Сахам дьоно, үөрэ-көтө уһуктан, үрүҥ күҥҥэ махтанан Саргылаах Саҥа дьылбытын көрсүөҕүҥ. «Саҥа күммүт түргэтэттин, бары күүтэр кэммитин», — диэн хоһоонньут кэрэ аҥаардар Саҥа дьыллааҕы эҕэрдэлэрин тириэрдэбит.
edersaas.ru
САҤА ДЬЫЛ
Оҕо сааһым онно хаалбыт —
Кырыа түннүк кэннигэр.
Сылга биирдэ сырдаан кэлэр
Санаам дьоллоох муннугар.
Онно олох — остуоруйа
Киирии тыла кэпсэнэр,
Уонна уоттаах күөх харыйа
Аптаах ойууртан кэлэр.
Онно ийэм мичээриттэн
Өрүү сылаас тыыннаах дьиэ,
Онно аҕам оһоҕуттан
Үллэр дьоллоох уһун буруо…
Онно хаардыыр сулуһунан
Ханна эрэ баар халлаан,
Онно тиийэр санаатынан
Тэһийбэтэх биир кыысчаан…
Уоттаах түннүк баарын иһин
Умсулҕаным уурайбат,
Олох дьэбир буолтун иһин
Оонньуур кыыма уостубат.
Сулуһунан хаардыыр халлаан
Абылаҥа миэхэ баар,
Остуоруйа түүнүн салҕаан
Айар турук кэлэр наар.
Сылга биирдэ оҕо сааспар
Кырыа түннүк угуйар,
Санныбыттан баттаан турар
Дьылым — Дьолго кубулуйар.
(Наталья МИХАЛЕВА-САЙА)
Тэбэр сүрэххэ барытыгар
Дьолу-соргуну төлөннөтө
Кураан охсор тыаһын быыһыгар
Күүтүүлээх Саҥа дьыл төрөөтө!
Саҥа дьыл,саҥа дьол олоххо
Ахсаабат үөрүүнү үөскэттин,
Бар дьоҥҥо алыптаах олоҥхо
Тойугун кустугун күөрэттин!
Сыппаабат санаабыт күүһүрэн,
Үтүөҕэ тардыста туруоҕуҥ,
Элэйбэт эрэлбит эрдийэн
Олохпут чэчирии устуохтун!
Бу үүммүт баабыр кыыл биһиэхэ
Үчүгэй өттүнэн суоллуохтун!
Эйэлээх үлэһит киһиэхэ
Көмүскэл,харысхал буолуохтун!
(Татьяна ВИНОКУРОВА-САБЫЙА)
Бу хатан дьыбары киэр илгэн,
Дабайыам Мырааным Чочурун,
Саҥа Дьыл, Саҥа Дьол кэлэрин
Кутаа уот күөдьүтэн көһүтүөм…
Саҥа Дьыл үүнүөхтээх түүнүгэр
Саҥа Дьол аргыһа буолаҥҥын
Сандаара үллүктээ, үрүҥ хаар,
Сир ийэ киэлитин сырдатан!
Дьиримнии тырымныыр сулустар,
Дьол-соргу сирдьитэ буолаҥҥыт
Хас биирдии сүрэххэ бэлэхтээҥ
Хардалаах үйэлээх тапталы!
Саҥа Дьыл күүтүүлээх түгэнэ
Хас сүрэх аайытын нүөлүйдүн!
Алыптаах бу нуурал киэһэҕэ
Барыбыт ырабыт туолуохтун!
(Антонина УСКЕЕВА)
Үөрүү, эрэл кынаттаах
Үтүө кэммит үүннэҕэ,
Сарпа сулус арыаллаах
Саҥа дьылбыт кэллэҕэ.
Ааспыт сыл ситиһиитэ
Алгыс буолан арыаллыа,
Саҥа сылбыт кэһиитэ —
Саҕах буолан арыллыа.
Хомолто хомураҕа
Хоноһолоон уурайыа,
Дьиримнэс харыйаҕа
Дьол илдьитэ умайыа.
Мантан ыла, саҥаттан,
Маҥан хаардыы сандааран,
Үөрүү эрэ баар буолуо,
Үтүө ыра дьэ туолуо!
(Саргылаана СПИРИДОНОВА-
Кэрэмэс Кийиитэ)
Ахсынньы хараҥа түүнүгэр
Харыйам симэҕин иилэбин,
Түбүгү бүрүммүт бүрэ сыл
Бүтэрэ түргэнин эбитин…
Курустук суруллуох түмүк тыл
Саҥаҕа киирии тыл буолбатын,
Барыга буруйдаах курдук дьыл
Дьоһуннаах түгэнин булан ыл!
Тоҕотун билбэтим эрээри,
Элбэҕи көрдөөммүн сүүрбэтим,
Билэбин − мин бэйэм бэлэхпин,
Кимиэхэ көмүспүн, тирэхпин…
Харыйам умайар уоттардаах
Саҥа дьыл үүнэрин кэтэстин,
Толору түөһүнэн тыыныахтаах
Сир дьоно үөрүүгэ тигистин.
Сүтүктээх-аһыылаах ааһар сыл
Ыллыктаах санааҕа салайдын,
Самныбат саргылаах Саҥа дьыл
Сахаҕа алгыстаах сыдьаайдын.
(Мария АЛЕКСЕЕВА-Арылы Дуйдаах)
САРГЫЛААХ АХТЫЛҔАН
Тырымныыр уоттардаах
Саргылаах Саҥа Дьыл
Ийэбэр, аҕабар
Эргитэр дьиктилээх.
Кырыалаах түннүккэ
Ахсынньы тымныыта
Ойуулуур-мандардыыр
Хаар дойдум номоҕун.
Ол онно, ол онно
Эн биһи кырабыт,
Ол онно, ол онно
Бараммат дьоллоохпут.
Ытыһым сылааһа
Түннүкпүн угуттуур,
Кыһыҥҥы номоххо
Мин санаам айанныыр.
Аҕалаах ийэкэм
Айыыһыт буоланнар,
Алгыстыы хаалаллар
Соргулаах суолларбын.
Аастылар ахсым ат
Сырыытын ситэннэр,
Оҕо саас, оҕо саас
Чугдаарар сыллара.
Ахсынньым бүтэһик
Тырымнас күнүгэр
Ыалдьыттыыр өрүүтүн
Саргылаах ахтылҕан.
(Маргарита ИВАНОВА-Дайар Суһум)
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru