Ньурба куорат Н.И. Харитонов-Николай Чуор аатынан “Кыталык” култуура дыбарыаһын кулууптарын түмсүүтүн салайааччыта Майя Левина отонноох оҥоойугу оҥорууга маастар-кылааһы көрдөрөр.
“Иистэниэхпин баҕаран, алта сыллааҕыта кыбытык тигиинэн харысхал тикпитим, онтон маллаах иһит, сахалыы киэргэллэри быһан оҥорбутум. Ол курдук сыыйа араас тигиигэ, оҥоһуктарга ылсан барбытым. Билигин туох баар матарыйаалтан барытыттан иистэнэбин. Маҥнай иискэ уһуйбут киһибинэн 85 саастаах, күн бүгүҥҥэ диэри дьоҥҥо сакааһынан этэрбэс тигэр аҕам Михаил Петрович Николаев буолар”, — диэн “Кыталык” култуура дыбарыаһын кулууптарын түмсүүтүн (клубное формирование) салайааччыта кылгастык билиһиннэрдэ.
Күн бүгүн кулуупка 30-ча киһи дьарыктанар. Майя Михайловна салайыытынан арааһы бары тигэллэр, айаллар-туталлар. Дьаҥ тарҕанан үлэлэрэ ыраахтан олорон барар, онон видеонан маастар-кылаастары тиһигин быыспакка ыыталлар.
Кулууп үлэтин-хамнаһын инстаграмҥа dk_kytalyk сирэйдэригэр киирэн көрүөххүтүн, маастар-кылаастары туһаныаххытын сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru