Бу нэдиэлэҕэ Ил Дархан Егор Борисов Москваҕа ыытыллыбыт госсэбиэт консультативнай хамыыһыйатын мунньаҕар Саха сирин бырабыыталыстыбата хас биирдии нэһилиэккэ олохтоохтору кытары көрсөн отчуот ыытара үтүө үгэскэ кубулуйбута сүүрбэччэ сыл буолбутун туһунан иһитиннэрдэ. Дойду президенэ Владимир Путин бу уопуту атын регионнар губернатордарыгар кэпсээҥ диэн көмөлөөһөччүтүгэр Игорь Левитиҥҥа этэн турар.
Санатан эттэххэ, консультативнай хамыыһыйа Госсэбиэт чилиэннэригэр социальнай-экономическай сайдыы боппуруостарыгар санаа атастаһалларыгар, этиилэри ырытан көрөллөрүгэр анаан тэриллибитэ. Госсэбиэт президиумугар регионнар салайааччыларыттан саамай көдьүүстээх үлэлээх тоҕус лидер талыллан киирэр. Кинилэр ортолоругар биһиги Ил Дархаммыт Егор Борисов баар.
Мунньахха кыттыыны ылбыт регионнар биһиги уопуппутун сэҥээрэ иһиттилэр. Тоҕо диэтэргин, ханнык да региоҥҥа (сорохтор бу манныкка майгыннатан тэрилтэлэри кытары көрсөллөр эрээри) биһиги отчуоппут курдук, хас сылын аайы бырабыыталыстыба чилиэннэрэ нэһилиэнньэни кытары атах тэпсэн олорон үлэлэрин отчуоттууллара, олохтоохтор санааларын истэллэрэ суох.
Аны өссө аҕыйах сылтан бэттэх отчуот түмүгүнэн бырабыыталыстыба уонна муниципальнай тэриллии дуогабар түһэрсэн үлэлиир буоллулар. Өскөтүн урукку өттүгэр баһылыктар «отчуот кэмигэр этиллибитэ, боротокуолга киирбитэ» диэн баран үлэ-хамнас үөһэттэн салалларын кэтэһэн олорор буоллахтарына, дуогабар киириэҕиттэн кыһалҕаны быһаарыыга бырабыыталыстыбаны кытары сүгэһэри тэҥҥэ сүгэр буоллулар.
Иккиһинэн, биллэн турар, бу маннык кэпсэтии ньымата былаас уонна уопсастыба биир санаанан салайтаралларыгар төһүү күүс буолар. Бырабыыталыстыба чилиэннэригэр да улуустары кэрийэ сылдьан үлэлээһиннэрэ хайа да өттүнэн туһалаах уонна миэстэтигэр кыһалҕаны быһаарарга көдьүүстээх буолла.
Егор Афанасьевич бэлиэтииринэн, бу маннык отчуоттааһын көрүҥэ баар буолан, дьон-сэргэ судаарыстыбаннай, муниципальнай боломуочуйалары араара үөрэннэ. Кырдьык, бу кэлин «дьиэм күрүөтүн бырабыыталыстыба тоҕо оҥорбот» диэн ыйытыылар бэрт дэҥҥэ иһиллэр буоллулар. Ол оннугар бэйэ уопутугар олоҕуран өрөспүүбүлүкэ сайдыытын торумнуурга үгүс этии киирэрэ үксээтэ.
Итини этэн туран Егор Борисов: «Билигин уопсастыба былааска итэҕэйэр, эрэнэр усулуобуйатын оҥоруохпутун наада. Ол эрээри дьон-сэргэ аҥаардас ырыынак үйэтигэр олоро үөрэнэринэн, бэйэлэрин санааларын чунуобунньукка тириэрдэллэринэн эрэ муҥурдаммакка, кинилэр өрөспүүбүлүкэ күннээҕи олоҕор, бэлиитикэ, экономика, хаһаайыстыбаннай чаас буоллун, барытыгар быһаччы кыттыыны ылалларын ситиһиэхтээхпит. Ити – мин үлэм сыала», — диэн санаатын түмүктээтэ. Уонна хас биирдии региоҥҥа бу маннык уопуту киллэрэн, былаас уонна уопсастыба тэҥҥэ үлэлэһиилэрин өссө чиҥэтэн биэрэргэ сүбэлээтэ.