ОТ ЫЙЫН 19 КҮНЭ: ДЬОКУУСКАЙГА БЫҺЫЫНЫ БИЭРЭР ПУУННАР ААДЫРЫСТАРА
Коронавирус дьаҥын бохсор суһал ыстаап Дьокуускайга быһыыны биэрэр пууннар аадырыстарын иһитиннэрэр. Быһыыны үлэ уонна өрөбүл күннэргэ балыыһаларга уонна эбии пууннарга ылыахха сөп. Пууннарга пааспардаах, полистаах, СНИЛС-таах тиийэҕит.
Быһыыны биэрэр пууннар аадырыстара:
Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиниката: (Киров уул. 19, аактабай саала, 09:00-20:00; Семен Данилов уул. 30/1, 09:00-15:00)
Дьокуускай куорат мэдиссиинэҕэ киинэ: (Кальвица уул. 3; Жатай бөһ., Севернай уул. 23; 9:00-15:00)
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа: (Киров уул. 34, 107 хос, 09:00-15:00)
Дьокуускай куорат 2 №-дээх балыыһата: (Кузьмин уул. 3, 11-17 хостор, 09:00-15:00)
«Ритм» култуура киинэ (Маҕан, Алымов уул, 3/1, 09:00-13:00
Марха, Березовая уул, 11, 2-с этээс, 25 каб, 08:00-20:00
Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата: (Лермонтов уул. 121; Хатас сэл., Каландаришвили, 4/2; Табаҕа сэл., Строительнай уул. 31, 09:00 – 15:00)
«Аврора» клиника ( Поярков уул., 20/1, 09:00-17:00).