Красноярскайга олорор биир дойдулаахпыт худуоһунньук-скульптор Отур Силис

13.12.2018
Бөлөххө киир:

Аммаҕа “Дьоллоох оҕо саас”, норуот таптыыр ырыаһыта Христофор Максимов байааннаах олороро, Тааттаҕа саха литературатын төрүттээччилэр, саха норуота тумус туттар ытык дьоммут Алампа, Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара”, норуодунай суруйааччы Суорун Омоллоон, Кириэс Халдьаайыга Дьоруой ийэ А.Охлопкова пааматынньыга, о.д.а. элбэх ураты дьоһун скульптуралар киһи болҕомтотун тардар, сүрэҕин долгутар, абылыыр, өйүгэр-санаатыгар иҥэр сөҕүмэр, уһулуччу уратылаахтар.


Бу Красноярскайга олорбута отуттан тахса сыл буолбут биир дойдулаахпыт, худуоһунньук-скульптор, Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Василий Яковлевич Сивцев-Отур Силис чочуйан таһаарыылара. Кини хас биирдии ураты уран үлэлэрэ дойдутун кытары силлибэт ситимнээҕин, төрөөбүт сирин, дьонун-сэргэтин туойар тойук, ыллыыр ырыа оҥосторун туоһулууллар.

Айылҕа барахсан улахан дьоҕуру, талааны хатаҕалаабыт уран тарбахтаах скульпторын көрсөн, хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин, төрөөбүт төрүт буоруттан тоҕо тэйбитин, биһигин ыйаабыт сиригэр санаатын туоһуласпыппын бүгүн ааҕааччыларга анаан билиһиннэрэбин.

Мин аҕам алааһа

Василий Яковлевич дьоллоох оҕо сааһын, дьонун-сэргэтин туһунан ааҕааччыларбытыгар анаан кэпсиир:

Кириэс Халдьаайыбын. Сэттэ оҕоттон мин алтыспын. Ийэлээх аҕам, дэриэбинэ уола уонна куорат кыыһа. Биирдэрэ – учуутал, иккиһэ – биир кылаас үөрэхтээх. Санаан көрдөхпүнэ, өйдөрүнэн-санааларынан, ис дууһаларынан сөп түбэсиһэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэр-хоторсор буоланнар, иллээх ыал буолан буруоларын унаарытан дьоллоохтук олордохторо. Аҕам Яков Дмитриевич төрүкү Кириэс. Биэһигэр-алтатыгар тулаайах хаалан, эһэлээх эбэтигэр иитиллибит. Бастаан холкуоска үлэлээбит. Кэлин кадровай булчут буолан хара тыаттан арахпатах. Ол эрээри, кини Аар айылҕа үөрэҕин иҥэриммит киһи. Наһаа муударай, киэҥ көҕүстээх, ыллыктаах ылыннарыылаах, лоп-бааччы тыллаах-өстөөх этэ. Уус бэртээхэйэ буолан, дьиэтин малын-салын, бултуур тэрилин бэйэтэ оҥосторо. Дьон көрдөһүүтүгэр аккаастыыр диэни билбэт көнө сүрүннээҕэ.

Ийэм Анастасия Михайловна алын сүһүөх кылаас учуутала, куорат кыыһа. Биһигини төрөтөн, көрөн-истэн олорбута. Онон дьиэтээҕи учуутал буолбута. Кырабытыттан барыбытыгар хас киэһэ аайы кинигэ ааҕара, уруһуйдатара. Улахан бибилэтиэкэлээх этибит. Хаһыат, сурунаал бөҕөҕө суруталлара. “Юный художник”, “Художник” сурунааллары тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэрим. Онно аан дойдуга аатырбыт Микеланджело, Леонардо да Винчи, Пабло Пикассо, Рафаэль Санти, Огюст Роден о.д.а. үлэлэрин наһаа сөҕө, астына көрөрүм.

