ОТ ОХСУУТУГАР РЕКОРДУМ 64 СЫЛ ТУРАР

Ааптар: 
12.08.2022
Бөлөххө киир:

Кыра оҕо сааспыттан дьонум үлэҕэ сыһыаран, аҕыспыттан от охсубутум.
Холкуос хас ыал аайы түһээн түһэрэр этэ. Биһиги дьоммутугар 15 туонна оту оттоон туттараҕыт диэбиттэрэ. Сылын аайы оннук этэ. Биир сайын күөлбүт таһыгар оттоотубут. Ийэм, аҕам уонна мин. Оччолорго аҕыстаахпын. Кыра хотуур оҥорон, уктаан биэрдилэр. Аны санаатахха, аҕам эдэригэр аатырбыт быһый атахтаах да буоллар, от охсуутугар мөлтөх эбит этэ.
Чугас соҕус холкуостаахтар, бырааттыы Кууһума, Баһылай Григорьевтар далбаатаан, охсоллоро сүрдээх. Ийэм этэринэн Кууһумата күн аайы 80-90 суотайы, Баһылай 1 гектары охсоллор эбит. Биир күн икки гектар курдук сири тэлэн кэбиһэллэр.
Мин көрө-көрө биһиги дуоннаах сири охсубаппытыттан испэр абарабын. Чэйдии олорон ийэбэр эттим: «Улааттахпына ити дьону хайаан да кыайыаҕым, үчүгэй охсооччу буолуоҕум”, — диэн. Ийэм эрэйдээх ону: «Оҕом хайаан да улуу охсооччу буолуоҕа”, — диэхтиир. Дьэ, тапталлаах ийэм эппит тыллара эппэр-хааммар, өйбөр-сүрэхпэр иҥэн хаалбыттара.


Хас сайын ахсын оттуубун да, оттуубун. Син эбиллэн, куһаҕана суох охсооччу буолбутум. Бүлүү училищетыгар үөрэнэ сылдьан, боротуокаҕа сир ылан охсо сылдьар дьоҥҥо көмөлөһөр этим. 50-нуу суотайы биэрбиттэрин кэбэҕэстик бүтэрэрим. Эмээхситтэр, оҕонньоттор баһыыбаны кытта харчы манньалыыллара.

«Сырсар киһим суох буолан, сылгылары үргүтэн сүүрэрим»

Училищены бүтэрэн баран, романтикалыы диэн тус хоту Муома оройуонугар учууталлыы барбытым.

Икки сыл учууталлабытым кэнниттэн, көхтөөх, тэрээһиннээх уол кэлбит диэн хомсомуол сэкирэтээринэн талбыттара. Бэйэм да спортсмен, сүүрүүгэ кими да киһилээбэт этим. Бүлүү училищетыгар, Муомаҕа рекордарын барытын охсубутум. Сырсар киһим суох буолан сыһыыга сылдьар сылгылары үргүтэн, 1,5-2 чаас сырсан ноҕурууска бөҕөтүн ыларым.
Хомсомуол ыччат биригээдэтин тэрийэн, сайынын күүскэ оттуурбут. От охсуутугар күрэхтэһии бөҕөтүн ыытарбыт. Онно бэйэм кыттан кими да киһилээбэтэҕим.
Ол сылдьан ийэбэр биэрбит тылбын толорор санаалар төбөбөр киирэ тураллара. Дьоммуттан, Бүлүү Баппаҕаайытыттан эргэ «Буускап» хотуурдарын ыыттарбытым.
Уоппускабын ылан баран Үрүйэ төрдө диэн «Победа» холкуос сиригэр от охсо, рекорд олохтуу бардым. От охсуутугар 1 гектар 65 суотай оройуоҥҥа рекорд буолан турбута 20-чэ сыл буолбут.
Оройуон хаһыатыгар интервью ыллылар, эппиэтинэс үрдээтэ. Рекорд охсуом диэн тылбын биэрдим. Дьоҥҥо интэриэс үрдээтэ.
Баартыйа райкомун сэкирэтээрэ Старков Афанасий Федотович, хаһыат эрэдээктэрэ, кэнники Муома сопхуос дириэктэрэ буолан Арассыыйаҕа аатыран Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт Павлов Петр Иванович, өссө оройуон үс бастыҥ охсооччуларын ыҥыран илдьэ бардылар. Пиэримэҕэ тиийэн хоннубут. Мин эппин үөрэтээри, үс күн эрдэ барбытым. Үс күн 50-80-90-нуу суотайы охсуталаатым.

От охсуутугар — рекорд

Сарсыарда пиэримэттэн үс биэрэстэлээх сиргэ, устата-туората биллибэт киэҥ толооҥҥо кэллибит.

Сирэ көнө үчүгэй курдук, сорох сиринэн кыра дулҕалаах. Тус-туспа учаастак ылан 6 киһи түһүнэн кэбистибит. Мин харса суох далайан киирэн бардым, хотуурбун сытыылыыр киһилээхпин. Оҕонньорум көһүтэн туран эргэ «Буускаппын» сытыылыыр. Аһыыр да бокуой суох буолла. Сытыылыыр бириэмэтигэр утах, кымыс иһэбин, арыылаах лэппиэскэ, үөлүллүбүт мунду хабыалаан ылабын. Сүүрэр буоламмын олох сылайбат курдукпун. Дьоннорум тохтоон эбиэттиир эҥин этилэр.
Сирбит киэҥэ сүрдээх, биир тэлэн барыы уһуна 250 миэтэрэ, кэлэ-бара биэрэстэ аҥара. Киэһэ 6 чаас саҕана биригэдьиир дуоһунастаах киһи мин сирбин кээмэйдээтэ, 1 гектар 93 суотай диэтэ. Санаам күүһүрдэ. Рекорду 28 суотайынан аһаран, оройуон рекордсмена буоллум.
Атырдьах ыйа буолан хааллаан хараҥарар буолан барда. Дьонум «хонор сир ыраах, сотору хараҥарыа», — диэт, суксуруһан айанныы турдулар. Өссө: «Эдэр киһи ааккын ааттатар гына олох хараҥарыар диэри өссө оҕус. Өссө саҥа рекорду оҥор», — диэн үөгүлээтилэр.
Мин сөбүлэстим, оҕонньорум хотуурбун кыратык таптайан, кылаанын оҥорон биэрдэ. Дьэ, онтон бокуойа суох оҕус да оҕус. Ол сылдьан биһиги нэһилиэккэ, Баппаҕаайыга, аатырбыт күүстээх-уохтаах Көлгүүн диэн киһи охсоро бэрдин иһин, халлаантан абааһы кыыһа түһэн күрэстэспитин туһунан дьиҥнээхтик буолбут кэпсээн өйбөр көтөн түстэ.

«Абааһы кыыһа күрэхтэспитэ үһү»

Дьэ, ол дьиҥнээхтик буолбут түбэлтэ уостан-уоска бэриллибитэ мин өйбөр-санаабар киирэн, дьик-дьах туттабын, куттанабын.

Сылын аайы улахан алаас аҥаар өттүн Көлгүүн соҕотоҕун эрэ охсоро үһү. Оттон алаас биир өттүн 3-4 киһи. Күнүн ахсын 1,5-2 гектартан түспэккэ, сайыны быһа охсор эбит. Арай биир киэһэ отчуттар сөп буолан отууларыттан тахсыбыттар, көрдөхтөрүнэ, Көлгүүннэрэ охсоро өссө тэтимирбит курдук буолбут.
Үөгүлүү сатаабыттарын истибэтэх, эргиллэн да көрбөт үһү. Садьыйара да көстүбэт үһү. Арай, биирдэ өйдөөн көрбүттэрэ кыһыл былаачыйалаах улахан баҕайы дьахтар Көлгүүн кэнниттэн охсон куһуйа ахан сылдьар үһү. Оҕонньор такымнарын быһа сотуох курдук. Бары куттаммыттар, сөрү диэн сөхпүттэр. Таһырдьа уоттарын күөдьүтэн, мас оттон, сиэр-туом оҥорбуттар. Сир иччилэрин, уоттарын аһаппыттар, хараҥаран эрдэҕинэ Көлгүүн саҥата: «Мин кыайдым!» диэн үөгүлээбит. Онтон ким да көстүбэт буолан хаалбыт.
Бары сырсан тиийэн көрбүттэрэ, киһилэрэ охтон тарайа сытар, хотуура ыраах эһиллибит. Тугу да саҥарар кыаҕа суох үһү. Көтөҕөн илдьэ барбыттар. Этэ-сиинэ быстан, үс түүннээх күн суорҕан-тэллэх киһитэ буолбут.
Онтон нэһиилэ саҥа таһааран ботугураабыт: “Охсор дьүүлбүн билбэт буолан хаалбытым. Сырам-сылбам баранан, инним диэки харса суох дайбыыр буолбутум. Ол сылдьан хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, халлаан диэкиттэн уот кыһыл ырбаахылаах дьахтар дьурулаан түстэ да, кэннибиттэн охсон сырдырҕатан барда. Арыый мөлтөөтүм да, такымнарбын быһа сотуох курдук. Оо, онно өлөр күнүм кэлбит дии санаатым. Сороҕор кыратык хаалар курдук, онтон эмиэ ситэ баттыыр. Арыый тэйэн баран «Мин кыайдым!» диэтим быһыылаах уонна сэниэм баранан таралыс гыммытым. Дьахтарым сүтэн хаалла».
Сарсыныгар кээмэйдээн көрбүттэрэ үс гектар курдук үһү. Ол күннээҕи охсуута. Туох баар дулҕаны кырыйа сотуталаабыта хара сиринэн көрөн тураллар үһү. Үүт-үкчү икки атыыр оҕус харсыбытын курдук буолбут – хадьымаллара. Буолар да эбит! Оҕонньор кырдьан өлүөр диэри хайҕалга, сурахха сылдьыбыта. Кинини мин кыра сылдьан көрөр этим. Эт лахса, доруобай баҕайы, чахчы күүстээх, кыанар көрүҥнээҕэ.

«Ийэм суругун тутан баран, балачча өр ытаабытым»

Дьэ, оннук саныы-саныы охсо сырыттахпына, халлааным хараҥаран барда.

Охсуум тэтимирэн иһэр, этим хайдах эрэ итийбэхтиир курдук. Наар Көлгүүнү саныыбын. Абааһы дьиҥ улуу охсооччулары кытта күрэхтэһэрин истэр этим. Хайдах эрэ куттанар, дьаахханар санаалар ыга анньа тураллар. Күүскэ соҕус охсон баран, хараҥарыыта пиэримэм диэки сүүрэн элэстэнэ турдум. Дьонум хайыы-үйэ утуйбуттар этэ.

Сарсыныгар киирэн кээмэйдээбиттэрэ 2 гектар 54 суотай буолбут. Үөрдүм аҕай, рекорд баар! Харахпар ийэм эрэйдээх көстөн ааста. Били, аҕыстаахпар ийэбэр күүстээх охсооччу буолуом диэбит тылларым туолбуттарыттан үөрдүм. Бырааттыы Кууһума, Баһылай Григорьевтар холбоон күннээҕи охсууларын аһара түспүппүттэн наһаа астынным. Барытын кэпсээн ийэбэр сурук ыыппытым.
Биир ыйынан ийэм барахсан суруга кэлбитэ. Олох үөрэҕэ суох, үйэтин тухары стахановец ыанньыксыт этэ. Киһиэхэ суруттарбыт. “Оҕобунан, эйигинэн, киэн туттабын. Сылдьарыҥ тухары эппит тылгын хайаан да толоруоҥ диэн эрэммитим. Били, эргэ «Буускап” хотууру көрдөөн ыллаттарбыккар соһуйбутум. Оҕом эппит тылын толороору гыммыт диэн эрэммитим. Ыга кууһабын, сыллыыбын, доруобай буол. Үлэҕэр саҥа кыайыылар кэллинэр!” Ийэм суругун ааҕан баран, туохха да тэҥнэммэт наҕараадаҕа тиксибит курдук ылыммытым, балачча өр ытаабытым.

* * *
Сымнаҕас, кылыс окко охсубута буолуо диэхтэрин сөп. Оннук буолбатах этэ. Атыттар охсууларын эмиэ кээмэйдээбиттэрэ. Райком сэкиритээрэ 22 суотайы, хаһыат эрэдээктэрэ эдэригэр гектартан түспэт киһи 54 суотайы, оройуон стахановец охсооччута 92 суотайы, кини үс сыллааҕыта 1 гектар 22 суотайы охсубут этэ. Онон сымнаҕас, кылыс оттоох сир буолбатаҕа табаарыстарым охсууларыттан көстөр.

Бириэмийэ — биэс киилэ ынах этэ, арыы

Ити көрдөрүүбүт, мин рекордум оройуон хаһыатыгар тахсыбыта.

