Оттук сезонугар бэлэмнэнии: быйыл Орто Суртка 28 кэтэх дьиэ киин ситимҥэ холбонуо

Бөлөххө киир:

 

Оттук сезонугар бэлэмнэнии күүскэ барар. Ый курдугунан көмүс күһүн кэлиэ турдаҕа.

edersaas.ru


Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарын итиинэн хааччыйар «ОДьКХ» ГУП сайын устата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аны күһүҥҥэ диэри 743 хочуолунайы уонна 2185 км уһуннаах инженернэй ситими өрөмүөннээн бэлэмниэхтээх. Быйылгы өрөмүөҥҥэ 603 мөл. солк тыырыллан, сөптөөх үлэ ыытылла турар. Тустаах тэрилтэ үлэһиттэрэ улуустарыгар хочуоллары, 73 км уһуннаах инженернэй ситими өрөмүөннүүллэр. Итини тэҥэ, быйыл, былаан быһыытынан, 715 кэтэх дьиэни киин ититэр ситимҥэ холбуохтара.

Горнай улууһунааҕы «ОДьКХ» ГУП филиалын үлэһиттэрэ Бэрдьигэстээх киинигэр турар «Култуура» хочуолунайыгар «Универсал-6» эргэ хочуол оннугар «КСВ-0,6» диэн икки саҥа хочуолу таҥа сылдьаллар.

Түөрт биригээдэ «Балыыһа» хочуолунайыттан барар ититэр ситими саҥарда сылдьар. Итии уонна тымныы уу турбаларын уларыталлар, – диэн Горнайдааҕы филиал кылаабынай инженерэ Егор Захаров кэпсиир.Итини оҥорон бүтэрдэхтэринэ, ититэр ситим туругун бэрэбиэркэлиэхпит. Салгыы «ДРСУ» хочуолунайтан тахсар ититэр ситими саҥардан, улахан турбалары таҥыахпыт. Тоҕо диэтэххэ, киин ититэр ситимҥэ аны күһүҥҥэ диэри хас даҕаны дьиэ холбонуохтаах.

* * *

     Бэрдьигэстээххэ биир биригээдэ сиикэй ньиэби хаһаанар ыскылааты өрөмүөннээн, акылаатын уларыта сылдьар. Аны күһүҥҥэ диэри Орто Сурт сэлиэнньэтигэр киин ититэр ситимҥэ 28 ыал дьиэтэ холбонор усулуобуйатын тэрийиэхтэрэ.

Александр ТАРАСОВ,Саха сирэ” хаһыатedersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0