Остеопороз уонна хаалыктаах хаамыы

30.11.2018
Бөлөххө киир:

Остеопороз – уҥуоҕу барытын ыарытыннарар. Уҥуох чиҥэ уонна кытаанаҕа суох буолар. Оччотугар кыра да эчэйии кэмигэр (бэйэҕиттэн кыра да үрдүк сиртэн түһүүгэ эбэтэр 10-тан тахса киилэ ыйааһыннааҕы көтөҕүүгэ) уҥуох тостор кутталыгар тириэрдэр.


Остеопороһы сэрэтэр ньымалартан биирдэстэрэ — эти-хааны сайыннарыы.
Хаалыктаах хаамыынан аһаҕас сиргэ, ол эбэтэр ыраас салгыҥҥа эрэ дьарыктаныахха сөп. Таһырдьа күн сардаҥатын анныгар сылдьыы уҥуох кальцийы иҥэринэригэр олус суолталаах, Д битэмиин тиийбэтин ситэрэн биэрэр. D3 битэмиин уҥуох маассата минеральнай чиҥ буолуутун чөлүгэр түһэрэр препараттарга эбиллэр.
Аэробнай эрчиллиилэр минерализацияҕа үчүгэйдик дьайаллар. Хаалыктаах хаамыынан саатар нэдиэлэҕэ үстэ отуттуу мүнүүтэ дьарыктаныы,  уҥуох ткана чиҥ буолуутун 5 бырыһыан үрдэтэр кыахтаах. Итини 3000 киһи кыттыбыт чинчийиилэрэ дакаастаабыттар. Киһи 30 сааһыттан саҕалаан сылга уҥуоҕун маассатын 1 бырыһыан сүтэрэр. Ол иһин, ону утаран, хаалыктаах хаамыынан дьарыктаналлар. Маннык хаамыы – остеопороһы сэрэтэр туһалаах ньыманан буолар. Эһиги кальцийдаах элбэх бородууктаны сиэххитин сөп, ол гынан баран, ити уҥуох минеральнай чиҥин баара-суоҕа 0,8-1,5% улаатыннарар.
Нэдиэлэҕэ 12 килэмиэтир курдугу хааман, постменопаузальнай остеопороһунан ыалдьар кутталы биллэ намтатыахха сөп.
Хаалыктаах хаамыы, көннөрү хаамыыны эбэтэр сүүрүүнү кытары тэҥнээтэххэ, сүһүөхтэргэ кыра ноҕуруусканы биэрэр. Ол иһин, ыарыһахха ханнык эмэ актыыбынай дьарык көҥүллэммэт буоллаҕына, хаалыктаах хаамыы кимиэхэ барытыгар табыгастаах уонна туһалаах.
Остеопороз уҥуох кэбириир уонна тостор кутталын үөскэтэр. Быраастар эмтээһини саҕалыылларыгар үксүгэр охтортон сэрэтэллэр. Эрчиллиилэри оҥорон дьарыктанаргар эбии тирэхтээх (икки өттүгэр) буоллаххына, эрэллээхтик сананаҕын. Тирэх киһи спордунан дьарыктаныан сөбүгэр уонна тугун да тоһуппатыгар эрэли үөскэтэр.
Киһи ордук ыйааһыннааҕа остеопорозка тириэрдиэн эмиэ сөп. Ол иһин, хаалыктаах хаамыы уҥуох ыарыытыттан харыстыыр, ырарга көмөлөһөр. Баара-суоҕа 30 мүнүүтэ хаалыктаах хаамтаххына 158 калорий көҕүрүүр.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0