Бөлүүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Салехартан сөмөлүөтүнэн овцебыктары аҕаллылар.
Атырдьах ыйын саҥатыгар Ямало-Ненецкэй уокурукка баар Полярнай-Уральскайдааҕы айылҕа пааркатыгар көҥүл көччүйэ сылдьар биэс ыйдаах 15 уонна балтараалаах 7 овцебыктары туппуттара.
Булуҥ улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин салайааччы Иннокентий Стручков: «Овцебыктар сөмөлүөтүнэн этэҥҥэ айаннаан кэлбиттэр. Өскөтүн, бүгүн күн дьыл туран биэрдэҕинэ, туруохтаах сирдэригэр ыыталыахпыт», – диэн кэпсээтэ.
Кылгас ыспыраапка
1996 сылтан 2002 сылга диэри СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин Биологическэй ресурсаларга департаменын көҕүлээһининэн, Таймыыр уокуругуттан сэттэтэ төхтүрүйэн аҕалан, Саха сирин туундаратыгар 94 овцебык ыытыллыбыта. 2009, 2010 уонна 2014 сылларга тэрээһин салгыы ыытыллан, 74 кыыл эбии аҕалыллыбыта.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 2600 овцебык Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ уонна Аллараа Халыма улуустарыгар үөскээн-ууһаан сылдьаллар.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru