Сааһыран истэххэ, киһи уҥуоҕа кэбириирин, кыраттан да эчэйиэххэ сөбүн үгүс киһи билэр уонна сэрэнэ-сэрбэнэ сатыыр. Ол эрээри, кинилэргэ уҥуох тостор кутталын, дьахтар организмыҥар тахсар уларыйыылары хайдах “бытаардар” уо.д.а. кэрэ аҥаардар ыарыыларын сэрэтии туһунан иһитиннэрии олус элбэҕэ суох. Бырааска кэллэххинэ: “Кырдьыы ыарыыта, хайыаххыный?” – дииллэр диэн үҥсэргиир, хомойор киһи эмиэ элбэх.
edersaas.ru
Бүгүн биһиэхэ үрдүк квалификациялаах гинеколог-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх балыыһа бочуоттаах үлэһитэ Елизавета Слепцова дьахтар организмыгар тахсар уларыйыылар тустарынан сэһэргиир:
Елизавета Михайловна СЛЕПЦОВА:
-Дьахтар олоҕун хас да кэрдиискэ араарыахха сөп. Олортон биирдэстэрэ 60-тан үөһээ саас. Бу кэми эмчиттэр постменопауза бириэмэтинэн ааттыыбыт.
Статистика көрдөрөрүнэн, хомойуох иһин, бу дьоһун сааска үгүс дьахтар араас ыарыылаах үктэнэрэ кистэл буолбатах. Быһа холоон, 10 сылынан киһи хамсанара 3-4 төгүл бытаарар.
60 саастаах киһи эрчимэ, күүһэ-уоҕа мөлтүүрүнэн сибээстээн, аҕыйах калорийдаах аска-үөлгэ көһүөхтээх. Онон, сыалаах-арыылаах астан аккаастаныахтаах, үлүннэриилээх бурдук аһын сиирин аҕыйатыахтаах.
Кырдьаҕас киһи организма, эдэригэр курдук, тигинэччи үлэлээбэт. Постменопауза кэмигэр дьахтар организмыгар элбэх уларыйыылар тахсаллар. Ол эбэтэр тириилэрэ куурар уонна эмэхсийэр, мыччыстаҕастара элбиир, бээтинэлэр тахсаллар. Постменопауза кэмигэр катаракта, глаукома, сүрэх-тымыр ыарыылара, искэн, ииги туппат буолуу элбиир. Дьахталлар настарыанньалара уонна туруктара эмиэ уларыйар.
Моральнай-социальнай өйөбүл тиийбэтэ депрессияҕа, астенияҕа тириэрдиэн сөп. Дьахтар олоҕун бу кэрдиис кэмигэр остеопороз диэн ыарыы үөскүүр. Ол эбэтэр уҥуоҕа чарааһыыр. Хомойуох иһин, остеопороз туох содуллааҕын үгүстэр үчүгэйдик өйдөөбөттөр.
Бу ыарыыга киһи туга да быһыта тутан ыалдьыбат эрээри, ыарыы бэйэтин биллэрэрин саҕана эмтээһин хойутуон да сөп. Остеопороз эмкэ ыараханнык бэринэр.
Арассыыйаҕа 60 сааһын ааспыт 15 мөлүйүөн киһи остеопороһунан эрэйдэнэр, ол эбэтэр хас үһүс дьахтар. Саамай куттала – кини содула. Ол эбэтэр уҥуох тосторо элбиир. Сорохтор остеопорозтаммыттарын да иһин, уҥуохтарын тоһуппакка сылдьыахтарын сөп.
Охтубат буоларга уонна сүһүөҕү сүтэрбэт инниттэн анал эрчиллиилэри оҥорор наада. Сааһырбыт киһи көрөрө-истэрэ мөлтөөн, ол эмиэ охторго тириэрдиэн сөп. Ол инниттэн хараҕы, кулгааҕы куруук көрдөрө, бэрэбиэркэлэтэ сылдьар наада.
