ОТОН, СОБО БОРОҺУОКТАРА

13.04.2019
Бөлөххө киир:

Ханна да бэйэ бэлэмнээбит, оҥорон таһаарбыт аһыгар-үөлүгэр болҕомто улаатан иһэр.  Маныаха күөх тыабытыгар үүнэр сирбит аһа, үүнээйибит арааһа, көмүс хатырыктаахпыт киһиэхэ туһалаахтара, битэмииннээхтэрэ, иҥэмтиэлээхтэрэ, амтаннара минньигэстэрэ бигэргэнэн турар.  Бу кэскиллээх хайысхаҕа оскуолалар ылсан дьарыктаналлара кэрэхсэбиллээх. 


Түргэнник буһар балык миинэ

Урут хаһан эмэ отону, собону бороһуоктаан ас гынан аһыахпыт диэн биирдэ эмэ санаабыппыт эбитэ буолуо дуо? Онтубут, билигин бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар, бэйэбит аттыбытыгар сылдьар оҕолорбут-урууларбыт толкуйдаан, тобулан, доруобуйаҕа туох да буортута суох, сибиэһэй, иҥэмтиэлээх, битэмииннээх аһы-үөлү бэлэмнээн, оҥорон, хаалаан таһаарар буолбуттара кэрэхсэбиллээх.

Уус Алдан улууһун Найахы агро-оскуолатын оҕолоро түргэнник буһар бакыаттаах собо миинин толкуйдаан оҥорбуттара хайҕалга сылдьар.

Салайааччылара Наталия Охлопкова кэпсээбитинэн, Дьокуускайтан Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтуттан Николай Матвеев тахсан  оҕолору кытары сэһэргэһиитэ айарга-тутарга баҕаларын күүһүрдүбүт. Итинтэн саҕыллыбыт оҕолор түргэнник буһар бакыаттаах балык миинин толкуйдаабыттар.

— Аан бастаан арыылаан, сымыыттаан, араастаан хатаран, буһаран көрбүппүт да табыллыбатаҕа. Онтон эт эрийэргэ балыгы эрийтэрэн, хобордооххо буһаран, оһоххо хатаран, мэлийэр тэрилгэ бороһуоктаабыппыт дьэ табыллан, оҕолор үөрүү-көтүү бөҕө буолбуттара, —  диир Наталия Дмитриевна.

Бороһуоктаммыт собоҕо туус эрэ эппиттэр. Биирдии бакыакка үстүү чаайынай ньуоска боро­­һуок кутуллубут. Миин оҥосторго чааскыга бакыаты уган баран оргуйбутунан ууну кутаҕын, кыратык күүтэҕин. Оҥорон  таһаарааччылар манна кальций, фосфор, хром баалларын, доруобуйаҕа туһалааҕын, собо миинин истэххэ киһи сэниэлэнэрин этэллэр.

— Собобут миинин патена сотору кэлиэ диэн үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдилэр. Санаабыт өссө көтөҕүллэн, аны, собобутуттан паштеппытыгар ылыстыбыт, —  диир салайааччылара.

Отон, сүбүөкүлэ бороһуога

Нам улууһун I Хомустаах ос­­куолатын бизнес-инкубаторыгар 20-тэн тахса оҕо дьарыктанар. Салайааччылара Лариса Солдатова 7-с кылааска үөрэнэр Ньургун Яковлев былырыын отону хатаран бороһуоктаабытын кэпсиир.

— 4 киилэ отонтон мэли­йэн, хатаран – 400 гр бороһуогу таһаарар. Бакыаттарга 50 кы­­раам куталлар уонна 300 солкуобайга атыылыыллар. Биир бакыаттан биир биэдэрэ морс тахсар. Төрөппүттэр биһирээннэр соҕуруу куораттарга үөрэнэр, үлэлиир оҕолоругар ыытар буоллулар. Үлэһээччи элбээтэ. Өйдүүргүт буолуо, урут “Юпи” диэн ууга булкуйдахха кэбэҕэстик утах буолар бороһуок баара. Оттон билигин, биһиги оҕолорбут бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар үүнэр үүнээ­йиттэн иҥэмтиэлээх, доруобу­йаҕа туһалаах, кэбэҕэстик бэлэмнэниллэр аһы-үөлү толкуйдууллара үөрдэр, —  диир Лариса Ивановна.

Оҕолор клюкваттан (кыһыл отонноох үүнээйи) бороһуок оҥорбуттар. Ордук тымныйыы кэмигэр бу үүнээйиттэн утах туһалааҕын, кыраадыһы түһэрэрин этэллэр.

Маны таһынан, өссө, сүбүөкүлэттэн бороһуоктаахтар. 100 гр сүбүөкүлэттэн —  10-20 гр бороһуок тахсар дииллэр. Ыстакаан сылаас ууга 1 ч.нь. бороһуогу кутан баран иһэҕин, доруобуйаҕа туһата улахан диэн бэлиэтииллэр.

Бу бороһуоктар туох да эбилигэ суохтар. Сылааска ууллубаттар, тымныыга тоҥмоттор. Ыраах илдьэ барарга ыйааһыннара кыра, миэстэни да ылбаттар. Эбиитин бириэмэни бараабакка кэбэҕэстик бэлэмнэниллэллэр.

Оҕолор бу оҥоһуктарыгар хааларын, этикиэткэлэрин  бэйэлэрэ толкуйдаабыттар. Атыыга да хамаҕатык барар. Маны сэргэ, дьонуҥ мүөттэрэ, чэйдэрэ, мыылалара, о.д.а. элбэх. Барыта, кырдьык да, астык.

PS: оҕолор оҥорон таһаарар бородууксуйаларын туһунан кэлэр нүөмэрдэрбитигэр сиһилии билиһиннэриэхпит.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0