ОТ ЫЙА САҔАЛАННА

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Таҥарианство итэҕэлинэн от ыйын Үөһээ 8-с Халлааҥҥа олохтоох улахан Айыы — Чыҥыс Хаан уонна Сирдээҕи Айыы – Уу иччитэ Уукун кыттыһан салайаллар.
Сайын ыам ыйын 22 күнүттэн саҕаланар уонна атырдьах ыйын 19 күнүгэр тиийэн бүтэр. Ол аата уһуна 89 хонук. Оройо от ыйын саҥатыгар – 5-6 күннэригэр буолар.
Оппут ыйа хайдах күннээх-дьыллаах буолуой диэн отчут-масчыт, оҕуруотчут, даачалаах дьон эрэ буобакка киһи барыта таайа-билэ сатыыра буолуо.
От ыйа сайыҥҥы кэм саамай куйаас ыйынан ааҕыллар. Ол курдук, чуолаан, аатырбыт Бөтүрүөп куйааһа бу ый ортотугар диэри түһээччи. Быйыл халлааммыт арааһа куйааһын нуорматын бэс ыйыгар уонна от ыйын саҥатыгар ороскуоттаан бүтэрэн эрэр курдук. Онон улахан куйаас кэмэ Бөтүрүөбүнэн бүтэрэ буолуо диэххэ сөп.
Православнайдар Бөтүрүөп Таҥаралара, эбэтэр сахалар окко киирэр күннэрэ от ыйын 12 күнүгэр буолар. Бу от-мас толору ситэн, туох баар туһалаах, эмтээх бэссэстибэлэрин муҥутуурдук мунньунан турар кэмнэрэ. Онон бу кэмҥэ оттоммут от саамай үрдүк хаачыстыбалаах буолар. Бөтүрүөптэн ыла баанньык минньигэ диэн хатыҥ лабаатын бэлэмнэнии бүтэр. Мантан инньэ хатыҥ сэбирдэҕэр эмтээх сымалата тахсара тохтуур, ону билэн ити үгэһи олохтообуттар.
Окко киирэр күн саҕана эбэтэр Бөтүрүөп таҥара күннэригэр сылаас этиҥнээх ардах түһэр үгэстээх. Быйыл да түһэрэ буолуо. Кураан кэм кэлэн эрэринэн сибээстээн самыырын уута кэмчи буолара дуу, оттон этиҥ балачча эппэлиэҕэ…
Окко киирэр күнтэн 9 хонон баран, ол аата от ыйын 21 күнүгэр православнайдар Борокуоппайап таҥараны бэлиэтииллэр. Оттон сахалар ити күн сарсыныгар Күүлэй күнэ диэн ааттаан, охсооччулар, мунньааччылар бары сынньаналлар. Эр дьон былыр кус ийэлииллэрэ, дьахталлар дьэдьэннииллэрэ, киис тиҥилэхтииллэрэ, биэ эмиийдииллэрэ, сорох сиргэ сугуннууллара. Хаптаҕас кытарчы буспут кэмэ.
Быйыл буорга да, салгыҥҥа да сиик кэмчи, онон сир аһа курааннаан хордьоҥ буолуох крдук. Тэллэй ардах тэһэ түспүт сиригэр эрэ үүнүөҕэ. Уулаах отону маардаах, намыһах хотоол сирдээх ойуурга эрэ хомуйуохха сөп.
Күүлэй күнүгэр Үөһээ дойду абааһылара Орто дойуга түһэн от охсоллоро, мунньаллара үһү, онон ити күн Айыы киһитэ окко үлэлээтэҕинэ сиһэ быстар, дэҥнэнэр диэн куттанан өрүүр үгэс олохсуйбут диэн буолара.
Күүлэй кэмигэр сара охтор ардаҕа диэн күүскэ ардыыр, онто сороҕор этиҥнээх буолар. Кус сарааһына диэн кустар тыһылара оҕолорун бүөбэйдиир кэмнэригэр атыырдара бары биир күөлгэ мустан, түүлээн саҥа түү, саҥа кынат үүннэрэллэрин ааттыыллар. Былыр сараны бултууллар этэ, көппөккө-дайбакка дэлби аһаан сынньыммыт кус олус уойар эбит.
Сара ардаҕын кэнниттэн халлаан биллэ сөрүүдүйэр.
Быйыл Күүлэй күннэригэр эмиэ ардыаҕа, ол гынан баран, эмиэ кэмчи соҕустук самыырдыан сөп.
Ый бүтэһигин диэки Илдьиин (Ылдьыын) бурдук буһарар куйааһа баттаһа түһүөн сөп. Ол гынан баран улаханнык куйаарбат туруктаах быһыылаах. Ити кэмҥэ түүн балачча хараҥарар, үрүҥ түүннэр бүтэллэр.
От ыйа сайын 3 түһүмэҕиттэн Ийэ сайын кэмэ бүтэн Илгэ Сайын саҕаланар, айылҕабыт барахсан маанылыыр илгэтин хомуйан сиир, хаһаанар кэм үтүөкэннээх күннэрэ биһигини күүтэллэр.

Гавриил Угаров – Эһээ Дьыл,

биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы.

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0