Отуттан тахса сыл — салайар үлэҕэ

Бөлөххө киир:

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна АЛРОСА салалтата көҕүлээһиннэринэн, “100 анабыл аат“ быра­йыагы 2020 сылтан саҕа­лаабыттара.

Анна Михайловна Васильева 1916 сыллаахха Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалан эбээлээх эһээтигэр иитиллибитэ. Алын сүһүөх кылаас ос­­куолатын бүтэрэн баран олохтоох холкуоска суотчут-суруксутунан үлэлээбитэ. Ити кэннэ үүт пиэрмэтигэр сэбиэдиссэйдээбитэ.
1945 сыллаахха Бөтүҥ нэһилиэгин олохтоох сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Кини үлэлиир сылларыгар Бөтүҥҥэ оскуола, Култуура дьиэтэ, баанньык, икки хонтуора, икки гараас, түөрт пиэрмэ уонна холкуостаахтарга анаан 220 дьиэ тутуллан дьэндэйбитэ.
Муус устар 8 күнүгэр 1971 сыллаахха ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ­уурааҕынан, таһаарыылаах үлэтин иһин, ону сэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар кыылы-сүөлү иитиигэ, оҥорон таһаарыыга биэс сыллаах бы­­лааны толорууга ситиһиилээх үлэтин иһин Анна Михайловна Васильеваҕа Социалистическай Үлэ Дьоруойа үрдүк аат иҥэриллибитэ, Ленин уордьанынан, «Сиэрпэ уонна Өтүйэ” көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта. Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ (1976 c.), Амма улууһун уонна СӨ бочуоттаах олохтооҕо.
32 сыл устата исполком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн 1977 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Төрөөбүт Бөтүҥүгэр олорбута. 1996 сылтан Бөтүҥ нэһилиэгэр кини аатын сүгэр мусуой олохтоммута.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0