Альфакэш”, “Максирайз” уо.д.а. итинник хабааннаах пирамидалар курдук үпкэ сыһыаннаах туох да өҥөнү оҥорбокко эрэ, төһө элбэх киһи киирбитинэн үүнэр-сайдар сыаллаах. Буоларын курдук, манна бастакынан киирбит, пирамида саамай үөһэтигэр турар дьон эрэ харчыланан хаалар.
Олунньу саҥатыгар “GMMG” үлэтин тохтоппут, харчы киириитэ ыһыллыбыт. Онтон кулун тутар ый ортотугар ити фирмаҕа киирбит икки Мотуруона аны бэйэлэрэ саха “Матрицатын” тэрийбиттэр. Манна харчыларын укпут дьон аҕыйах күнүнэн икки бүк элбэҕи ылыахтара диэн эрэннэрбиттэр.
Бастаан утаа чахчы оннук буолбут – икки нэдиэлэнэн харчыларын элбэппиттэр билэр дьонноругар кэпсээбиттэр, ыҥырбыттар, ол курдук киһи итэҕэйбэт үөрүүлээх сонуна уостан уоска бэриллэн, улуустартан тиийэ кэлитэлээн барбыттар. Сүүрбэччэ хонук иһигэр саха “Матрицатыгар” 7 тыһыынча кэриҥэ “инвестор” киирэн, 20 тыһыынчаттан саҕалаан, 1,5 мөлүйүөҥҥэ тиийэ укпуттар диэн сабаҕалыыллар.
Онтон бу ый саҥатыгар “фирма эстэн эрэр үһү” диэн сурах тарҕаммыт. Ону истээт, Поярков аатынан уулуссаҕа баар офистарыгар бэнидиэнньик күн 200-кэ киһи мустан, харчыларын төннөрөллөрүн модьуйбуттар. Онтон бары суулаһан, полиция 2 №-дээх отделыгар тиийбиттэр.
Билиҥҥитэ полицияҕа бу “Матрицаҕа” албыннаппыт дьонтон 100-кэ сайабылыанньа киирбит. Мотуруоналары миэрэҕэ тардыҥ диэн.
Ыстатыйа бэчээккэ бэлэмнэнэр кэмигэр биллибитинэн, бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 172.2-с ыстатыйатынан холуобунай дьыала тэриллибит. Ол эбэтэр, дьонтон харчы хомуйар тэрилтэни тэрийии иһин. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу ыстатыйанан бастакы дьыала!
“Үбүлүөйбэр харчы эбинээри”
Мотуруоналар дьайыыларыттан тыһыынчанан эмсэҕэлээбит дьонтон биирдэстэрин, Дьокуускай куорат олохтооҕо Елизаветаны, булан кэпсэттим. Маннык сааттаах быһыыга-майгыга түбэспититтэн сүрдээҕин кыбыстар, ол иһин дьиҥ аатын кистээтэ.
— Елизавета, эн Мотуруоналар матрицаларыгар төһө харчыны укпуккунуй? Төһөнү эмит төнүннэрдиҥ дуо?
— 40 000 солкуобайы уган баран, тугу да төннөрбөтүм. Бэрээдэгэ суох дьон кэлэн офистарын ыһан кэбиспиттэрэ. Онон полицияны ыҥыран, офис аанын хатаан, полициялар бэчээт туруорбуттара. Тэрийээччилэр “кыратык кэтэһиҥ, тугу эмэ толкуйдуохпут, харчыгыт төннүө” диэн суруйбуттара. Онтон устунан батсаап бөлөхтөрүттэн тахсыталаан, бөлөхтөрү быһаарыыта суох сабыталаан барбыттара. Дьоҥҥо долгуйуу үөскээбитэ. Эрэнэн, хас да күн устатыгар тугу эмит тобулаллар ини, ама, бэйэбит сахабыт дьоно албыннаабаттар ини диэн эрэх-турах сананан, бэйэбитин уоскутуна сатаабыппыт.
Муус устар 15 күнүгэр матрица быраабылатыгар ыйыллыбытынан, укпут харчыбын икки төгүл улаатыннаран ылар болдьоҕум күнэ ааспыта. Сабыллыбыт бөлөхтөр оннуларыгар атын, үҥсүһэр дьон бөлөхтөрө тэриллибиттэрэ. Онно баар биллэриилэринэн сирдэтэн, муус устар 15 күнүгэр полицияҕа сайабылыанньа суруйбутум.
