Сунтаар Бүлүүчээниттэн төрүттээх Егор Контогоров оту кэбиһэргэ аналлаах мастан адарай оҥорон туһанар эбит.
edersaas.ru
— Тыа сиригэр билигин да “сахалыы” кэбиһэллэр. Ол эбэтэр кэбиһии кэмигэр отторун илиинэн сүгэн аҕалан, оттоох күрүөҕэ аҕалаллар уонна көннөрү сиргэ ууран кэбиһэллэр. Оннук кэбиһиллибит от сиргэ хам тоҥон хаалар. Кыһын тымныыга кэлэн кыайан хоҥнорбокко, киһи эрэйдэнээччи, от тиэйэр тиэхиньикэ да алдьанаааччы, — диэн бэлиэтиир Егор Контогоров.
Мындыр отчут уруһуйдаан көрдөрөн, маннык сүбэ биэрдэ: » От түгэҕэ сиргэ сыстыбатын диэн анал адарайы толкуйдаабытым. Үс модьу маһы (сиэрдийэтээҕэр суон, төһө улахан оту оҥороргунан) устатынан сытыараҕын. Онтон туора оҕуруот тоһотун саҕа модьу маһынан туора адарай уураҕын.
Мастары кэккэлэтээт, от түгэҕин ууран баран, кэбиһэн бараҕын. Тыраахтар тиэйэр ото уһун ньолбоҕор буолар. Оннук адарайга 2,5 тн от киирэр. Кыһын от кэбиһэр тыраахтар сыарҕатын астаран ылан, троһунан эрийэ тардан тиэйэҕин. От олох хаалбат, бириэмэ сүппэт. Тоһоҕолоруҥ оту кытта барсаллар, ону иккис кэлэргэр төттөрү ходуһаҕар аҕалан кэбиһэҕин. Уһун мас төһөнөн модьу да, соччонон үчүгэй. Мин оннук мастары эрдэ бэлэмниибин. Сайын сүрэҕэлдьээбэтэххинэ, кыһын абыранаҕын. Адарайга тиит мас ордук. Ол суох буоллаҕына, көнө эрэ буоллун, харыйа да, бэс да барсар. Хатырыгын сулуйдахха өр барар».
Онон, тыа сирин дьоно, оту кэбиһиигэ бу ньыманы туттуоххутун сөп.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru