Овцебыктары Саха сиригэр Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ уонна Орто Халыма улуустарыгар 1996 сылтан саҕалаан 2017 сыллар эргин аҕалан ыыппыттара. Ити сылларга барыта 11 эспэдииссийэ оҥоһуллан, түөрт улууска барыта 190 кыылы аҕалбыттара. Билигин кинилэр уопсай ахсааннара 5000 буолбут.
Ол эрээри, айылҕа барахсан бэйэтин уларытыытын киллэрэр буоллаҕа. Ол курдук, кэлиҥҥи кэмҥэ обцебыктар Усуйаана сиригэр-уотугар көстөр буолбуттар. Хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ кытары баар. Кыыллар Аллайыаха улууһуттан кэлэллэрин быһаарбыттара. Ол курдук, быйыл ыам ыйыгар Усуйаана улууһун олохтооҕо Станислав Слепцов алта обцебык (биир атыыр, икки тыһы, биир сыллатааҕы уонна икки саҥа төрөөбүттэр) сылдьарын түбэһэ көрөн¸хаартыскаҕа түһэрбитэ. Бу — овцебыктар сылдьар ыырдара кэҥээн эрэрин туоһулуур. Санатар буоллахха, бу кыыллар Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киллэриллибиттэринэн, кинилэри бултуур көҥүллэммэт, өлөрбүт дьон РФ Холуобунай дьыалатын ыстатыйатынан эппиэккэ тардыллаллар. Онон ити кыыллары түбэһэ көрдөххүтүнэ, бултаабаккытыгар, үргүппэккитигэр диэн тустаах исписэлиистэр сүбэлииллэр
edersaas.ru