Оттооһун: 6 000 туонна от кэбиһилиннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү туругунан, сүөһү-сылгы ииттэр улуустар бары окко киирдилэр.

edersaas.ru

Онон, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчытынан, билигин 9 000 киһи, 2 816 звено, ол иһигэр 515 толору мэхэньисээссийэлээх, 1 347 ситэтэ суох мэхэньисээссийэлээх, 165 көлө-илии уонна 776 илии звенолара оттуу сылдьаллар, барыта 3 000 араас көрүҥнээх тиэхиньикэ туһаныллар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 14 694 гектар ходуһа ото охсулунна, 6 000 туонна от чөкөтүлүннэ. Аһыҥаттан өрүсүһэн хотуурдарын эрдэ тыаһаппыт улуустар:  Уус Алдан улууһа 1 240 туонна, Нам улууһа 858 туонна итиэннэ Хаҥалас улууһа 692 туонна кэбиһилиннилэр.

Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 471 495 т от, 16 112 т сенаж, 25 567 т сиилэс бэлэмнэниэхтээх. Ол эрээри, кураанынан сибээстээн былаан 90 %-а толоруллар кыахтаах, ити иһигэр ыраах участактарынан көһөн оттуур мобильнай биригээдэлэр 21 900 туоннаны оттуохтаахтар.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0