Остуолба үйэтин уһаппыт эдэр инженер Василий Шишигин

21.02.2017
Бөлөххө киир:

Ааспыт сылга “Мин — Инженербин” Уһук Илин инженердэрин куонкурустара (2014 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи этэ) үһүс төгүлүн ыытылынна. Сүрүн бириис — массыына (маҥнайгы сылга “Ниссан Альмера”, онтон икки сыл “Нива”) туруоруллубута. Куонкурус маҥнайгы кыайыылааҕынан Таатта улууһуттан төрүттээх “АЛРОСА” хампаанньа “Интернациональнай” руднигын сүрүннүүр инженерин солбуйааччы Ньургун Захаров буолбута. Онтон 2015 сыллаахха, иккис куонкуруска, “Якутуголь” хампаанньа ыстаарсай мэхээнньигэ Роман Востриков кыайан, “Нива” массыынанан наҕараадаламмыта. Оттон бүгүн биһиэхэ “Мин — Инженербин” куонкурус үһүс кыайыылааҕа Василий Шишигин ыалдьыттаата. Салгыы кини олоҕун, үлэтин туһунан кэпсэтиибитин ааҕыҥ.

Стас Иовлев, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

— Василий, хантан төрүттээххин, ханна үөрэммиккиний?

— Мин Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээхпин. 2004 сыллаахха Майа гимназиятын бүтэрбитим. Ол кэнниттэн 2004-2009 сылларга СГУ Физико-техническэй институтун үөрэнэн бүтэрбитим. Үөрэхпин бүтэрээт, “Якутскэнерго” ПАУо-ҕа үлэлээн саҕалаабытым. Бастаан Покровскайга баар электростанцияҕа, онтон 2010-2013 сылларга Удачнайдааҕы электростанцияҕа үлэлээбитим. 2014 сылтан “Якутскэнерго” хампаанньаҕа электричествоны туттуу департаменыгар инженеринэн үлэлии сылдьабын. Кырдьык, бастаан түптээн биир сиргэ үлэлээбэтэҕим. Сыл аҥаардыыта, уһаабыта биир сыл буола-буола атын сиргэ үлэлии барарым. Онтон кэргэннэнэн, маҥнайгы оҕобут күн сирин көрбүтүн кэнниттэн, дьоммор чугас буолаары Дьокуускайга көһөн кэлбитим. Билигин икки уол оҕолоохпут.

— “Мин — Инженербин” куонкуруска ханнык тиэмэнэн кыттыбыккыный? Бырайыаккын төһө өр кэмҥэ суруйбуккунуй? Тоҕо ити тиэмэни таллыҥ?

— Үлэм аата “Уот линиятын мас остуолбаларын өрөмүөннүүргэ уонна үйэтин уһатарга накладкалары туһаныы”. Оруобуна биир сыл курдук, ол эбэтэр 2016 сыл устата суруйан бэлэмнээбитим. Өрөспүүбүлүкэҕэ уот линията сүрүн кыһалҕалартан биирдэстэрэ. Биир остуолба 20-чэ эрэ сыл сулууспалыыр кыахтаах. Билиҥҥи туругунан, сыл аайы 30 тыһыынча кэриҥэ остуолба эмэҕирэр, өрөмүөҥҥэ наадыйар. Оттон биһиги сыл устата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 15 тыһыынча эрэ остуолбаны уларытар кыахтаахпыт. Өскөтүн маҥнайгы боруобалааһыҥҥа 10 мөлүйүөн солкуобай көрүллэр түгэнигэр, мин бырайыакпынан 16 тыһыынча остуолбаны өрөмүөннүөххэ сөп. Ол аата, уруккутааҕар биир тыһыынчанан элбэх остуолба өрөмүөннэниэ уонна, быһа холоон, үйэ аҥаара туруохтара. Судургутук эттэххэ, урукку ньыманан 10 остуолбаны өрөмүөннүүр буоллахха, бу саҥа ньыманан 30-ка тиийэни туруоруохха сөп. Бу бырайыагы атын регионнарга эмиэ тарҕатыахха наада. Оччоҕуна бүтүн Арассыыйа үрдүнэн уот линиятын остуолбаларын өрөмүөннээһиҥҥэ харчыны ороскуоттааһын биллэ аччыа этэ.

— Куонкуруска кыттыаҥ иннинэ бырайыаккын боруобалаан көрдөҕүҥ дии. Хайдах этэй?

— Биһиги остуолбалары харыстыыр, уһун үйэлиир икки көрүҥ мадьыалы толкуйдаан оҥорбуппут. Маҥнайгы мадьыал 5 мм халыҥнаах, 27 мм эргимтэлээх ыстаал турба. Ол турбаны остуолбаҕа кэтэрдэн туран 400 киилэлээх ыйааһынынан баттатан көрбүппүт, токуруйуу, өҕүллүү суоҕун кэриэтэ этэ.

Бырайыакпыт өссө барыстаах уонна судургу буоларын курдук, иккис мадьыалы толкуйдаабыппыт. Ол 20 сантымыатыр кэтиттээх швеллертэн оҥоһуллубут боростуой накладка. Маҥнайгытааҕар үчүгэй: ыйааһына, сыаната быдан чэпчэки уонна туруорарга судургу. Ол курдук, иккис мадьыал остуолба тулатын хаһыытын аахпакка, кэтэрдээһинигэр эрэ 15 мүнүүтэ барбыта. Онно биир даҕаны улахан анал массыына үлэлээбэтэҕэ.

Оттон сыаналарынан маҥнайгы мадьыал 5500 солкуобай, оттон иккис 4100 солкуобайга тэҥнэспиттэрэ. Тимир тирэхтэр сир анныгар өссө уһуннук туралларын
ситиһэр сыалтан, дьэбинтэн уонна тымныыттан көмүскүүр анал кырааскалары туһаммыппыт. Дьэбини утары туттуллар кырааска тимир сулууспалыыр болдьоҕун 12 сыл, оттон тымныыттан көмүскүүр кырааска 40 сылга диэри уһатыан сөп. Патены биэрэр управлениеҕа (ФГУ ФИПС) сайаапка биэрбиппитин, сөбүлэҥнэрин биллэрбит­тэрэ. Онон накладкаларбыт сотору кэминэн регистрацияланан, 2018 сылтан туттан саҕалыахпыт диэн былаанныыбыт.

Станислав Иовлев кэпсэттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0