Оту тиэйии ороскуотун толуйууга өрөспүүбүлүкэттэн көмө оҥоһуллуо

18.01.2019
Бөлөххө киир:

Ааспыт дьылларга тэҥнээтэххэ, быйылгы кыстык төһө даҕаны холку курдугун иһин, сүөһү-сылгы аһылыгар кыһалҕалаах нэһилиэктэр, хаһаайыстыбалар суох буолбатахтар. Ол курдук, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сир үлэтигэр, мелиорацияҕа, материальнай-техническэй хааччыйыыга уонна тыа хаһаайыстыбатын информатизациялааһыҥҥа департаменыгар түмүллүбүт сайаапканан, 13082,5 туонна оту тиэйии былааннанар.

edersaas.ru

Итинтэн 6812,1 туонната улуустан улууска, 6270,4 туонната улуус бэйэтин иһигэр нэһилиэктэн нэһилиэккэ тиэйиллиэхтээх. Тохсунньу 15 күнүнээҕи туругунан, 4503 туонна от тиксэриллибит. Ити гынан баран, департамент салайааччыта Василий Чичигинаров быһаарарынан, бу тиэйии иһигэр субсидияламмат кээмэй эмиэ киирэн сылдьар эбит. Тоҕо диэтэххэ, министиэристибэ сүөһү кыстыгар оперативнай штаба көрөн бигэргэппит эрэ кээмэйигэр субсидия төлөнүөҕэ. Айылҕа содулугар эмсэҕэлээбэтэх эрээри, бэлэм окко үөрэнэн хаалбыт хаһаайыстыбалар тиэйии ороскуотун бу сырыыга бэйэлэрэ толору уйунуохтара.

Василий Васильевич билигин ТХМ сүөһү аһылыгын тиэйиигэ анаммыт бирикээһин барыла бэлэмнэниллэ сылдьарын эттэ. Онно ыйылларынан, тиэйии ороскуотуттан хотугу улуустарга 70, онтон уратыларга 65 итиэннэ улуус иһигэр нэһилиэктэн нэһилиэккэ (60 км таһынан буоллаҕына) 40 бырыһыанныытын судаарыстыба толуйуо. Барыллаан ааҕыынан, ити сыалга 40,624 мөлүйүөн солкуобай өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүөхтээх.

Мантан аллараа министиэристибэ мэктиэлиир тарыыбын билиһиннэрэбит. Туонна/килэмиэтиргэ 2012 сыллаахтан 17 солкуобай 50 харчы төлөнөн кэлбит эбит буоллаҕына, уматык сыаната ыараабытынан, быйылгыттан 20 солкуобай 40 харчыга таһаарарга бырайыак оҥоһуллубут:

  1. Оту уонна сенаһы хотугу улуустарга тиэйиигэ – 20 солкуобай 40 харчы;
  2. Оту хотуттан ураты улуустарга 60 км-тэн 300 км-гэ диэри тиэйиигэ – 20 солкуобай 40 харчы;
  3. Оту хотуттан ураты улуустарга 301 км-тэн ыраах тиэйиигэ – 18 солкуобай 10 харчы;
  4. Сенаһы хотуттан ураты улуустарга 60 км-тэн ыраах тиэйиигэ – 14 солкуобай 10 харчы;
  5. Оту 1000 км-тэн ыраах тиэйиигэ – 18 солкуобай 10 харчы, 100 бырыһыан толуйан туран.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0