Остуол оонньууларын чөмпүйэнээтигэр 100-тэн тахса спортсмен күрэхтэһиэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сарсын-өйүүн, кулун тутар 3-4 күннэригэр, Дьокуускайга «Модун» успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр хабылыкка уонна хаамыскаҕа өрөспүүбүлүкэ бастыҥ оонньооччулара түмсүөхтэрэ. Күрэхтэһиигэ Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан, Бүлүүттэн, Горнайтан, Намтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Уус Алдантан уонна Дьокуускайтан барыта 100-тэн тахса спортсмен кэлэрэ күүтүллэр.

Чөмпүйэнээт эр дьоҥҥо уонна дьахталларга диэн сааһынан бөлөхтөргө араарыллан ыытыллыаҕа:

1 бөлөх — 2003-1992 с.т. (дьахталлар, эр дьон);
2 бөлөх: 1991-1982 с.т. (дьахталлар, эр дьон);
3 бөлөх: 1981-1972 с.т. (дьахталлар, эр дьон);
4 бөлөх: 1971-1962 с.т. (дьахталлар, эр дьон);
5 бөлөх: 1961 с.т. уонна онтон үөһээ (дьахталлар, эр дьон);Маны сэргэ алтыс бөлөҕүнэн маастардар эмиэ кыттыахтара.

Күрэхтэһээччилэр хабылык, 5 хаамысканан тоҥсуур, 7 хаамысканан тоҥсуур, умсаах көрүҥнэргэ кыттыахтара. Быраабыла быһыытынан, хас биирдии оонньооччуга иккилии түһүмэх бэриллэр. Биир оонньууга — икки мүнүүтэ. Сүрүн судьуйанан Иннокентий Максимов үлэлиэҕэ.

Күрэхтэһии бырагырааматын кытта манна билсиҥ: instagram.com

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0