Маннык этиини бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа сахалыы тылынан аан бастаан тахсыбыт “Саха дойдута” хаһыат 110, “Саха саҥата” сурунаал 105 сылларын киэҥник бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ саха бэчээтин саарыннара киллэрдилэр.
Дьон, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар тэрээһин саҕаланыан быдан инниттэн мустан, бастатан туран, сабыс-саҥа тахсыбыт, бэртээхэй, тупсаҕай оҥоһуулаах “Сахалыы бастакы хаһыаттар, сурунаал” кинигэни тэрийээччилэртэн – Ил Түмэн кэлэктиибиттэн тутан, үөрдэ-көттө. Салгыы фойеҕа икки этээһинэн тардыллыбыт СӨ Национальнай библиотекатын сэдэх историческай кинигэлэрин, СӨ Национальнай архыыбын быыстапкаларын сэҥээрэ көрдүлэр. Оттон өссө биир соһуччу үөрүүнү дьоҥҥо-сэргэҕэ, бастакы хаһыаты, сурунаалы таһаарбыт саха интеллигенциятын, “Саха аймах” култуурунай-сырдатар уопсастыбаны, Приютов фотосалонун, о.д.а., оччотооҕу кэмнэри, таҥастыын-саптыын, маллыын-саллыын, тыыннааҕымсытан көрдөрбүт чаҕылхай композицияҕа кыттыбыт биһиги суруналыыстарбыт бэлэхтээтилэр.
Саала иһэ тобус-толору, баҕалаахтар туран эрэ көрдүлэр, иһиттилэр. СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов этэринии, бүгүн манна саха интеллигенцията, уопсастыба сүмэтэ-сүөгэйэ бүтүннүү мустубут…
Саҕаланыытыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Култуура уонна искусство колледжын айар бөлөҕө ол кэмнэрдээҕи интеллигенция өйүн-санаатын, дьулуһуутун көрдөрөр дириҥ ис хоһоонноох уус-уран дьүһүйүүнү көрдөрөн, дьон истиҥ махталын ылыан ылла.
Үөрүүлээх тэрээһини М.К.Аммосов аатынан ХИФУ суруналыыстыкаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, Саха сирин Суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, “Илин” сурунаал эрэдээктэрэ Олег Сидоров иилээн-саҕалаан ыытта.
“Сахалыы бастакы хаһыаттар, сурунаал” бырайыак ааптарынан, салайааччытынан, бу историческай даатаны дьоһуннаахтык бэлиэтиири көҕүлээччинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков буолар.
Александр Николаевич, сүрүн дакылаатын саҕалыан иннинэ, саха норуотугар ыар сүтүк буолан бу олохтон барбыт Учуутал, саха интеллигенциятын уһулуччулаах бэрэстэбиитэлэ, дьиҥнээх учуонай, педагог, төрөөбүт норуотун патриота Василий Никитич Протодьяконов сырдык аатыгар сүгүрүйэн, тэрээһин кыттыылаахтарын чочумча саҥата суох, сүһүөххэ турарга көрдөстө.
—Бастатан туран Саха бэчээтин историятын 3 кэрдиис кэмҥэ арааран көрүөххэ сөп. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи кэм. Сэбиэскэй кэм. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын кэннэ.
Балартан дьон болҕомтотун 1917 сылга диэри кэм ордук тардар. Итиннэ хас да улахан ыйытык үөскүүр. Ол ыйытыкка соторутааҕыга диэри дьоҥҥо балай да мөккүөрдээх түгэннэрдээхтэрэ.
Бастакы ыйытык — сахалар өрөбөлүүссүйэ иннинэ сахалыы бэчээттээхтэр этэ дуо? Иккиһинэн, бэчээт, сахалыы хаһыат, сурунаал былаас бэйэтин өҥөтүнэн үөскээбитэ дуу, эбэтэр норуот, дьон туруорсуутунан үөскээбитэ дуу, диэн.
