Кыһалҕалаах кыстык кыһарҕаныгар ылларбыт Абый, Орто Халыма, Аллараа Халыма, Үөһээ Халыма, Усуйаана, Муома улуустарыгар, б.дь. тохсунньу 16 күнүнээҕи туругунан, 2281 ынах сүөһү (ол иһигэр — 1200 ынах), 6422 сылгы (ол иһигэр — 3761 биэ) уонна 57193 таба кыстаан тураллар.
Ити хотугу улуустар исписэлиистэрэ бэлиэтииллэринэн, кыстыкка киириэхтэн ыла, аһылыгы кэмчилиир инниттэн “айах адаҕатын аҕыйатыы” сиэринэн, 580 ынах сүөһүнү уонна 1093 сылгыны өлөрөн эккэ тутуннулар. Ону таһынан, 7 сүөһү көнньүнэн өлбүт, 3 3 сүөһү «хандьыдаат испииһэгэр» киирбит. Сылгы баайтан 333 төбө ыран охтубут, 23-һү бөрө сиэбит. Билигин эбии аһылыкка 2365 сылгы турар, итинтэн 562 төбөтө мөлтөх туруктаах. Үөһэ ыйыллыбыт таба ахсааныттан 150-ну эккэ туттубуттар, 746 таба көнньүнэн өлбүт, 241 табаны ардай аһыылаахтар тардыбыттар.
Миэстэтигэр билигин 6474 т от, 38,8 т уотурба уонна 15,8 т эбиэс, 28 т туус хаһаастаах хаалбыттар. Баар сүөһүнү-сылгыны энчирэппэт туһуттан улуустарга нэһилиэктэр икки ардыларыгар оту саамылаан, кыһыҥҥы айан суола арыллыар диэри тиийиммэттэри салҕааһын үлэтэ тэриллэр. Дьиҥэр, биир нэһилиэк иһигэр оттоммут оту сиртэн тиэйэн аҕалыы даҕаны тоҕус сорунан кыаллар. Оту тиэйиигэ сүрүн күүс – «Буран», маннык 302 тэрил сүүрэр. Итиэннэ 23 тыраахтар үлэлиир. Билиҥҥи туругунан, уматыктан 32 т сэлээркэ, 45 т бензин ордубут.
Министиэристибэ былаанныырынан, киин улуустартан Абыйга 550, Өймөкөөҥҥө 430, Эбээн Бытантайга 100, Дьааҥыга 1239, Муомаҕа 482, Булуҥҥа 40 т от тиэйиллиэхтээх. Мантан билиҥҥитэ Дьааҥыга 162 т от айаннаабытыттан 90-тан тахсата тиийдэ. Онтон ураты улуустарга кыһыҥҥы суол арылла илик буолан, тардылынна. Өссө уотурба, эбиэс тиксэриллиэхтээх.
Комментарий
Балаһыанньа хайдаҕын билээри, тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин солбуйааччы Афанасий Семеновтан туоһуласпыппар маннык хоруйдаата:
– Хотугу улуустартан бу күҥҥэ саамай уустук балаһыанньалаах – абыйдар. Суол Муома уонна Абый икки ардыларынааҕы быыска диэри анньылынна. Итиннэ 3 «Кировец» тыраахтар үлэлии сылдьар. Кэбэргэнэҕэ 2-3 хонугунан суолланыахтара диэн күүтэбит. «Туймаада-Агроснаб» ААУо массыыналара Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан сарсын (20.01.2017) от тиэнэн баран, айаҥҥа турунуохтара. Өссө эбиэс ыытыахпыт.
Орто халымалар отунан бэйэлэрин хааччыналлар. Нэһилиэктэрин икки ардыларыгар уонна нэһилиэк бэйэтин сиригэр суоллара суох буолан моһуогурдулар. Улуус кииниттэн чугас сытар Налимскайга уонна Хатыҥнаахха эрэ сылдьар кыахтаахтар. Улуус баһылыга Евгений Слепцов ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрэн эрэбит диир. Суол – олох хорук тымыра. Суолтан сүөһү-сылгы аһылыга эрэ буолбакка, дьон аһыыр бородууктата, оттук-уматык барыта тутулуктанар.
Хоту улуустарга суол бытааннык анньыллар төрүөтэ биллэр: олус халыҥнык түспүт хаар аны кытаатан хаалла уонна ол анныгар үллүктэммит муус чараас сытар, ыарахан уйуктаах тиэхиньикэни уйбат, сорох сиринэн бадараан. Биһиги министиэристибэбит тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах боппуруостары хонтуруолга тутан олорор.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru