Отоһут Сэмэн сүбэлэрэ

28.09.2021
Бөлөххө киир:

Ааспыт нүөмэргэ (“Саха сирэ” хаһыат 36-с (6277) №-гэр) “Өбүгэлэрим суолбун ыйан биэрбиттэрэ” диэн ыстатыйа бэчээттэммитэ. Онно 17 сыл үлэлээбит судаарыстыбаннай сулууспатын хаалларан, эмтээх оту хомуйуунан, тарҕатыынан, сырдатыынан дьарыктанан эрэр Семен Григорьев туһунан суруйбуппут.

Бүгүн кини өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин сөргүтэр үлэтиттэн быһа тардан, эмтээх оттору хомуйуу туһунан сүбэлэрин таһаарабыт. Чахчыта да, тыһыынчанан сылларга ыалдьар, ыксыыр кэмҥэ үрүҥ тыын өллөйө буолбут, эмп, балыыһа суоҕуна быыһыыр-харыстыыр дьонунан отоһуттар, эмтээх оттор этилэрэ. Бу мындыр билиини, үйэлээх үөрүйэҕи, аныгы кэм хиимийэ эмигэр үтүрүйтэрэн, умнар суолга киирэн эрэбит. Ол эрээри, хиимийэ эмтэрэ абырыахтарын да, тэҥинэн алдьатыахтарын да сөп.

Ураты турукка киирэбин”

— Саха сиригэр үүнэр эмтэр олус уохтаахтар, ордук күүстээхтэр, уратылаахтар диэн этии чахчы. Кылгас сайын иһигэр күн күүһүн, туһалаах бэссэстибэлэри муҥутаан мунньуна охсор дьүккүөннээхтэр. Ол эрээри, ол туһунан научнай чинчийии суох. Иккистээн төрүүрүм буоллар, биолог буолан, эмтээх оттор састааптарын, доруобуйаҕа туһаларын чинчийиэм этэ. Сэбиэскэй кэмҥэ уһулуччулаах фитотерапевт А.А. Макаров дьарыктаммыта, онтон ыла өнүйүү суох.

Мин оту хомуйар кэм кэлиэ 33 хонук инниттэн, күн аайы айылҕаҕа тахсан алтыһабын, ыраастанабын. Бэл, эти сиэбэппин, оччоҕо толкуйум ордук тобуллар, оту-маһы тыыннааҕымсытан көрөр туругум тупсар, куруук кэпсэтэ сылдьабын. Оннук турукка киирбит киһи туох да хоромньуну оҥорбот, этэргэ дылы, “күөх оту тосту үктээбэт” буолан хаалар, айылҕалыын биир ситимҥэ киирэр. Онон айылҕа бэйэтэ арыйан, көрдөрөн, маанылаан биэрэн иһэр.

Эмтээх оту сүрүннээн ыам ыйыттан саҕалаан, от ыйын ортотугар диэри хомуйабыт. Сахаларга хомуйуу ис хааммытыгар баар. Оту сиэн, эмтэнэн, битэмииннэрин толорунан олордохторо дии. Мин элбэх оттон турар хомууру (сбор), арыыны оҥорорбор, ураты турукка киирэн хаалабын, илиилэрим бэйэлэрэ билэр, өйдүүр курдуктар. Ол курдук, төһө бириэмэ барбытын, аччыктаабыппын да билбэккэ хаалыахпын сөп, ураты дуоһуйууну, оҥорбуттан астыныыны ылабын. Хомуйар, хатарар, оҥорор кэмҥэ тыл, алгыс күүһүнэн күүстээх бырагыраама угуллар. Сүрүн дьайыыта онно сытар. Ол эрээри, дьону эмтээбэппин, оту атыылаабаппын, айылҕа биэрэринэн, сөп буолары эрэ хомуйабын, олус ыксаабыттарга эрэ көмөлөһүөхпүн сөп.

Онон киһи бэйэтэ билэн-көрөн, бэйэтигэр хомуйара ордук, ол ордук дьайыылаах. Атын дьоҥҥо бэрсэрэ, атыылыыра табыллыбат. Чугас дьонугар биэриэн сөп. Хас биирдии саха ыалыгар отоһут баар буолуон баҕарабын, ол иһин “Инстаграмҥа” “Алгыс От” сирэйбэр эмтээх оттор тустарынан элбэхтик сырдатан суруйабын. Оттор умнуллубут сахалыы ааттарын сөргүтэ сатыыбын. Нэдиэлэҕэ биирдэ “ыйытык түннүгүн” арыйан, ыйытыыларга хоруйдуубун. Сүрүннээн 10-20 биллэр оттору хомуйдахха, ол сөп буолар. Ыарыйдахха эрэ, оттору иһиллэр диэн сыыһа өйдөбүл. Ыарыыны сэрэтэр, доруобуйаны тупсарар, иммунитеты күүһүрдэр, куту-сүрү бөҕөргөтөр туһуттан иһэ сылдьыахха сөп.

Отоһут отторунан эрэ эмтээбэт, хаанныыры, илбийэри, түөннүүрү эмиэ сатыахтаах, психотерапевт курдук үлэлиэхтээх. Мин тоҕо эрэ саха буолан төрөөбүппүн, онон саха итэҕэлин, култууратын, мунньуммут үөрүйэҕин, өйүн-санаатын чыпчаалын туһаныахтаахпын. Ол иһин барытын сахалыы толкуйдуубун. Холобур, от хомуурун оһуохайга холуубун. Биир этээччи – сүрүн от баар, икки батыһааччы – кынаттара уонна батыһааччылара бааллар. Ыарыы төһөнөн улахан да, хомуур састаабыгар элбэх от киирэр, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр. Кырата 21 хонук, сороҕор 3-6 ый иһиллэр. Биир эрэ оту өр иһэр сэрэхтээх.

Балаҕан ыйыгар хомуллар эмтээх оттор

Көмүс күһүммүт тиийэн кэллэ. Айылҕабыт барахсан иһийэр, хомунар, уһун кыстыкка, утуйарга бэлэмнэнэр кэмэ. От-мас саһаран, кытаран, араас өҥүнэн күлүмүрдүү сырдаан, баччаларга ойуурга сылдьыы киһиэхэ эмиэ ураты кэрэни, хатыламмат иэйиилэри бэлэхтиир, өйү-санааны сааһылыыр, куту-сүрү чэбдигирдэр.
Балаҕан ыйыгар, сир тоҥо илигинэ, сүрүннээн силистэри хомуйабыт. Силистэр бу кэмҥэ ордук күүһүрэллэр. Үүнээйи уһун тымныы кыһыны туораары туох баар күүһүн силиһигэр мунньунар.
Маны таһынан сир кырсыттан хомуллар үүнээйилэрбит эмиэ бааллар.


Бу ыйга хомуллар оттор:


1. Дөлүһүөн силиһэ.
2. Кучу (иван-чай) күһүҥҥү хаппыт сэбирдэҕэ уонна силиһэ.
3. Ньээм-ньээм (одуванчик) силиһэ.
4. Үрүҥ эрбэһин, эмтээх валериана (валериана лекарственная) силиһэ.
5. Бөрө сиир отун силиһэ (щитовник пахучий).
6. Сир хортуоскатын (зопник клубненосный) силиһэ.
7. Манчаары (аир болотный) силиһэ.
8. Унньуула (сусак) силиһэ.
9. Силиргэхтээх ача (пырей ползучий) силиһэ.
10. Баҕа батаһын (касатик) силиһэ.
11. Кытыан (можжевельник) аһа уонна иннэтэ.
12. Сугун абаҕатын уга (багульник).
13. Киис отонун уга (шикша).
14. Бүлүүһэ от (девясил) силиһэ.
15. Кладина (муох көрүҥэ).
16. Хатыҥ саһарбыт сэбирдэҕэ.
17. Эрбэһин бары көрүҥнэрэ (ыраастанарга).
18. Уулаах, уҥуохтаах отоннор астара уонна сэбирдэхтэрэ.
19. Собо тыла (грушанка) сэбирдэҕэ.
20. Ымыйах (кровохлебка) силиһэ.
21. Сарбынньах (рябина) аһа.

Силистэри тууруу сыралаах үлэ. Онон анаан-минээн, оҥостон тахсар ордук. Төһө кыалларынан атын мастар силистэрин алдьаппат курдук харыстабыллаах сыһыан эрэйиллэр. Сөп буолары эрэ ылабыт. Айылҕабытыттан көрдөһөрбүтүн, махтанарбытын умнубаппыт.