Холкуос салалтата махтал тыллары эппитэ, биэс киилэ ынах этинэн, арыынан бириэмийэлээбиттэрэ.
Санаам көтөҕүллэн, дэкээдэ (10 хонук) устата 1,5 гектартан түспэккэ оту охсобун диэн ыҥырыы таһаарбытым. Дэкээдэ бүтүүтэ үс гектары охсон рекорпун тупсарар санаалаах этим. Холкуос салалтата үөрүүнэн сөбүлэспитэ. 1,5 гектары күнүс 4 чааска диэри охсон кэбиһэн баран кустуу барарым. Түөрт күн 6 гектары охсубутум кэнниттэн, сирбитин барытын бүтэрииһик диэн, Алексеевы охсууттан тохтоппуттара. Биригэдьиир от мунньуутугар дьахталларга көмөлөһүннэрэ ыыппыта. Күҥҥэ 2-лии гектар сири хомуйан, бугуллаан истим.

Бырачыас

Үс хонон баран дьахталлар «өрө турдулар».

«Алексеевы тохтотуҥ. Биһиги үлэтэ суох хаалыыһыбыт» диэн бырачыастаан турдулар.
Биригэдьиир толкуйдаан баран чороох бэлэмнээһинигэр ыытта. Ойууртан хаппыт титириктэртэн ыраастаан, төбөлөөн отуу таһыгар аҕалаҕын. Күннээҕи былаан 300. Мин үс күн иһигэр үлэлээн күҥҥэ тыһыынчалыыны бэлэмнээн, үс тыһыынчаны отуу таһыгар хайа курдук чөмөхтүүбүн. Бары салыннылар. Миигиттэн бары аккаастаннылар. Үлэбэр, оройуон киинигэр төнүннэҕим дии.

«Миигин хара үлэҕэ ыытыҥ»

Хомсомуол райкомугар үлэ бөҕө. Таба иитиитигэр ыччат бөҕөнү ыытан ситиһии бөҕө кэлбитэ.
Ыччат ыстаадатын тэрийэн, социалистическай куоталаһыыга өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа бастаабыппыт. 100 ийэ табаттан 98% тугуту ылан хомсомуол киин кэмитиэтин Бочуотунай грамотатын ылар чиэскэ тиксибиппит. Ол саҕана дойду үрдүнэн Гагановецтар хамсааһыннара күүһүрбүтэ. Ыччат хара үлэҕэ барыыта элбээбитэ.
Мин эмиэ ол суолу тутуһар санааланным. Баартыйа райкомун бастакы сэкирэтээрэ Старков Дмитрий Егоровичка сайабылыанньа суруйдум. Гагановскай хамсааһыны олус өйүүбүн, миигин “Победа» холкуоска оробуочайынан ыыт диэн. Хара үлэҕэ үчүгэй эбиппин, быйыл 2 гектар 54 суотай от охсуутугар рекорд олохтоон кыахтаах соҕуспун билинним. Сааһым 24 эрэ. Барыта иннибэр диэтим. Өссө сайын устата, сыл аайы күҥҥэ 2 гектар оту охсо сырыттахпына, Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолуохпун сөп эбит диэн санаалар киирэллэр диэтим.
…Дмитрий Егоровиһы наһаа ытыктыыбын. Муударайа, билиитэ. Үчүгэй баҕайытык көрөн баран: «Эн тохтоо. Хара үлэҕэ бара сатаама, үчүгэй салайааччы буолар чинчилээххин. Элбэҕи ситиһиэҥ этэ», — диэтэ. Хайыахпыный, таҥара курдук көрөр киһим эппитин ылыннаҕым дии. Араас үлэҕэ бустум-хаттым, сирдэрбэтим.
Ордук физкултуура, успуорт эйгэтигэр үйэ чиэппэрэ үлэлээн, сахам дьонун доруобай, дьоллоох буолалларын хааччыйдаҕым. Аҥаардас, саха национальнай дьоруойа Баһылай Манчаары спартакиадатын төрүттээбит дьоллоохпут. Саха төрүт көрүҥнэрэ бүтүн аан дойдуга билиннилэр. Мас тардыһыытыгар 300-тэн тахса Арассыыйа, Европа, Аан дойду чөмпүйүөннэрэ баар буоллулар. 50-тан тахса дойдута мас тардыһыыга федерациялар тэриннилэр уонна бу көрүҥү олимпийскай оонньууларга киллэриэҕиҥ диэн күүстээх туруорсуу барар. Бэйэм Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуура үтүөлээх үлэһитэбин, Д.П.Коркин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатабын, успуорт чулуу тэрийээччитэ ааттары ылбытым.
Маны таһынан, 5,10 км сирдэргэ өрөспүүбүлүкэ 17 төгүллээх, Дьокуускай куорат 29 төгүллээх чөмпүйүөнэбин. Сибиир, Уһук Илин түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэбин, тыа сирин спортсменнарын ортолоругар Арассыыйаҕа иккис, Сэбиэскэй Сойууска үһүс буолуталаабытым.

