Намнааҕы «Отуу уота» литэрэтиирэ түмсүүтэ тэриллибитэ 50 сылынан кинигэ таҕыста
Нам улууһун «Отуу уота» литэрэтиирэ түмсүүтэ тэриллибитэ быйыл 50 сылын туолар. Бу кэрэ-бэлиэ түгэни көрсө «отуу уота» өссө күөдьүйэн биэрдэ – «Умнуллубат уобарастар – төннүбэт түгэннэр» диэн альбом кинигэни күн сиригэр көрдөрдүлэр. edersaas.ru
Альбому арыйаат да, «Киэн тутта ахтабыт, саныыбыт, өйдүүбүт» диэн түһүмэххэ суруйааччылар Ефрем Сивцев-Таллан Бүрэ уонна Илья Винокуров-Чаҕылҕан өлбөөдүйбэт мөссүөннэрин көрө түһэҕин.
«… Оройуон нэһилиэктэригэр уонна оройуон киинигэр оччолорго баар аҕыйах ахсааннаах хоһоон, ырыа, кэпсээн, чабырҕах суруйар баҕалаахтары (энтузиастары) аан бастакынан Николай Михайлович Рыкунов ыҥыран ылаттаан, сүбэлэһэн литературнай түмсүүнү тэрийэргэ этии киллэрбитэ. Онтон 1967 с. балаҕан ыйыгар түмсүүнү тэрийэр сүбэ мунньах ыыппыппыт», – диэн ааспыт кэм ахтылҕаннаах түгэннэрин туһунан «Отуу уота» түмсүү кырдьаҕас чилиэнэ, РФ үтүөлээх экономиһа, СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Терентий Замятин суруйар.
Николай Рыкунов кэргэнэ, Нам улууһун бочуоттаах гражданина Евдокия Рыкунова 2008 с. суруйбут ахтыытыгар: «Автордарбыт ситэн-хотон, уонча киһи кинигэлээхтэр, сорохторо хастыы да. Анна Парникова дьиҥнээх суруйааччы буолбута. Улуус ытык киһитэ Василий Ушницкай-Сэки хас да кинигэ автора буоларын таһынан, Нам улууһун «Өрөгөй ырыатын» айбыта, кириитикэҕэ хорутуулаахтык ылсан үлэлиир айар үлэһит», – диэн истиҥ иэйиитин тиспитин ааҕабыт.
Айар түмсүүнү салайбыт, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Андрей Кобяков матырыйаалыгар таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар ааптардарын айымньыларын ырыппыт.
Бастыҥ түмсүү
«Николай Михайлович аарыма толкуй, баараҕай өй-санаа уохтаах көмүс куоластарын норуотугар ыһан хаалларда. Ону хайаан да, ол сиэмэлэрин көрөн-харайан, үүннэрэн, өлгөм үүнүүнү хомуйан туһанарбыт биһиги дьолбутугар эрэ буолуохтаах» – диэн санаанан салайтаран, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, мелодист Александр Дунаев үлэлээн кэлбит. А.Дунаев эппитин, эрэннэрбитин курдук, билигин түмсүүнү иилээн-саҕалаан үлэлэтэ сылдьар. «Отуу уота» өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар үлэлиир литэрэтиирэ түмсүүлэриттэн биир бастыҥнара, таһаарыылаахтык үлэлээччилэрэ, актыыбынай кыттыылаахтара диэтэххэ, омун буолбат.
Хаартыскалар кэпсииллэр
Кинигэ-альбом баай историялаах страницатынан, биллэн турар, хаартыскалар түһүмэхтэрэ буолбут. Араас кэмнээҕи дьоллоох, долгутуулаах түгэннэри намнар киэн туттар дьонноро Николай Рыкунов, Анатолий Софронов-Онтуон, Иван Бубякин—Чөҥөчөк, Александр Дунаев хаартыскалара үйэтиппиттэр.
«Отуу уота» оччотооҕу суруйааччылартан саҕалаан, айар-тутар дьоннуун истиҥ иһирэх көрсүһүүлэри тэрийбиттэрэ төһөлөөх киһиэхэ айарга-тутарга кынат буолбута буолуой? Онуоха хаартыскалар «Отуу уоттарыгар» Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Семен Данилов, Николай Тобуроков, Егор Неймохов, Николай Лугинов, Урсун, Прокопий Чуукаар, Иван Мигалкин, Сайа, Мария Решетникова уо.д.а. ыалдьыттаабыттарын тыыннаах туоһулара буолбуттар.
Ону тэҥэ, айар куттаах дьон өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар баар литэрэтиирэ түмсүүлэрин кытары көрсөн (ардыгар бэйэлэрэ тиийэн) санаа атастаһалларын, кэрэ-бэлиэ түгэннэри дьүүллэһэллэрин, «Чолбон» сурунаал чугас доҕотторо буолалларын кэрэһэлииллэр.
Кинигэ-альбом олус хаачыстыбалаах, кылабачыгас кумааҕыга бэчээттэммитэ кэрэхсэбиллээх.
«Отуу уота» түмсүү чилиэнэ Юрий Потапов-Саргын хоһуйбутунуу:
«Отуу уота олох уота
Сандаарыйар кыһата,
Хатат сахпыт сырдык тыына
Көтө турдун ыраата».
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru