Үп-харчы туруга хайдах буолуоҕай?

Ааптар: 
06.01.2020
Бөлөххө киир:

Киһи үбүн-харчытын өҥө уонна табаар сыаналара үрдээһинин учуоттаан торумнуур. Оттон ол бэрт үгүстэн, ол иһигэр валюта кууруһуттан, үп-харчы уопсай туругуттан, дойдуга баар быһыыттан-майгыттан улахан тутулуктаах. Үүнэр сылбыт бу өттүгэр тугу тосхойуоҕай? Валюта кууруһа төһө халбаҥныай, бүддьүөт туруга хайдах буолуой?

edersaas.ru

Дойдуга тосту уларыйыы сыла

Арассыыйа Федерациятын Экэнэмиичэскэй сайдыыга министиэристибэтэ саҥа сылы тосту уларыйыы сылынан ааҕар. Ол курдук, миниистир Максим Орешкин 2020 сылга инфляция 3% буолуо диэн суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ эппитин ССТА ахсынньы 10 күнүгэр суруйан турар. Бу биэдэмистибэ баалабай бородууксуйаны оҥорон таһаарыы (ВВП) үрдээһинэ 3 %-тан түһүө суоҕа уонна бүддьүөт дохуоттаах чааһыгар үчүгэй өттүнэн сабыдыаллыаҕа диэн барыллыыр. Экспорка таһаарыллар бородууксуйа ахсаана, кээмэйэ эбиллиэҕэ, эдэр ыаллары өйөөһүн уонна оҕо төрөөһүнүн таһымын үрдэтии бырагыраамаларынан ыытыллар үлэ түмүгэр дойду демографическай дьааматтан тахсара ситиһиллиэҕэ. Биир баррель ньиэп сыаната 45 дуолларга, биир дуоллар 68 солкуобайга тэҥнэһиэ, экэниэмикэ көрдөрүүлэрэ улаатыахтара, онуоха инвестиция кээмэйэ үрдэтиллибитэ, чэпчэтиилээх кирэдьиит тииһилэҥэ кэҥэтиллибитэ, монополист хампаанньалар өҥө сыанатын үрдэтиилэрэ сокуонунан хааччахтаммыта тирэх буолуохтара диир.
“Сбербаан” АУо анаарааччылара биир дуоллар 70 солкуобайга тэҥнэһиэҕин, инфляция таһыма 5 % буолуоҕун этэллэр. Оттон Экэниэмикэ үрдүкү оскуолатын исписэлиистэрэ баалабай бородууксуйаны оҥорон таһаарыы үрдээһинэ 1,6 % буолуо дииллэр. Ону ньиэп сыаната намыһаҕынан, нолуок үрдүгүнэн уонна бэлиитикэ туруга бигэтэ суоҕунан быһаараллар.

Тутулуга суох экспертэр

Араас билгэни оҥороллор, ол эрээри үгүстэр дойду салалтата сырьеттан тутулуктаах буолууттан сыыйа бохсолонууга итиэннэ сааҥсыйа хааччахтааһынын сорох өттүн уһулары ситиһиигэ былаанын олоххо киллэрэн истэҕинэ, үп-харчы туруктаах буолуоҕун бэлиэтииллэр. Чахчы, кэлиҥҥи кэккэ сыллар экэниэмикэҕэ судургута суох этилэр. Онуоха үп-харчы уонна экэниэмикэ салааларын атахтыыр сааҥсыйа эрэ сабыдыаллаабата. Биллэрин курдук, Арассыыйаҕа бүддьүөт толоруллуута, инфляция таһыма итиэннэ араас социальнай бырагыраамалар үбүлэниилэрэ, хамнас таһыма, биэнсийэ индексацията о.д.а. барыта ньиэби хостооһунтан уонна батарыыттан улахан тутулуктаах. Онон, үүнэр сылга сырьеттан тутулуктаах буолууттан сыыйа босхолонууга болҕомто ууруллуоҕа, оттон ол ис кыахтары күүһүрдэргэ, бырамыысыланнас кэккэ салааларын өрө көтөҕөргө олук буолуоҕа. Ол курдук, аны биир сылынан, бүддьүөт ньиэби атыылааһынтан киирэр эрэ харчыга тирэҕириэ суоҕа, тастан киллэриллэр бородууксуйаны олохтоох бородууксуйанан солбуйар бырагыраама чэрчитинэн, тиэхиньикэ уонна химия бородууксуйаларыгар наадыйыы улаатыаҕа, инньэ гынан, итини оҥорор салаалар толору күүстэринэн үлэлииргэ интэ­риэстэниэхтэрэ. Аан дойду ырыынагар биир баррель ньиэп сыаната 50 дуоллартан түһүө суоҕа, ол түмүгэр судаарыстыба бүддьүөтэ этэҥҥэ буолуоҕа, социальнай бырагыраамалар салгыы үлэлиэхтэрэ дэһэллэр экспертэр.

АЛРОСА-ны эрэ маныыр тутах

Бу туһунан бэйэтин санаатын Ил Түмэн бүддьүөт, үп-харчы, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев маннык этэр:


— Валюта хамсааһыныттан саҕалаатахха, дуоллар улаханнык халбаҥныа суоҕа. 2019 сылынан көрдөххө, солкуобай оннун булбут курдук буолла, дуоллар куурсун арыый аччатта. Уопсайынан ыллахха, Арассыыйаҕа бигэтийии көстүүтэ баар. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүтэ лаппа тупсарылынна, ити гынан баран, сааҥсыйаларынан сибээстээн ырыынагын кыайан булбакка турар курдук эрээри, кэккэ судаарыстыбаларга бурдугу экспортка таһаарда. Сааҥсыйа Европаҕа өссө сыл аҥаара уһуур чинчилээх, Америка позициятын уларыппат, инньэ гынан, экэниэмикэ таһыма үрдүө диир уустук да буоллар, мин санаабар, бигэтийии баар, таҥнары барыы суох.
Оттон бэйэҕэ кэллэххэ, АЛРОСА-ны кэтээн көрөбүт. 2020 сыл бүддьүөтүн ылынарбытыгар бу хампаанньа өттүттэн билгэлээһин мөлтөх соҕус этэ, онон 2019 сылга тэҥнээтэххэ, дивидеҥҥэ 8 млрд солкуобайынан аҕыйах сууманы көрөн олоробут. Индия таможнятын сокуонугар улахан уларытыылары киллэрэн, Арассыыйа кыра караттаах алмааһы атыылыырыгар мэһэйдэри үөскэтэн, быйыл АЛРОСА киллэрэр дохуота 30 %-ынан аччаата. Ити гынан баран, анаарааччылар сыаналыылларынан уонна хампаанньа кэлиҥҥи мунньахтарыгар этиллибитинэн түмүктээтэххэ, алтынньыттан саҕалаан алмааһы атыылааһын тэтимэ үрдээбит, Саҥа дьыллааҕы уонна Ороһуоспатааҕы атыылааһыннар лаппа эбиллиини биэрэр чинчилээхтэр. Америка уонна Кытай эргиэҥҥэ “сэриилэрэ” алмаас ырыынагар улаханнык дьайар, ол хайдах буоларыттан АЛРОСА туруга эмиэ тутулуктаах. Билигин хампаанньа хостообут сырьета элбэх. Анаарааччылар Америка уонна Кытай сыһыаннара тупсуо дииллэр, онон үчүгэй хамсааһыннар тахсыахтарын итиэннэ сыл иккис аҥаарыгар барылламмытынааҕар үгүөрү дивидени ылыахпытын сөп.
Оччотугар бүддьүөт проблемалара арыый сымнатыллыахтара. Билигин икки улахан хайысхаҕа хомунаалынай өҥө төлөбүрүн субсидиятыгар уонна үөрэхтээһин судаарыстыбаннай стандартарын олоххо киллэриигэ ороскуоту ситэ көрбөккө олоробут. Биллэн турар, аҥаардас АЛРОСА-ны эрэ маныыр тутах, хампаанньа балаһыанньата биир-икки сылынан быһаарылла охсубат. Онон ньиэп уонна гаас салааларыгар эмиэ болҕомто ууруллар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэмигэр сөптөөх дьаһалы ылбытын түмүгэр, ньиэптэн уонна гаастан дохуоту ылыы быйыл лаппа улаатан, нолуок өттүгэр тугу да сүтэрбэтибит, кэлэр сылларга көрдөрүү өссө үрдээн иһиэҕэ.
2020 сылга уопсай экэниэмикэҕэ, олох бары салааларыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар, орто уонна дьоҕус биисинэскэ үчүгэй хамсааһыннар тахсыахтара. Онуоха федеральнай бүддьүөттэн көмө, субсидия көрүллүүтэ намтаабатаҕа, кирэдьиит бырыһыана аччатыллыбыта, тыа сирин олохтоохторугар 2 %-наах ипотека олохтоммута, дойду салалтата тыа сириттэн нэһилиэнньэ куораттарга көһүүтүн намтатар туһуттан тыа сирин кэлим сайыннарыыга, дьону олохсутууга улахан болҕомтотун уурбута тирэх буолуохтара.
Ил Дархан Айсен Николаев саҥа сылга тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин ырычааҕын үчүгэйдик үөрэтэн-чинчийэн баран, 2021 сылга быдан тупсаҕай ырычааҕы тобулан, өссө үчүгэйдик үлэлиир соругу туруорбута элбэх эрэли үөскэтэр. Онон үүммүт сыл нэһилиэнньэ үлэлээх-хамнастаах, дьохуоттаах буолуутугар үчүгэйи эрэ аҕалыаҕар эрэнэбит.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0