Улуустартан оттооһун көрдөрүүтэ нэдиэлэҕэ иккитэ түмүллэр. Бу нэдиэлэҕэ киириигэ былааннаммыт кээмэйтэн 0,6 бырыһыана эрэ кээрэтиллибитин туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Петр Алексеев от ыйын 19 күнүгэр салайан ыыппыт видеоселекторынан мунньаҕар этилиннэ.
Бэркиһиэх иһин, ити көрдөрүүбүт былырыыҥҥы туһааннаах кэмтэн таһыччы ордук эбит (ааспыты умна охсорбутунан бэрпит): 2016 сыл сайыныгар баччаҕа 2286 гектар иэннээх ходуһа охсуллубут буоллаҕына, билигин 10251 гектар охсуулаахпыт итиэннэ 630 туонна кэбиһии оннугар быйылгы – 3052 туонна от. Маны кураан-куйаас күннэр туран биэрбиттэринэн уонна сорох илин эҥээрдээҕи, киин улуустар отчуттара от сиппэккэ, курааннаан хагдарыйан, аһыҥка туран эрэриттэн тутуу былдьаһан, “абааһылары мунньахтаппакка”, эрдэ киирбиттэринэн быһаарыахха сөп буолуо.
Видеоселекторынан мунньахха отчут улуустар бары кытыннылар. Ол гынан баран, Ньурба улууһун баһылыгын хоһугар ыт охсор киһи баара көстүбэтэ. Орто Халымаҕа өрөспүүбүлүкэттэн оробуочай хамыыһыйа тиийэн үлэлии сылдьарынан, баһылыктара суохтар. Биир бэрэстэбиитэли хаалларбыттара: “Халлаан 2-3 нэдиэлэ туран биэрдэҕинэ, кыстыыр оппутун булунуохпут”, — диэн санаалара бөҕөҕүн биллэрдэ. Петр Николаевич бу ыксаллаах, эппиэтинэстээх кэмҥэ Үөһээ Дьааҥы улууһун баһылыга уонна солбуйааччылара уоппуска ылан барбыттарыттан ордук кыыһырда. “Сыл аайы эһиэхэ от тиэйэбит. Быйыл ол тохтуур”, — диэтэ. Горнай улууһун салайааччыларын оннулара эмиэ оҥойон көстөр, чороҥ соҕотох исписэлииһи олордон кэбиспиттэр. “Былырыын сайын Горнайга истэн-тастан саамай элбэх оту тиэйбиппит. Быйыл баччаҕа диэри биир туонна оту кэбиспэккэ олороҕут”, — диэн хомуруйда эрээри, улуус кылаабынай агронома Олег Петров бу күҥҥэ 281 т оттоммуттарын этинэн хаалла.
Кырдьык, үксүгэр сыыппара “көхсүнэн сэрэйэн” халлаантан ылыллар даҕаны буоллар, сводка нэһилиэктэртэн хойутаан киирэриттэн тэптэрэн, улуустан куоракка тиксэрии бытаарара эбэтэр дааннай ситэтэ суох буолара мэлдьэһиллибэт. Бырабыыталыстыба баһылыгын бастакы солбуйааччы-миниистир оттооһун көрдөрүүтүн уталыппакка, ирдэниллэр күнүгэр биэрэн иһэллэригэр уонна бу күннэргэ сирдэрин-уоттарын өссө сирийэн көрөн, төһөнү оттуур кыахтаахтарын ааҕынан-суоттанан биллэрэллэригэр, ыраах баран оттуурга анаан элбэх мобильнай биригээдэлэри тэринэллэригэр ыйыы биэрдэ.
Мунньахха кэпсэтииттэн иһиттэххэ, курааҥҥа хаптарбыт Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас (илин эҥээрэ), Уус Алдан, Чурапчы, Нам, Горнай улуустарын, ууга олорор Орто Халыма, Абый кыһалҕаларыгар аны Өлүөнэ өрүс уонна кини салаа үрэхтэрин уута таһымнаан, отчуттары харгыстаата. Өссө сорох арыыга охсуллубут оту уу былдьаата. Холобур, Хаҥалас улууһугар 340 гектар иэннээх ходуһалара, ол иһигэр 18 гектардаах охсуулара, уу анныгар хаалбыт. Бүлүү умнаһынааҕы улуустартан саамай иэдэйбиттэрэ – Бүлүү улууһа. Бу улууска халлаантан таммах уу түспэтэҕэ балтараа ый буолбут, билигин 6 уоту кытта охсуһа сылдьаллар. Биллэн турар, онно үлэ дьоно аралдьыйар. Ити эрээри, өрүс уҥуордааҕы нэһилиэктэргэ от үүнэн, бэтэрээ нэһилиэктэрин хааччыйарга эрэх-турах олороллор.
Бу курдук быйыл сайын от үлэтэ эмиэ тыҥааһыннаахтык саҕаланна. Ханна эрэ – уот кураан, ханна эрэ – уу сут. Петр Алексеев оттооһун хаамыытыгар бастакы барыллааһын түмүк атырдьах ыйын 1 күнүгэр оҥоһуллан, от үлэтин тактикатыгар суһал дьаһаллар ылыллыахтарын эттэ. “Үөһэттэн көмө үбү күүтүмэҥ. Бэйэҕит тэрээһиҥҥитигэр тирэниҥ”, — диэн туран, кэккэ улуустар, нэһилиэктэр олохтоох бүддьүөттэриттэн 1-дии, 2-лии мөлүйүөнү оттооһун хампаанньатын тэрийиигэ укпуттарын батыһалларыгар ыҥырда.
Василий НИКИФОРОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru