Урукку сылларга улахан бааннартан кирэдьиит ылан баран араас кыһалҕаҕа түбэспиттэр элбэхтэр этэ.
Кыһалҕаҕа түбэспит киһи үксүгэр Туһанааччылар бырааптарын уонна киһи этэҥҥэ буолуутун эйгэтигэр кэтээн көрүүгэ Федеральнай сулууспа СӨ управлениетыгар тиийэрэ чахчы. Ол курдук, бу управление Мэҥэ Хаҥалас оройуонунааҕы территориальнай салаата туһанааччы быраабын көмүскээһиҥҥэ киэҥ өрүттээх үлэни ыытар.
— Кырдьык, урукку сылларга дьон быраабын көмүскээри улахан бааннары кытта сууттаһар этибит. Кэккэ улахан бааннарга үҥсүүлэр киирээччилэр. Аны быйыл үп дьоҕус тэрилтэлэрин (микрофинансовай) кытары киирсэ сылдьабыт. Холобур, хайа эрэ киһи маннык кыра тэрилтэҕэ улахан бырыһыаннаах диэн итэҕэйэн, кылаат уурдарар уонна 6 ыйынан эбэтэр биир сылынан “үгүөрү үбү” баһан ылыам дии саныыр, ол эрээри ылыахтаах кэмигэр ити уурдарбыт харчытын кыайан ылбат. Онон маныаха майгынныыр ис хоһоонноох сайабылыанньалар киириилэрэ элбиир чинчилэннэ. Биһиэхэ “Эрэл” диэн микрофинансовай тэрилтэҕэ 2 мөл 600 тыһ. солкуобайы укпут коммерсант икки сылы быһа ол харчытын уонна бырыһыанын кыайан ылбакка сылдьыбыт. Биһиги көмөбүтүнэн бу предприниматель туһатыгар уурбут кылаатын бырыһыаннары төннөрөр туһунан суут уурааҕа таҕыста. Онон предприниматель итэҕэллээх киһитэ “Эрэлтэн”ити сууманы төнүннэрэр туһунан сөбүлэһии оҥорсо сылдьар, — диэн кэпсээтэ начаалынньык Александр Семенович Павлов.
Маны сэргэ, суотабай төлөпүөннэргэ сыһыаннаах үҥсүүлэр киирэллэр эбит. Бу үксүн “Евросеть” ХЭТ Ритейл-га сыһыаннаах. Саҥа атыылаһыллыбыт төлөпүөн кыайан үлэлээбэт эҥин курдук араас дьиэктээх буоллаҕына, ирдэбил быһыытынан икки нэдиэлэ иһигэр төнүннэриэхтээххин. Онуоха атыыһыттар уларыппат түгэннэригэр, эмиэ бу Туһанааччылар бырааптарын уонна киһи этэҥҥэ буолуутун эйгэтигэр кэтээн көрүүгэ Федеральнай сулууспаҕа үҥсүөххүтүн сөп.
Холобур, Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаа төлөпүөн атыылаабыт тэрилтэттэн биир киһиэхэ “моральнай буортуну” оҥорбутун иһин 7 тыһ. 969 солк толуйтарбыт.
Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаа үп боппуруостарыгар дьоҥҥо көмөлөөх ыстатыйалары “Эркээйи” хаһыакка бэчээттэтэр. Маннык матырыйааллары ааҕыы туһанааччы быраабын билэригэр көмөлөөҕө чахчы.
Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн