Ил Дархан Айсен Николаев Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр сахалыы тыллаах Бэчээт күнүн олохтуур туһунан ыйаахха илии баттаата.
edersaas.ru
Ол курдук, олунньу 13 күнүгэр 1007 нүөмэрдээх ыйааҕынан от ыйын 1 күнүн сахалыы тыллаах Бэчээт күнүнэн биллэрдэ.
Национальнай бэчээт күнэ олохтоммутун туһунан кырдьаҕас суруналыыс Уйбаан Ксенофонтов-Силигиттэн санаатын ыйыталастыбыт:
— Уһуннук кэтэспит бэлиэ күммүт дьэ олохтоммут. Бу боппуруоһу СӨ Суруналыыстарын сойууһа туруорсубута уонча сыл буолла. Иллэрээ сыл Ил Түмэн оччотооҕу бэрэссэдээтэлэ, суруналыыс Александр Жирков боппуруоһу сорунуулаахтык көтөхпүтэ. Саха национальнай бэчээтин олохтонуута сахалар ийэ тылбыт-өспүт харыстаныытыгар, салгыы сайдыытыгар бөҕө тирэҕинэн буолуоҕа. Норуот ахсаанынан буолбакка, бэйэтэ төрүт тыллаах буоллаҕына эрэ норуот быһыытынан билиниллэр. Онтон саха бэчээтэ , суруналыыстыката инники сайдыытыгар сахалыы тыллаах Бэчээт күнэ өйөбүл, тирэх буолуоҕа. Саха сирин тыһыынчанан ахсааннаах суруналыыстарын, бэчээт эйгэтин үлэһиттэрин аатыттан Ил Дархан Айсен Николаевка махталбытын биллэрэбит.
edersaas.ru