Аны үсүһүнэн, сахалыы бастакы хаһыаты төрүттээбит дьон кимнээх этилэрий? Өссө салгыы — бу сахалыы хаһыаттар, сурунаал саха литературата, суруналыыстыката, сахалыы литературнай тыл сайдыыларыгар төһө улахан суолталаахтар этэй?.. Кэнники сылларга, мин санаабар, сөптөөх уонна толору харда бэрилиннэ, быһаарыы оҥоһулунна. Биһиги бүгүн, сахалыы бастакы хаһыат, сурунаал, суруналыыстыка, сахалыы литературнай тыл олохсуйуута 1907 сылтан саҕалаан, саха бастакы көлүөнэ национальнай интеллигенциятын туруорсуутунан, улахан утарсыылары туораан, дьон-сэргэ баҕатынан тэриллибитэ диир толору бырааптаахпыт, — диэтэ Александр Жирков.
Александр Николаевич бэйэтин этиитигэр, сахалыы тыллаах хаһыаты таһаарыыга, төрүттээһиҥҥэ Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр сүрүн оруолун ыйда. Чуолаан, Күлүмнүүр, бу бастакы типография атыылаһыллыытыгар, хайаан даҕаны сахалыы сирииптээх буоларын туруорсан, ситиспитэ. Саха бастакы хаһыатыгар уонна сурунаалыгар саха литературатын классиктарын А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Уот тыыннаах улахан оҥочо” хоһооно, А.И.Софронов-Алампа “Төрөөбүт дойду” классическай хоһооно, Тимофеев-Терешкин Тыгын туһунан бастакы номоҕо, фольклор матырыйааллара, нуучча классиктарыттан, холобур, Лев Толстойу сахалыы тылбаастар аан бастаан бэчээттэммиттэрэ.
—Онон, сахалыы литературнай тыл үөскээһинигэр уонна инники сайдыытыгар саха бастакы хаһыаттара уонна сурунаал быһаарар оруоллаахтар этэ, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Александр Николаевич.
Уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев, филологическай наука доктора Петр Слепцов, Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Ноев, филологическай наука кандидата Валентина Семенова, “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрин солбуйааччы, бэйиэт Гаврил Андросов, бэчээт, суруналыыстыка бэтэрээннэрэ Иван Борисов, Михаил Алексеев-Дапсы, о.д.а. тыл эттилэр. Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, “Саха дойдута” хаһыат 110, “Саха саҥата” сурунаал 105 сылларын киэҥник бэлиэтээһини тэрийэн ыытар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева, саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева, Култуура миниистирэ Владимир Тихонов, СӨ сибээскэ уонна информационнай технологияларга миниистирин солбуйааччы Чокуур Гаврильев, о.д.а. кыттыыны ыллылар. Бу күн саха бэчээтигэр, суруналыыстыка, саха тыла сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит бэчээт, наука бэтэрээннэрэ, айымньылаах үлэлээх суруналыыстар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттулар. Кинилэр ортолоругар биир идэлээхтэрбит Дмитрий Кустуров, Иван Ксенофонтон, Михаил Алексеев-Дапсы, Иван Борисов, Наталья Харлампьева, Милан Афанасьев, Петр Попов, Анна Варламова, Дмитрий Николаев, Иван Корякин, Анатолий Павлов-Дабыл, Елена Баишева, Аркадий Алексеев, Прокопий Иванов, Альберт Капрынов, о.д.а. биллэр-көстөр суруналыыстар бааллар. Кинилэри уонна мустубут бар дьону бу бэлиэ, историческай суолталаах сабыытыйанан истиҥник эҕэрдэлээн, искусство маастардара, айар кэлэктииптэр үрдүк таһымнаах кэнсиэр көрдөрдүлэр.
1907 сыллаахха саха оччотооҕу интеллигенциятын көҕүлээһининэн, тэрийиитинэн күн сирин көрбүт “Саха дойдута” диэн сахалыы бастакы хаһыат хайдах курдук уустук дьылҕаламмытын, хаһыат тахсарын бопсуу, хаайсыы баарын, манна кыттыбыт чулуу дьон бары кэриэтэ репрессияламмыттара, хаһыат сабыллан баран “Саха олоҕо” диэн атын аатынан тахса сылдьыбыта чопчу туоһулууллар.
“Саха дойдута” хаһыат тахсыбыт күнүн – от ыйын 1 күнүн, чахчы даҕаны, Саха национальнай бэчээтин, суруналыыстыкатын күнүнэн ааҕыахха сөп, диэн, бэчээт, суруналыыстыка саарыннарын этиилэрин мустубут дьон өйөөтө.
Татьяна МАРКОВА.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.