«Мунньан-тараан 365 тыһыынча килэмиэтири сүүрдүм»

Сааһым тухары сүүрбүппүн хас да блокнокка, тэтэрээккэ толору бэлиэтэнэ сылдьабын. Сир саарын ахсыс эргиирбэр сылдьабын, экваторынан сир саара 45 тыһыынча км дииллэр. Мунньан-тараан 365 тыһыынча килэмиэтири сүүрдүм. Быйыл 88 хаарым түһүөҕэ.
Баҕа санаам – 400 тыһыынчаҕа тиийбит киһи диэн. Ону мин быһаарбаппын, Айыы Таҥара бэйэтэ быһаарыаҕа. Хаһан анараа дойдуга аттаныыбыт үөһэ суруллан турдаҕа.
Төрөппүттэргэ, оҕолорго баҕам диэн сүүрүҥ, хаамыҥ, сэрээккэлээҥ. Оччоҕо доруобай, дьоллоох буолуоххут. Мин билигин даҕаны нэдиэлэҕэ үстэ 10-15 килэмиэтири сүүрэбин, хаамабын. Кэнники хаалыктаах хаамыыга көһөн эрэбин. Кини хааны күүскэ эргитэр, туох баар былчыҥнаргын 90% хамсатар, сайыннарар. Үгүстэр көрдөххө тайахтарын соһо сылдьаллар. Сатаан илиини, атаҕы тэҥҥэ хамсатан, анньынан, тирэнэн барыахха наада. Сынньалаҥ пааркатыгар хас өрөбүл аайы инструктордар көрдөрөллөр, онно баран үөрэниҥ.
Оттон 2 гектар 54 суотайы охсубутум быйыл хайы-сах 64 сыла туолбут! Бэҕэһээҥҥи курдук санаан ылабын. Бириэмэ түргэнник да ааһар. Мин ити көрдөрүүбүн өрөспүүбүлүкэ рекордун курдук көрөбүн. Куруук кэтиибин ээ, аныгы дьонтон ким да 2 гектары охсубута иһиллибэт. “Урожай” уопсастыбанан элбэх күрэхтэһии ыытыллыбыта да, ким да оннук охсубутун өйдөөбөппүн.
Соторутааҕыта Бүлүүттэн төрүттээх быраатым, аатырбыт охсооччу, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, Арассыыйаҕа аатырбыт чөмпүйүөн Николай Николаев интервьюта тахсыбыта. Онно Таатта аатырбыт охсооччута Алексей Кладкин хаһан эрэ 5 гектары охсубут эбит, эстэн сыарҕаҕа тиэллэн тахсыбыт. Онтон өрүттүбэтэх үһү. Улуу киһи оҕустаҕа дии, уҥуоҕунан да улахана бэрт үһү. Ол күн хас чаас охсубута биллибэт. Мин анаан дьарыктамматах киһи ол 2 гектар 54 суотайбын 8 чаас 20 мүнүүтэ охсубутум. Николай Николаев Арассыыйа чөмпүйүөнэ буоларыгар кып-кыра сири 5*10 миэтэрэлээн биэрбиттэр, ону 36 сөкүүндэнэн бүтэрбит. Мин ол сири 86 сааспар боруобаланан 1 мүнүүтэ 19 сөкүүндэ охсубутум.

Дьэ, итинник, мин устуоруйам. Ааҕыҥ, санааҕытын үллэстиҥ.

Афанасий Алексеев,
сэрии, тыыл бэтэрээнэ, Аар Дархан оһуокай этээччи.

Хаартыскалар: ааптар тиксэриилэрэ, nashagazeta.ch, СИА, enago.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0