Тостуу содулун эмтиир ыарахан. Онон, сэрэхтээх буолар туһуттан халтараан кэмигэр торуосканы, ходунуогу туһанар наада. Өскөтүн киһи бэйэтин бэйэтэ көрүммэт буоллаҕына, аҥардас эмп көмөлөһөр кыаҕа суох. Саамай уустуга – бэйэни кыайыы.
Постменопауза кэмигэр дьахтар организмыгар элбэх уларыйыылар тахсалларынан сибээстээн, сылга биирдэ гинекологка, терапевка уонна туругуттан көрөн, атын быраастарга көрдөрүнүөхтээх.
Остеопороһу эрдэттэн сэрэтиэххэ
Остеопороз уҥуоҕу барытын ыарытыннарар. Уҥуох чиҥэ уонна кытаанаҕа намырыыр. Оччотугар кыра да эчэйии кэмигэр (бэйэҕиттэн кыра да үрдүк сиртэн түһүүгэ эбэтэр уонтан тахса киилэ ыйааһыннааҕы көтөҕүүгэ) уҥуох тостор кутталыгар тириэрдэр.
Остеопороһы сэрэтэр ньымалартан биирдэстэрэ — эти-хааны сайыннарыы.
Хаалыктаах хаамыынан аһаҕас сиргэ, ол эбэтэр ыраас салгыҥҥа эрэ дьарыктаныахха сөп. Таһырдьа күн сардаҥатын анныгар сылдьыы уҥуох кальцийы иҥэринэригэр олус наадалаах, Д битэмиин тиийбэтин ситэрэн биэрэр.
D3 битэмиин уҥуох маассата минеральнай чиҥ буолуутун чөлүгэр түһэрэр препараттарга эбиллэр.
Аэробнай эрчиллиилэр минерализацияҕа үчүгэйдик дьайаллар. Хаалыктаах хаамыынан саатар нэдиэлэҕэ үстэ отуттуу мүнүүтэ дьарыктаныы, уҥуох ткана чиҥ буолуутун 5 бырыһыан үрдэтэр кыахтаах. Итини 3000 киһи кыттыбыт чинчийиилэрэ дакаастаабыттар. Киһи 30 сааһыттан саҕалаан сылга уҥуоҕун маассатын 1 бырыһыан сүтэрэр. Ол иһин, ону утаран, хаалыктаах хаамыынан дьарыктаналлар. Маннык хаамыы остеопороһы сэрэтэр туһалаах ньыманан буолар.
Эһиги кальцийдаах элбэх бородууктаны сиэххитин сөп. Ол гынан баран, ити уҥуох минеральнай чиҥин баара-суоҕа 0,8-1,5% улаатыннарар.
Нэдиэлэҕэ 12 килэмиэтир курдугу хааман, постменопаузальнай остеопороһунан ыалдьар кутталы биллэ аҕыйатыахха сөп.
Хаалыктаах хаамыы, көннөрү хаамыыны эбэтэр сүүрүүнү кытары тэҥнээтэххэ, сүһүөхтэргэ кыра ноҕуруусканы биэрэр. Ол иһин, ыарыһахха ханнык эмэ актыыбынай дьарык көҥүллэммэт буоллаҕына, хаалыктаах хаамыы кимиэхэ барытыгар табыгастаах уонна туһалаах.
Биллэрин курдук, остеопороз уҥуох кэбириир уонна тостор кутталын үөскэтэр. Быраастар эмтээһини саҕалыылларыгар үксүгэр охтортон сэрэтэллэр. Эрчиллиилэри оҥорон дьарыктанаргар эбии тирэхтээх (икки өттүгэр) буоллаххына, эрэллээхтик сананаҕын. Тирэх киһи спордунан дьарыктаныан сөбүгэр уонна тугун да тоһуппатыгар эрэли үөскэтэр.
Киһи ыарахан ыйааһыннааҕа остеопорозка тириэрдиэн эмиэ сөп. Ол иһин, хаалыктаах хаамыы уҥуох ыарыытыттан харыстыыр, ырарга көмөлөһөр. Баара-суоҕа 30 мүнүүтэ хаалыктаах хаамтаххына, 158 калорий көҕүрүүр.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru