Остуолу мозаиканан киэргэтиэххэ

06.01.2017
Бөлөххө киир:

Уһун өрөбүллэргэ бириэмэни халтайга ыыппакка, дьиэ кэргэнинэн туһалаах дьыаланан дьарыктаныаҕыҥ. Оҕолору кытары бииргэ араас оҥоһуктары оҥоруу дьиэ кэргэҥҥэ сылаас. истиҥ эйгэни олохтуурга көмөлөһүө.

Билигин араас матырыйаал үөдүйэн, сатыыр киһи дьиэтин-уотун хайдах баҕарар киэргэтиэн сөп. Онуоха араас идиэйэлэр элбэхтэр.

Эргэ остуолу алдьаммыт кафель үлтүркэйдэринэн сыһыаран киэргэттэххэ, олус кэрэ көстүүлээх, ханна да суох ураты миэбэл буолан тахсыа. Иккиһинэн, быраҕыллар кафель тобоҕун туһаҕа таһаараҕын. Маннык остуолу оҥоруу туох да ыарахана суох, уһаммат, уруһуйдаабат да киһи ылсыан сөп. Остуолу балкоҥҥа, тэрээһэҕэ туһаныахха, сурунаал остуолун да курдук ууран туруохха сөп.

Биһиэхэ наада:
Эргэ остуол,
өҥнөөх кафель үлтүркэйдэрэ,
төгүрүк таас киэргэллэр,
“Момент Монтаж” килиэй (убаҕас тоһоҕо),
кафель быыһын толорор маасса (затирка),
быһар тэрил (кусачки),
кыра эрэһиинэ шпатель.

Бастаан туох уруһуйдаах буоларын быһаараҕыт. Бэлэм уруһуйу көрөн туран оҥоруу үлэни быдан чэпчэтэр. Манна баар кафель хайдах өҥнөөҕүттэн сирдэтиниэххэ сөп. Хайдах саныыргытынан, баҕараргытынан ойуу оҥорон таһаараҕыт. Туһугар олус умсугутуулаах дьыала буолар. Ол эрээри, бастаан олус уустук ойууну таһаара сатаамаҥ.


Остуол сирэйин үчүгэйдик сууйан, испииринэн сыатын-арыытын сотоҕут. Маҕаһыыҥҥа атыыланар төгүрүк өстүөкүлэ киэргэли ортотугар ылан килиэйинэн сыһыаран баран, тула кафель үлтүркэйиттэн сибэкки эминньэхтэрин уурталыыгыт.
Онтон аны сибэккилэр икки ардыларыгар хаалбыт көҥдөй сирдэри толоруохха наада. Манна атын өҥнөөх кафель үлтүркэйдэрин туһанабыт. Өҥнөрө барсарын өйдөөн көрүөххэ наада. Сорох үлтүркэйдэри өссө кыралыырга анал тэрилинэн (кусачканан) туһаныахха сөп. Сорох сирдэргэ таас төгүрүктэрбитин сыһыартыыбыт.


Затирканы уунан убатан баран, ыйынньык көмөтүнэн кафель үлтүркэйдэрин быыһын толорон барабыт. Икки чаас кэриҥэ хаппытын кэнниттэн, инчэҕэй тирээпкэнэн сотон, затирка кафельга биһиллибитин ыраастаан кэбиһэбит. Сарсыныгар өссө хата түспүтүн кэннэ, лааҕынан, эбэтэр “Фуга-блеск” диэн кылабачытар убаҕаһынан сотобут.
Бүттэ!

Бу курдук хайдах баҕарар ойууну түһэриэххэ сөп.

Ангелина Васильева, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0