Уопсайынан бииргэ төрөөбүттэр бары уруһуйдуур, пластилинынан ону-маны оҥорор этибит. Оскуола редколлегиятыгар хайаан да үлэлэһэрбит. Оскуолаҕа, нэһилиэккэ буоллун, бырааһынньык чугаһаата да, бары кыттарбыт. Былакаат суруйан, хаһыат оҥорон ыйаатахпытына, нэһилиэккэ бырааһынньык тыына тута биллэрэ.

Олох ыллыга оскуола боруогуттан

Оскуолаҕа Кириэс Халдьаайыга үөрэммитим. Уруһуйдуурбун наһаа сөбүлүүр буоламмын, муусука оскуолатыгар уруһуй кылааһыгар үөрүүнэн сылдьыбытым. Дьон мэтириэтин оҥорон аҕай биэрэрим. Үөрэнэр тэтэрээтим быыһа-арда суох уруһуй буолан сэмэлэнэрим. Адьас кырабыттан худуоһунньук буолуохпун баҕарарым. Оттон аҕам миигин булчут оҥороору, алтабыттан тыаҕа батыһыннарбыта. Арыый улаатан баран, тыаҕа тахсан кини ииппит туһахтарын, чаархааннарын көрөн, аара бултаан, хайаан да илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэн үөрдэрим.

Ол эрээри, оскуоланы  бүтэрэрбэр художественнай училищеҕа туттарсар баҕалаахпын эппиппэр, балачча саҥата суох дьиппинийэн олорбута. Онтон көхсүн этиппэхтээн баран: “Ол холтуурсуктары үтүктэҥҥин, биһигини дьон күлүүтүгэр ыытаары гынаҕын дуо?” – диэн төрүт сөбүлээбэтэҕин быһа-бааччы этэн кэбиспитэ. Оччолорго худуоһунньук идэтин соччо-бачча өйдөөбөттөр буоллаҕа. Дьэ, онон, Саха судаарыстыбаннай университетыгар инженер-тутааччы идэтигэр туттарса Дьокуускай куоракка кэлбитим.

Тыа оҕото оччолорго киин куоракка кэлэн эдьиийдэрин аахха, аймахтарыгар, биллэр-көстөр суруйааччы Анастасия Саввична Сыромятниковаҕа түспүт.  Ол сылдьан суруйааччы эдьиийдэрэ дьону-сэргэни кытары хайдах  алтыһарын, үлэтин, эйгэтин көрө сылдьан, бүүс-бүтүн бэйэтэ айар иэйии алыбар курдаттыы таттарбыт. Инньэ гынан, кимиэхэ да этэ барбакка, университеттан докумуоннарын ылбыт да дойдутун диэки айанныы турбут. Дьоно, аймахтара уол быһаччы быһаарыныытыттан соһуйан эрэ хаалбыттар. Ол тиийэн үөрэммит оскуолатыгар икки ый хачыгаардаабыт, онтон кылааһынньыктарын кытары сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбит. Оччолорго “Оскуола-Производство-ВУЗ” диэн өрө тутуллар кэмэ буоллаҕа.

Саппыкыта суох саппыкыһыт

Онон дьэ, 1985 сыллаахха хотонтон аармыйаҕа барбытым. Уссурийскайга сулууспалаабытым. Онно уруһуйдуурбун көрөннөр, ким альбомун, ким бэйэтин, ким көннөрү төрөөбүт алааһын, о.д.а. үлэһэн оҥотторуу бөҕөлөр. Мин үөрүүнэн түүннэри-күннэри баҕам хоту уруһуйдаан, альбом бөҕөтүн оҥорбутум. Ахсаанын билбэппин даҕаны. Хата ол оннугар, бэйэм альбомум, били “саппыкыһыт саппыкыта суох” дииллэрин курдук, баччааҥҥа диэри сытар, — диэн күлэр.

«Төлкөбөр сирдээбит аартыгым»

— Армияттан кэлэн баран эмиэ аҕабыттан ыйытабын, ханна үөрэнэ барарбын. Онуоха аҕам: — Эр киһигин. Бэйэҥ быһаарын, — диэн соһуппута. Дьэ, онно аҕам миэхэ эрэнэр эбит диэн санаам улаханнык көтөҕүллэн, бу сырыыга, ыра санаа оҥостубут үөрэхпэр туттарса барбытым. Бастаан утаа, чугастыы Дьокуускайга үөрэнэр былааннааҕым. Онтум художественнай училищеҕа ахсыс эрэ кэнниттэн ылаллар эбит. Онон Красноярскайга В.И.Суриков аатынан художественнай училищеҕа туттарса барбытым. Хата, онно табаарыспынаан дойдубутугар уот остуолбатын нэһилиэктэн сайылыкка диэри туруоран харчыласпыппыт абыраабыта. Аны училищеҕа  уопсай дьиэ диэн суоҕа. Балтараа-икки ый устатыгар вокзалларынан, билэр уолаттарбытынан, табаарыстарбытынан хоно сылдьан үөрэммиппит. Бириэмэтэ оннуга эбитэ дуу, киһилии олорон аһаабатахпыт да иһин, санаа түһүүтэ суох үөрэ-көтө сылдьарбыт. Бары да айар-тутар баҕалаах, сарсыҥҥыга эрэллээх ыччаттар эбиппитин сөҕөбүн. Үчүгэй кырааска, холуста кэлиэ дуо? Хордуоҥка дьааһык буллубут да үллэстэн, уруһуйдаабытынан барарбыт. Хаһыа да буолан кыттыһан, түөрт сыл устата дьиэ куортамнаабыппыт. Онон Сэбиэскэй кэм оҕото, дьиэбиттэн ыраах сылдьар киһи, 80-с сыллар бүтүүлэрин, 90-с сыллар уларыйыыларын барытын эппинэн-хааммынан билбитим. 

Василий училищетын бүтэрээт, художественнай институтка промграфикаҕа киирэр. Онно үөрэнэ сылдьан (балтараа ый ааспытын кэнниттэн) биирдэ ааһан иһэн, алҕас, аан сэгэччи турарынан, скульптордар мастарыскыайдарын көрөр. Итиэннэ абылатан, биир сиргэ хам сыстан, кыайан арахсыбакка таалан турар. Били, оҕо сылдьан сурунаалга көрөр скульптураларыгар маарыҥныыр оҥоһуктар эдэр киһи өйүн-санаатын бүүс-бүтүннүү сүүйэн ылаллар. Василий бу тухары тугу көрдөөбүтүн, дууһата туохха таласпытын дьэ өйдүүр. Этэргэ дылы, утуйар да уутун умнар, аһыыр да аһын амтанын билбэт буолар. Тулуйар-тэһийэр аата суох буолан, хорсун санаатын ылынан, уол кафедра сэбиэдиссэйигэр тиийэн көрдөһөр. Соһуйуон иһин, пластилинынан, кыһын хаарынан кириэппэс, окуопа, саллаат, кыыл-сүөл оҥоро, тута, айа оонньообут тыа сирин уолун, бастаан бэрэбиэркэлээн көрөр болдьохтоон ылаллар. Онтон бастакы экзаменын биэскэ туттаран, хамыыһыйа сөбүлээн, “Скульптураҕа” устудьуонунан көһөрөллөр. Дьэ, онон кини Красноярскай биир саамай биллэр скульпторыгар, профессор Юрий Ишханов мастарыскыайыгар үөрэнэр дьолго тиксэр. “Арааһа, дьылҕам сирдээн илдьибит буолуон сөп” диэн ону этэр. Күөйэ түһэн эттэххэ, Василий институтун бүтэрэн баран, Юрий Павлович Ишханов ыҥырыытынан РАХ (худуоһунньуктар Россиятааҕы академиялара) айар мастарыскыайыгар үлэтин саҕалыыр.

Биир айылҕалаахтар иэримэ дьиэлэрэ

Василий кэргэнэ Ольга Воронкова — скульптор. Москва кыыһа В.И.Суриков аатынан художественнай институкка үөрэнэ сылдьан, Красноярскайга эбэтин ыарыылаары, доҕор буолан көрө-истэ сылдьаары көһөн кэлбит. Эдэрдэр онно, институкка бииргэ үөрэнэ сылдьаннар, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттар.

Ольгам ийэтэ Татьяна Васильевна Москваҕа С.Г.Строганов аатынан судаарыстыбаннай художественнай-промышленнай академияҕа преподаватель. Графиканан, живопиһынан, керамиканан, скульптуранан эмиэ  дьарыктанар. Улахан кыыспыт Маня устудьуоннуу сырыттахпытына күн сирин көрбүтэ. Кини ийэтин туйаҕын хатаран Суриков аатынан художественнай институкка үөрэнэр. Номнуо дьоһун үлэлэрдээх. Кырабыт, күммүт-ыйбыт Анечка сэттэтэ. 

Талааннаах, дьоҕурдаах дьиэ кэргэн далааһыннаах быыстапкаларга, улахан куонкурустарга куруук ситиһиилээхтик кытталлар. Василий Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаабыт быйылгы быыстапкатыгар кэргэнэ Ольга, кыыһа Маня хастыы да үлэлэрин аҕалбыт. Василий үлэлэрин дьиэ кэргэнинэн хайаан да көрөллөрүн, санааларын үллэстэллэрин бэлиэтиир. “Ол үлэҕин сайыннараргар көмөлөөх”, — диир.

«Суон дурдам, халыҥ хаххам»

Ийэлээх аҕам баалларына халыҥ хаххалаах, суон дурдалаах курдук сананарым. Итиэннэ куруук баар буолуохтарын курдук саныырым ээ. Орто дойдуттан букатыннаахтык “барбыттарын” кэнниттэн биирдэ өйдөөбүтүм, хайдах эрэ тулаайахсыйан, тулам дьиктитик иһийэн, кураанахсыйан хаалбыт курдук буолбутун. 

18-пын туолуохпуттан дьоммуттан, төрөөбүт-үөскээбит тэлгэһэбиттэн тэйбиппин, ийэлээх аҕам аттыларыгар сылдьыбатахпын сэмэлэнэ санаабытым иһин хайыам баарай… Киһиэхэ дьылҕата, ыҥырар-угуйар сулуһа диэн баар буоллаҕа. Ону санаан дууһам аймалҕанын, сүрэҕим ыарыытын уоскутуммутум. Аҕам этюдун оҥорбутум эрээри, оннук ситэриллибэтэҕэ. Айар үлэм туһунан альбом оҥорон ийэлээх аҕабар анаабытым. Хомойуох иһин, ийэм барахсан ону көрөөхтөөбөтөҕө, биэс сыллааҕыта барбыта. Оттон аҕам бу орто дойдуттан “барыан” үс эрэ хонук иннинэ көрбүтэ. Ити үс сыллааҕыта. Үөрэн сирэйэ сырдаан ылбыта, мичээрдээбитэ. Иһигэр туох элбэҕи эргитэ санаабытын ким билиэй… Аҕам тэлгэһэбитигэр үлэлиир мастарыскыайдаах этэ. Онно “бу худуоһунньук-скульптор үлэтэ ыарахан. Онон уолум үлэлииригэр наада буолуо” диэн наһаа элбэх өрүс тааһын муспут этэ. Ол мин үлэбин өйдөөн, сүрэҕэр чугастык ылыммытын, миэхэ эрэнэрин уонна көмөлөһө сатаабытын туоһута буоллаҕа. Ону санаатахпына, билигин уйадыйан ылабын. Барахсаммыт: “Мин үөрэммэтэхпин улахан итэҕэстээх курдук саныыбын. Эһиги бары хайаан да үөрэниэхтээххит. Дьону-сэргэни кытта тэҥҥэ алтыһыаххыт, киэҥ сиринэн тэлэһийиэххит. Кылаабынайа, хаһан да, ханна да кырдьаҕаһы ытыгылыыргытын, дьоҥҥо көмөлөһөргүтүн, өйөбүл буоларгытын умнумаарыҥ”, — диирэ.

Василий Яковлевич дьонун санаан чочумча саҥата суох олорбохтуу түстэ. Онтон: “Үөрэнэн, иэримэ дьиэ тэринэн төрөөбүт дойдубуттан төһө да ыраах олохсуйбутум иһин, Сахам сирэ сүрэхпэр өрүү чугас. Ол иһин быыс-арыт көһүннэ эрэ мэлдьи кэлэбин. Айар үлэбэр дьоммун-сэргэбин туойабын”, — диэтэ.

«Алааска истибит ааппынан»

— Отур Силис диэн ааты үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан ылыммытым, күһүн аҕабар бултуу тиийэн баран. Аҕабыт аах алаастарыгар тахсан хоммуппут. Онно утуйа  сыттахпына миигин ким эрэ: “Отур, Отур”, — диэн түүнү быһа ыҥырбыта. Түүн уһуктан аҕабар эппиппэр, туран оһоҕун оттубута уонна: “Утуй. Кыһаллыма”, — диэбитэ. Салгыы сытан утуйан истэхпинэ, сотору соҕус буолаат, эмиэ ыҥырбытынан барар. Сарсыныгар саха тылын учууталынан үлэлиир эдьиийбэр кэпсээбиппэр, оннук тыл суоҕун эппитэ. Оттон аҕам олорбохтоон баран: “Чэ, уолум арааһата атын суолга тураары гынныҥ быһыылаах. Ыҥырар буоллахтарына, сөбүлэһэр буоллаҕыҥ дии”, — диэбитэ.

Аны майгыбынан өһөспүн, үлэһиппинэн оҕо эрдэхпиттэн уон киһи үлэтин үлэлиирим. Аҕабыт биһигини, уолаттарын, “бухатыырдарым” диэн ааттыыра. Ону барытын санааммын, Силис диэн эбиллибитэ. Онон Отур Силис диэн буолан хаалбытым.

Аҕам: “Үлэлииргин, оҥороргун мээнэ көрдөрүмэ. Дьон быһа этиэ”, — диэн сүбэлиир буолара. Ити аат ылынан баран, кэлин ону санаан, толкуйдаан көрдөхпүнэ, баҕар, бу киһиэхэ харыстыыр суолталаннын диэн итинник иһиллэн, толкуйданан, тахсан кэлбитэ эбитэ дуу дии саныыбын. 

—Үлэҕин, бастаан, туохтан саҕалыыгыный? Дьоруойдаргын хайдах талаҕыный?

— Бастаан, биллэн турар, толкуйдаабыт, талан ылан оҥорорго соруммут тиэмэбинэн элбэх матырыйаалы төһө кыалларынан хасыһан була сатыыбын. Бибилэтиэкэҕэ сылдьабын. Санаа бөҕө киирэр. Ол кэннэ эскиһин оҥороҕун. Үлэм итинник саҕаланар. Оттон Саха сиригэр кылгас кэмҥэ кэлэрбэр, билэр дьоммун оҥорорго кыһаллабын. Кими хаартыскатынан, кими харахпынан көрөн өйдөөн хаалбыппынан чочуйабын. Оттон атын, талбыт тиэмэбэр, бэйэм талабын, көрөбүн.

—Тутуһар биир чопчу тиэмэлээххин дуу?

— Оҕо саас туһунан тиэмэни сөбүлүүбүн. “Сир оҕото”,  “Сайын”, о.д.а. үлэлэрдээхпин. Ол гынан баран,  киһи баҕалаах уонна дууһата иэйэр буоллаҕына, ханнык баҕарар тиэмэҕэ ылсыан, холонуон сөп.

— Скульптураны чочуйаргар талан ылбыт киһиҥ майгыта-сигилитэ үлэҕэр дьайар, биллэр дуо?

Чочуйар үлэҕэр талан ылбыт дьоруойуҥ дууһатыгар, кини көрбөтүгэр-билбэтигэр киирэҕин. Ол да буоллар, майгыларын-сигилилэрин үлэлии туран син биир өтө сэрэйэҕин. Үлэҕэр ол эмиэ көстөн кэлиэн сөп. Холобур, ытык киһибит Суорун Омоллоон наһаа үчүгэйдик сүбэлиир-амалыыр буолара. Чочуйарбар да дьикти түргэнник арыллыбыта, табыллыбыта. Оннукка наһаа үөрэҕин, чэпчиигин даҕаны.

Дьоруойдарым арыт хомуур буолаллар. Ол оҕо сылдьан истибиппин, айанныы сылдьан көрбүппүн, кэпсэтэр-ипсэтэр дьоммун барытын үлэлиирбэр толкуйдаан көрөрбүттэн, тиэмэтиттэн эмиэ тутулуктанар.

—Биир үлэ төһө өр оҥоһулларый уонна ол туохтан тутулуктанарый?

Араас. Арыт, аҕыйах ыйынан, арыт хас эмэ сылынан. Холобур, “Санаа” диэн үлэбин биир сыл оҥорбутум. РСФСР народнай худуоһунньугун Афанасий Мунхаловы түүн иһигэр. Онон чуо бачча бириэмэ диэн этэр кыаҕым суох. Үйэ да тухары уһуон сөп. Арыт, саҕалаан испит үлэҕин тохтотон баран, сарсыныгар, өйүүнүгэр букатын да атыннык, хаттаан оҥорон барыаххын сөп.

—Саха дьонун кутун туппут үлэлэргиттэн биирдэстэрэ – Былатыан Ойуунускай оҕо сааһын ойуулаабыт айымньытыттан скульптураҥ хайдах чочуллан тахсыбытай?

Экспедицияҕа  2003 сыллаахха, Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 110 сылынан, Тааттаҕа алаастарынан сылдьыбыппыт. Онно Былатыан Ойуунускай алааһыгар кини хаампыт, сүүрбүт кырдалларынан хаампытым, тыыммыт салгынынан тыыммытым, кини күөлэһийбит отугар сыппытым, дьон-сэргэ, уруулара-аймахтара ахтан-санаан ааһалларын барытын чугастык ылыммытым. Красноярскайга тиийэн бараммын, урут ааттаах-суоллаах скульптордар үлэлээбит мастарыскыайдарыгар, уота-күөһэ, ититиитэ быһыллан турар дьиэҕэ, иэйиим киирэн түүннэри-күннэри, кыра тимир оһохпун отто-отто, чүмэчи уотугар  оҥорбутум. Үлэм ситэн-хотон 2004 сыллаахха норуот өйөбүлүнэн уонна спонсор көмөлөһөн, Тааттаҕа Халамнаайыга туруоруллубута. Ис хоһооно ытык Ойуунускай дьылҕатын, самныбат санааны, ханнык да ыараханы туораан сырдыкка, кэрэҕэ тардыһыыны көрдөрөр, кэпсиир.

— Ити «Покаяние» диэн үлэҥ ис аймалҕаны кэпсиир курдук? Тобуктаан олорор “Коленопреклоненный” эмиэ ураты. Быһаарыаҥ дуо?

—33 саастаахпар, бэйэбин көрдөнөр судургута суох кэмҥэ айыллан тахсыбыттара. Дьиҥэр триптих буолуохтааҕа. Үһүс үлэм хааман иһэр киһи буолуохтаах этэ.

—“Дьүөгэлиилэр”, Аммаҕа турар “Оҕо сааһыҥ”?

“Дьүөгэлиилэри Анастасия Сыромятникова айымньытыгар олоҕуран оҥорбутум. Аммаҕа баар “Оҕо саас” композиция эскиһин кэргэним Ольга оҥорбута.

—Баҕа санааҥ?

—Айар үлэбинэн бар дьоммун үөрдэ турдарбын. Былаан, баҕа санаа элбэх. Итиннэ даҕатан эттэхпинэ, Саха тыйаатырыгар турар гипсэттэн оҥорбут “Оҕо куйуурдуу турара” үлэбин чөлүгэр түһэриэхпин, алдьаммытын-кээһэммитин абырахтаан, кыаллар буоллаҕына, үйэлээх матырыйаалынан солбуйуохпун баҕарабын. Быйыл «Оҕо куйуурдуу турара» бастакы үлэбин (бастакы модель) Дьокуускайга П.А.Ойуунускай аатынан литературнай мусуойга туруорбуппун дьон-сэргэ наһаа кэрэхсээбитэ, сөбүлээбитэ. “Манна туруон сөп эбит”, — диэн элбэх киһи эппитэ эрээри, үп-харчы кыаллыбатынан, ити боппуруос ыарахан.

Дьиҥэр, мин хас биирдии үлэм, тус бэйэбэр төрөппүт оҕом кэриэтэ күндү, чугас. Онон сүрэҕим ыалдьара кэмнээх буолуо дуо? Ол иһин, үлэлэрим олохтоох миэстэлэрин булуохтарыгар диэри санаа баттыга буолабын. Оттон дьиҥ миэстэлэрин буллахтарына, дууһалыын уоскуйабын. Ол тэҥэ, билигин Саха тыйаатырыгар турар үлэм олохтоох миэстэтин булуоҕун олус баҕарабын, — диэн эттэ.

Маныаха “Арассыыйа чулуу ааттара” диэн аэропортарга биллиилээх дьон аатын биэрии куонкуруһун түмүгүнэн, Былатыан Ойуунускайга баһыйар элбэх куолас бэриллибитэ. Онон Дьокуускай аэропордугар, куонкурус усулуобуйатынан, кини аата иҥэриллиэхтээх. Маныаха саха норуотун туһугар элбэх үтүөнү оҥорбут ытык киһибит — Былатыан Ойуунускай хараҥаны халбарытан, сырдыкка, үтүөҕэ тардыһар модун санаалаах мөссүөнүн аан дойду араас муннугуттан кэлэр ыалдьыттар көрүүлэригэр, сүгүрүйүүлэригэр анаан, арай, аэропорт биир саамай көстүүлээх сиригэр туруорар буоллар…

Түмүк

Красноярскайга олорор, айар-үлэлиир биир дойдулаахпыт, худуоһунньук-скульптор Василий Сивцев—Отур Силис өссө устудьуоннуоҕуттан араас куонкурустарга кыттан үлэлэрэ үрдүк сыанабылы ылбыттара. Билигин кини чочуйуулара Бүтүн Россиятааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы, Саха сиринээҕи, Красноярскай кыраайдааҕы быыстапкаларга, Казахстаҥҥа, Канадаҕа, о.д.а. дойдуларга ыытыллыбыт далааһыннаах тэрээһиннэргэ, симпозиумнарга көрдөрүүгэ  туруоруллан, бар дьон сөҕүүтүн-махтайыытын ылыахтарын ылаллар. Олору барытын махтал суруктар, грамоталар, туттарыллыбыт бириэмийэлэр туоһулууллар. Үйэлэргэ хаалар дьоһун үлэлэрин иһин барҕа махталларын биллэрэн тураннар, дойдулаахтара Томпо оройуонун Байаҕантай нэһилиэгин, Томпо уонна Таатта улуустарын бочуоттаах гражданинын  аатын туттарбыттара. Онтон: “Хас да улууска, Дьокуускай куоракка уос номоҕор киирбит дууһа кылын таарыйар ураты үлэлэрдээх дойдулаахпытыгар үрдүк ааты-суолу биэрэр кэм уолдьаста ээ”, — диэн кини быыстапкаларыгар сылдьыбыт, үлэлэрин көрбүт дьон санааларын үллэстибиттэрэ, кырдьык да, таах хаалбатар.

 

Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: Василий Сивцев дьиэ кэргэнин архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0