Матреналар сүппүттэрэ. Сибээскэ суохтар. Батсаапка саҥарар иһитиннэриилэриттэн сиэттэрдэххэ, улаханнык кыыһырбыт дьон саҥата иһиллэр. “Өссө эбии саҥаттан дьон киллэрдэххитинэ, харчыгытын төннөрөҕүт” диэх курдук этэллэр.
— Эн билэр дьоҥҥуттан ити пирамидаҕа киирбиттэрэ дуо? Харчыларын ылбыттара дуо?
— Мин тустааҕынан итиннэ киирбит үс киһини билэбин. Биирдэстэрэ миигин ыҥырбыта, мин киириэм иннинээҕи күн киирбит этэ. Икки билэр дьоммун, бэйэм харчы уга тиийэн баран, уочаракка көрсүбүтүм. Харчыларын ыла тураллар этэ.
— Урукку өттүгэр итинник үп пирамидалара дьону отоойкоҕо олордубуттарын истэр этиҥ дуо?
— Истэр этим, билэр этим. Ол эрэн, ыҥырбыт киһибин дьоһуннаах киһи, мээнэҕэ киирбэтэҕэ буолуо, саҥа тэриллибит уонна дьон харчытын ылан эрэр буоллаҕына, баҕар табыллаайабын диэн санаа киирбит эбит. Сотору үбүлүөйдээри сылдьар буолан, хата эбии харчы буолуо диэн эрэнэ санаан киирэн биэрдим. Билигин укпут да харчыбын төннөрөрүм саарбах буолла. Тэрээһиним тоҕунна.
— Харчыгын сүтэрбит киһи быһыытынан, дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Аныгы үйэҕэ суобас, сиэр-майгы диэн өйдөбүллэр умнуллан, симэлийэн эрэллэр. Бэрээдэктээх, чиэһинэй буолууну күлүү-элэк курдук көрөллөр. Итинник быһыы, өй-санаа бу кэлиҥҥи сүүрбэттэн тахса сыл иһигэр бигэтик олоҕурда. Аныгы былаас, уопсастыба ону бэйэлэрин холобурдарынан иитэн таһаардылар. Дьиикэй тутулга олордохпут эбээт. Оннук буолуо суохтаах. Ити олох сыыһа. Таҥнары түһүү. Аныгы олох көстүүтэ. Ол эрэн, үтүө мэлдьи үрдүү туруоҕа. Сиэрдээх дьон элбэх, бааллар.
Матреналар, эһиги билигин дьон харчытынан байан олороҕут. Үөрүүгүт үрдэ суох буолуохтаах. Ол эрэн, кэнчээри ыччаккыт дьылҕатын санааҥ ээ. Бачча элбэх дьон хараҕын уута мээнэ тохтубата буолуо дии. Дьон харчытын төннөрүҥ диэн үтүөнэн сүбэлиибин. Өйгүтүн, сүрэххитин үлэлэтиҥ. Син ханнык эрэ ийэ, аҕа оҕолоро буоллаххыт. Итинник сиэрэ суох буолар гына ииппэтилэр ини? Инникигитин санааҥ!
Үп пирамидатын бэлиэлэрэ
Маннык пирамидалар бэйэлэрэ туспа бэлиэлээхтэрин эрдэттэн үөрэтэн көрдөххө билиэххэ сөбүн полиция үлэһиттэрэ этэллэр. Дьон аны итинниккэ түбэспэтэр ханнык диэн, олортон сүрүннэрин бүгүн билиһиннэрэбин.
Бастатан туран, сиэри таһынан үрдүк бырыһыанынан угуйуу. Өскөтүн бааннар үрдээбитэ 12-13 % биэрэр эбит буоллахтарына, маннык пирамидалар 50-100 % дохуоту эрэннэллэр.
Иккис бэлиэнэн ити үрдүк дохуоту эрэннэрэн баран, харчы угарга күһэйиилэрэ буолар.
Үһүс сүрүн бэлиэ — саҥаттан саҥа дьону киллэриэхтээххин диэн ирдээһин.
Маннык дьайыылары сокуонунан дакаастыыры кыайа туттахха, буруйдаахтар РФ Холуобунай кодексатын
159-с ыстатыйатынан, ол эбэтэр, түөкүннээһин иһин биитэр 172.2.-с ыстатыйанан холуобунай эппиэккэ тардыллыахтаахтар. Оттон дьыала тэриллиитигэр сүрүн харгыһынан дьон итинник пирамидаларга харчытын бэйэтин баҕатынан илдьэн биэриитэ буолуон сөп.
Вера Макарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.