«Отуу уота» күөдьүйэ туруо!

13.05.2018
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Нам улууһугар, соторутааҕыта СӨ Суруйааччыларын сойууһугар киирбит Григорий Эверстов-Тыыппалааҕы, Анатолий Софронов-Онтуону, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитин үрдүк аатын ылбыт улуустааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччытын Александр Дунаевы эҕэрдэлии, доҕотторо муһуннулар.

Тэрээһин Чаҕылҕан балаҕаныгар буолла. Бука бары тоҕуоруһан тураммыт, Александр Григорьевич аал уотун иччитигэр айах тутарын, алгыс тылын этэрин долгуйа иһиттибит. Көмүлүөк уота умайара үчүгэйиэн!

Көрсүһүү маанылаах остуолугар ыҥырааттарын кытта, бастакы эҕэрдэ тылын этэригэр ытык кырдьаҕас Иван Афанасьевич Бубякинтан-Чөҥөчөктөн көрдөстүлэр. 85 сааһын санныгар уулларбыт диэтэххэ эдэрдии эрчимин ыһыктыбатах Иван Афанасьевич ис сүрэҕиттэн дьонугар истиҥ тылларын эттэ.

Онтон бука бары «Отуу уотун» гимн ырыатын ыллаатыбыт. Маннык, киһи сүргэтин көтөҕөр ырыа автора Владислав Ядреев-Бэйэ Киһитэ ырыаларын дьоро киэһэҕэ элбэҕи иһиттибит.

«Отуу уота» литературнай түмсүүнү тэрийбит олус ытыктыыр, сүгүрүйэр суруйааччыларын Николай Михайлович Рыкунов кэргэнэ Евдокия Ивановна, киһи эрэ үөрүөх эйэҕэс тылларын сааһылаан, бүгүҥҥү дьоро күн дьоруойдарыгар эҕэрдэтин анаата. Кини литературнай түмсүү слайааччыта Александр Дунаев сүҥкэн үлэтин, түмсүүтүн чилиэннэрэ Суруйааччылар сойуустарыгар  киирэллэригэр элбэх сыратын уурарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Прасковья Байанаеваҕа тыл биэрдилэр. Саха мааны Далбар Хотуна, эйэҕэс мичээрдээх, сырдык ыраас сэбэрэлээх киһи, кэпсиирэ-ипсиирэ үчүгэйин! Доҕотторун эҕэрдэлээн, хомоҕой хоһооннорун доргуччу аахта.

Мин эмиэ, этэргэ дылы, «илии тутуурдаах, өттүк харалаах» тиийэммин, бүгүҥҥү күн дьоруойдарыгар «Офсет» кинигэ кыһатын салалтатын аатыттан бэлэхтэри туттардым, эҕэрдэ тиэртим, сөбүлүүр бэйиэттэрим хоһооннорун аахтым.

Быйыл Суруйааччы сойууһун чилиэнинэн буолбут бэйиэттэр, прозаиктар  итиэннэ аҕа көлүөнэ бэрэстэбиитэлэ суруйааччы Василий Ушницкай-Сэки тыл этэрин тыыммакка даҕаны иһиттибит.

«Отуу уота үс киит, ол эбэтэр үс сүдү дьонугар тирэҕирэр. Махтанабын Николай Михайлович Рыкуновка, Иван Васильевич Мигалкиҥҥа уонна Александр Григорьевич Дунаевка»,—диэн туран, Сэки кинигэ кэһиитин туттарда.

«Отуу уотун» мэлдьи өйүүр улуустааҕы киин библиотека үлэһитэ Христина Попова ис сүрэхтэн эҕэрдэ бастыҥын эттэ уонна Умсуура хоһооннорун ааҕан долгутта.

Нам сирэ талааннаах дьонунан-сэргэтинэн өссө төгүл сөхтөрдө.

Түмүккэ «Отуу уота» салайааччыта Александр Дунаев поэтесса Сайа тылларыгар «Кэм кэрдии сүүрүгэ» ырыатын дуораччы ыллаан, барыбытын үөртэ. Кини доҕотторугар салгыы айа-суруйа туралларыгар, кинигэлэрэ күн сирин көрөн иһэллэригэр баҕа санаатын эттэ.

«Отуу уота» сандаара тыгыа,

«Отуу уота» күөдьүйэ туруо!

Галина Басылайканова-Кэнтик кыыһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0