От ыйын 28 күнэ – гепатиты  утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ

28.07.2022
Бөлөххө киир:

 Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы  тэрилтэтин чэрчитинэн сыл аайы ыытыллар  бу күн гепатиттан сэрэнии, эмтэнии  ньымаларын туһунан  иһитиннэриини киэҥник тарҕатыыга ананар.

edersaas.ru

Гепатит үксүгэр A, B, C, D, E вирустаах. Вирустаах гепатит түргэнник тарҕанар ыарыыларга сэллик кэнниттэн  киирсэр.

Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтин чахчытынан, билигин аан дойдуга В гепатиттаах дьон ахсаана 345 мөлүйүөҥҥэ, С гепатиттаахтар 71 мөлүйүөҥҥэ тиийдилэр.  Кинилэртэн 80 % ыалдьалларын  сэрэйэн да көрбөт буолуохтарын сөп. Сыл аайы вирустаах гепатит 1,4 мөлүйүөн киһи олоҕун илдьэ барар.

Аан дойдуга уонна Арассыыйаҕа  доруобуйа харыстабылын сүрүн кыһалҕатынан  В уонна С вирустаах гепатиттар буолаллар. А уонна Е вирустаах гепатиттар сытыытык биллэрэллэр эрээри, үксүгэр үтүөрэллэр уонна атын ыарахан содула суохтар. В уонна С ордук кутталлаахтар, тоҕо диэтэххэ, кэлин циррозка уонна быар араагар тириэрдиэхтэрин сөп.

Исписэлиистэр сабаҕалыылларынан, үөһээ этиллибит хомолтолоох сыыппаралар кыччыыллара күүтүллүбэт. Тоҕо диэтэххэ, билигин инфекцияны илдьэ сылдьар дьон үксэ ыалдьарын туһунан билбэт. Ыарыы ордук 35-49 саастаахтарга элбэх.

Кэнники сылларга, вируһу утарсар саҥа препараттар туттуллар буоланнар, вирустаах гепатит бүтэһиктээхтик эмтэниллэр буолла. 1982 сыллаахха  В гепатиты бохсорго айыллыбыт  бахсыына быһыылар национальнай халандаардарыгар киллэриллибитэ. Быһыы 95% көдьүүстээҕэ дакаастанан турар.

Ыарыыны саҕаланарын хайдах билиэххэ?

Тест оҥорторон, инфекция баарын билэн, эрдэттэн эмтэнэн быыһаныахха сөп.

В уонна С гепатиты сэрэтиэххэ сөп. В гепатиты утары быһыы ыллахха,  олоҕун тухары харысхаллаах буолаҕын. В уонна С гепатит дьахтар уонна эр киһи сылдьыһыытыттан бэриллиэн сөп. Онон презерватив көмөтүнэн харыстанар ордук.

Тиэс «+» түмүгү көрдөрдөҕүнэ да, эмтэнии наадатын уталыппакка билсиҥ.

В гепатиттаахтар сорохторо эмтэниигэ наадыйаллар уонна терапия көмөтүнэн доруобай сылдьаллар.

С гепатиттаахтар 3 ый эмтэннэхтэринэ,  инфекцияны суох оҥороухха сөп.

Тест туттаран, бэйэҕит гепатит-статускутун билиҥ. Бэйэҕит уонна атын дьон доруобуйатын харыстааҥ.

ххх

Манна сыһыаран эттэххэ, быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһаҕа Гепатология киинэ аһыллыбыта. Саха сиригэр 500-тэн тахса киһи вируһу утары терапия өҥөтүн туһанаары күүтэр.

Кэнники сылларга   ОМС туһанан гепатиты эмтээһин кээмэйэ улаатта. Ол гынан баран, препараттар сыаналара ыарахан.  Эмп-том вирустаах гепатиты эмтиир бырааптаах тустаах балыыһаларга тыырыллар. Эмчиттэр сабаҕалыылларынан, уопсай күүһүнэн вирустаах гепатиты кыайыахха сөп.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0