 

Ковиды утары хомуур от

Элбэх киһи ковидка ханнык оттору иһэбит диэн ыйыталлар. Саҥа ыалдьыбыт кэмҥэ маннык састаабы оҥостон иһиҥ диэн сүбэлиибин:
1) Эмтээх донник ото (донник лекарственный) — 4,
2) тамылҕан сибэккитэ (ортоку тамылҕан (спирея), үөттүҥү тамылҕан (таволга иволистная) эбэтэр турантай (лабазник, таволга вязолистная), мантан биирин талыҥ, ол эрээри турантайа ордук күүстээх) — 4,
3) кучу сэбирдэҕэ (күөхтүү хаппыта) — 4,
4) боҕуруоскай от (чабрец) — 2,
5) суорат от (тысячелистник) — 2,
6) моонньоҕон (черная смородина) сэбирдэҕэ — 3,
7) дьэдьэн сэбирдэҕэ — 2,
8) бохсурҕан (подорожник) — 3,
9) өтөх ото (пустырник, ковидка сүрэх ордук ноҕуруускаланар, онон хайаан да наада) — — 2,
10) сугун абаҕата (багульник) — 2,
11) хатыҥ туоһа (чараас гына кырыйан угуллар) — 2,
12) иирэ сэбирдэҕэ — 2,
13) лээби (сабельник) — 2,
14) лоһуор (вероника седая) — 2.
Лоһуор суох буоллаҕына боруу отунан (хвощ) солбуйаҕыт. Бу састаапка хатарыллыбыт ньургуһуҥҥут баар буоллаҕына, биир умнаһы угаҕыт.
Бу 2, 3, 4 диэннэри ньуоска эбэтэр 20, 30 грамм диэн өйдөөҥ. Бу эмтээх от холбоһугун 2 ост. ньуосканы 0,5 л. иһиккэ итии уунан саба кутан, кырата чаас аҥаара көйөрөн, күнү быһа кыра-кыралаан иһэ сылдьыҥ. Бу састаабы ковид тииһигэ ааһыар диэри кырата 7 хонук иһиҥ. Ол эрээри, бу балыыһа эмин солбуйар буолбатах, онно көмө курдук буолар.
Ковид кэннэ эмтээх доннигы, хатыҥ сэбирдэҕин бэйэтинэн иһиэххитин наада. Донник “тромбаны” суурайар, ол эрээри олус хойуутук уонна уһуннук испэккит, муҥутаан 2 нэдиэлэ. Маны тэҥэ, сүрэх үлэтин тупсарарга долохоно (боярышник) сибэккитин, сэбирдэҕин туспа көйөрөн, эбэтэр настойкатын иһиҥ, аһа баар буоллаҕына, өссө үчүгэй.
Бу
кэмҥэ хара чэйи, кофены иһэртэн, минньигэһи сииртэн туттунуҥ. Сылаас ууну иһэргэ үөрэниҥ. Элбэхтик айылҕаҕа сылдьа сатааҥ.

 

Буруоттан ыраастаныы

Бу сайын Саха сирин үрдүнэн хаһан да буолбатах улахан ойуур баһаардара тураннар, хойуу буруоттан, умайбыт от-мас күлүттэн салгыммыт лаппа киртийэн, киһи доруобуйатыгар үгүс кыһалҕалары үөскэттилэр. Бу ордук саҥа улаатан эрэр оҕолорго, хат дьахталларга, тыынар уорган уонна сүрэх ыарыылаахтарга, кырдьаҕастарга охсуулаах. Онон буруо содулуттан маннык эмтээх оттору иһэргитигэр сүбэлиибин:
1. Тыҥаны ыраастанарга Айылҕабыт быйыл бүлүүһэ оту (девясил) биһиэхэ анаан хойуутук үүннэрдэ. Онон, бүлүүһэ отун сибэккилии хомуйаҥҥыт, көйөрөн (кыратык тэптэрэн ылыы ньыматынан) иһиҥ. Маны таһынан сугун абаҕатын (багульник), бохсурҕан (подорожник) оттору көйөрөн иһиҥ. Хат дьахталлар биэ эмийин (малина) сэбирдэҕин куттаммакка туһаныҥ, бохсурҕан эмиэ көмөлөһүөҕэ. Олох кырачаан оҕолорго бохсурҕаны чаайынай ньуоска аҥаарынан иһэрдиҥ.
2. Буруо хааны хойуннарар. Онон, хааны убатарга уонна иммунитеты бөҕөргөтөргө тамылҕан сибэккитин, сэбирдэҕин уонна быта угун (курильский чай, сибэккилээх төбөтүн 10-15 см. курдугу быһабыт), лээбини (сабельнигы) оргутан иһиҥ. Маны таһынан С битэмииннээх оттору антиоксидант быһыытынан иһиэххэ наада, моонньоҕон сэбирдэҕин сүбэлиибин.
3. Сүрэх үлэтин тупсарарга, уоскуйарга дьэдьэн сэбирдэҕин, долохоно сэбирдэҕин уонна сибэккитин кытта булкуйан иһиҥ. Кучуну эмиэ туспа иһиэххитин сөп.
4. Элбэхтик ыраас уута иһиҥ. Хойуу үүттээх чэйи, кофены иһэртэн туттунуҥ.

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Семен Григорьев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0