ОТ ЫЙЫН 17 КҮНЭ: ДЬОКУУСКАЙГА БЫҺЫЫНЫ БИЭРЭР ПУУННАР ААДЫРЫСТАРА
17.07.2021
Коронавирус дьаҥын бохсор суһал ыстаап Дьокуускайга быһыыны биэрэр пууннар аадырыстарын иһитиннэрэр. Быһыыны үлэ уонна өрөбүл күннэргэ балыыһаларга уонна эбии пууннарга ылыахха сөп. Пууннарга пааспардаах, полистаах, СНИЛС-таах тиийэҕит.
Быһыыны биэрэр пууннар аадырыстара:
Дьокуускай куорат 1 №-дээх поликлиниката: (Киров уул. 19, аактабай саала, 09:00-20:00; Семен Данилов уул. 30/1, 09:00-15:00)
Дьокуускай куорат мэдиссиинэҕэ киинэ: (Кальвица уул. 3; Жатай бөһ., Севернай уул. 23; 9:00-15:00)
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа: (Киров уул. 34, 107 хос, 09:00-15:00)
Дьокуускай куорат 2 №-дээх балыыһата: (Кузьмин уул. 3, 11-17 хостор, 09:00-15:00)
Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата: (Лермонтов уул. 121; Хатас сэл., Каландаришвили, 4/2; Табаҕа сэл., Строительнай уул. 31, 09:00 – 15:00)
«Аврора» мэдиссиинэ килииникэтэ: (Поярков уул. 20/1, 9:00 – 13:00).
Мария Васильева (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1