«Отуу уота» үбүлүөйдээх киэһэтигэр

01.11.2017
Бөлөххө киир:

Алтынньы 27 күнүгэр Нам с. А.Ф.Шестаков аатынан сынньалаҥ киинигэр улуустааҕы «Отуу уота» литэрэтииринэй түмсүү тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах үөрүүлээх киэһэ буолла.

edersaas.ru

Бу күн ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттар «Отуу уотун» тэрийбит, поэзия киэҥ нэлэмэн ходуһатыгар кэбиһиилээх оттору кэчигирэппит лиирик-бэйиэт Николай Рыкуновы истиҥник ахтан-санаан аастылар.

«Отуу уотун» чилиэннэрин уонна ыалдьыттары Нам улууһун баһылыга Александр Атласов, улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Попов,  Николай Рыкунов огдообото, Нам улууһун бочуоттаах гражданина Евдокия Рыкунова, «Отуу уота» түмсүү салайааччыта, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Александр Дунаев, улуус нэһилиэктэрин баһылыктара уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.

Ханнык баҕарар үбүлүөйгэ буоларыныы, бу күн үгүс элбэх наҕараадалар, грамоталар, махтал суруктар айар-тутар айылгылаах дьоҥҥо туттарылыннылар.

Нам улууһун баһылыга Александр Атласов СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкины, Александр Дунаевы, Николай Федотовы, Мария Мохначевская—Маарта Марияны уо.д.а. наҕараадалаата.

Улуус дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Попов:

«Биһиги, намнар, киэн туттарбыт элбэх. Аныгы кэм суруйааччыларбыт эмиэ саҥа сүүрээни киллэрэллэр, саҥаттан саҥа хоһооннорун улуус хаһыатыттан саҕалаан, туспа кинигэ оҥорон бэчээттэтэллэр. Ол туоһутунан Суруйааччылар сойуустарыгар поэзияны олохторун анала оҥостубут дьоммут  ахсааннара элбиирэ буолар. Биһиги СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкинынан киэн туттабыт уонна махтанабыт», – диэн истиҥ тыллары анаата. Улуус сэбиэтин Бочуотунай грамоталарын Прасковья Байанаева, Евгения Дьяконова, Иннокентий Кривошапкин, Варвара Попова, Юрий Потапов-Саргын, Григорий Эверстов, улуус «Өрөгөйүн ырыатын» тылын ааптара Василий Ушницкай-Сэки, Данил Макеев, Надежда Егорова, Афанасий Гуринов, Галина Басылайканова—Кэнтик Кыыһа уо.д.а. туттулар.

«Эҥсиэли» улуустааҕы хаһыат эрэдээктэр-дириэктэрэ Владислав Касьянов биир дойдулаахтарыгар Юрий Потапов-Саргыҥҥа, Иннокентий Елисеев-Усхааҥҥа, Прасковья Байанаеваҕа, Александр Дунаевка мэлдьи күүс-көмө буолалларыгар махтанан, айар үлэлэригэр сүгүрүйэн туран, тустаах наҕараадаларынан бэлиэтээтэ.

Куораттан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар: норуодунай суруйааччы Николай Лугинов, П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Николай Рыкуновка хас да хомуурунньугу таһаарбыт Николай Винокуров-Урсун, «Отуу уотуттан» иитиллэн тахсыбыт айар дьонтон биирдэстэрэ суруйааччы Павел Харитонов-Ойуку, бу күн Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕун аатын ылбыт Иван Мигалкин, бэйиэт, техническэй наука доктора Егор Старостин—Байаҕантай, Афанасий Гуринов-Арчылан, Надежда Егорова-Намылы уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар литэрэтииринэй дьаһалларга мэлдьи бииргэ алтыһар, сүбэ-ама бэрсэр, уопут атастаһар айар түмсүүлэр Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Горнайтан, Дьокуускайтан уо.д.а. кэлэн, «Отуу уоттарын» үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Нам улууһугар олорбут, «Чыҥыс Хаан» арамааны манна суруйан саҕалаабыт Николай Лугинов улууска үлэлээн-хамсаан ааспыт, бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыт, ол гынан баран, кэмигэр сөптөөхтүк сыаналаммакка хаалбыт үөлээннээхтэрин хас биирдиилэрин ааттарынан ааттаан, олохтоохтору долгутта.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ хоһоон суруйаргыт, поэзияны өрө тутаргыт наһаа кэрэхсэбиллээх. Мин сааһым тухары биир да хоһоону суруйбатаҕым. Ол гынан баран, сааһым тухары поэттарга сүгүрүйэбин. Уонна поэттар иитэн таһаарбыт киһилэрэ буолабын.

… Мин Николай Егоровичтыын убайбытын Николай Рыкуновы кэриэстээн, кини тэрийбит «Отуу уотун» чиэстээһинигэр куоракка наһаа элбэх дьыаланы хаалларан, Дьокуускайга кэтэһэн олорор дьону быраҕан туран, анаан-минээн манна кэллибит», – диэн туран, «Чыҥыс Хаан» сахалыы уонна нууччалыы бэчээттэммит кинигэлэрин бэлэхтээтэ.

Бу күн «Отуу уотун» чилиэннэрин хоһооннорунан ырыалар, инсценировкалар, театральнай туруоруулар,  түмсүү гииминин Владислав Ядреев—Бэйэ киһитэ толоруута олохтоох ааптардар сиппит-хоппут хоһоонньуттар, бэйиэттэр буолбуттарын кэрэһилээтэ.

«Отуу уота» өрөгөйдөөх үбүлүөйүн ыалдьыттара суруйааччылар кинигэлэрин быыстапкаларыгар, кинигэ  атыытыгар, хаһыаттарга, сурунаалларга сурутууга көхтөөхтүк кытыннылар.

«Отуу уота» түмсүү гииминин ааптара Юрий Потапов-Саргын хоһуйбутунуу:

«Отуу уота, күөдьүй, умай

Умуллубат кутаанан,

Отуу уота ыҥыр, угуй

Сылааһынан сыдьаайан!»

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Анатолий Софронов-Онтуон уонна ааптар түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0