Саха сиригэр үөрэх тэрилтэлэрин региональнай таһымҥа көһөрүү маҥнайгы “хараҥаччытынан” Харбалаахтааҕы үөрэх комплекса буолла. Ол курдук, Таатта улууһун Харбалаах нэһилиэгэр баар Хаандыгатааҕы хайа-геологическай техникум филиала уонна Харбалаахтааҕы А.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан орто оскуола холбостулар.
edersaas.ru
Ити туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин илии баттааһыннаах дьаһал ахсынньы 4 күнүгэр тахсыбыта.
Дойду Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ 2020 сылга диэри үөрэх тэрилтэлэрин региональнай таһымҥа көһөрөргө ирдэбил туруорбута. Ол чэрчитинэн, Таатта улууһун Харбалаах нэһилиэгэр баар Хаандыгатааҕы хайа-геологическай техникум филиала (уруккута 18-с нүөмэрдээх профессиональнай училище) уонна Харбалаахтааҕы А.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан орто оскуола холбостулар. Онон Саха сиригэр аан бастакынан Харбалаахтааҕы үөрэх комплекса тэрилиннэ.
“Тустаах комплекс балаҕан ыйын маҥнайгы күнүттэн бары күүһүн ууран үлэтин саҕалыахтаах. Үчүгэйэ диэн, комплекска үөрэнэр оҕо оскуоланы бүтэрэригэр аттестатын таһынан, орто анал үөрэх сибидиэтэлистибэтин эбэтэр дипломун ылар кыахтанар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, уопсайа, уонтан тахса комплексы тэрийиэхтээхпит. Ити региональнай таһымҥа көһүү бастакы холобура буолар”, — диэн СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Андрей Попов иһитиннэрдэ.
Тустаах бырагырааманы олоххо киллэрэн, икки “куобаҕы тэҥинэн өлөрөллөр”. Бастатан туран, дуальнай үөрэхтээһини туһанан, орто үөрэх устудьуоннара үөрэхтэрин улахан аҥаарын (60 бырыһыанын) быраактыкаҕа атаарыахтара. Онтон хаалбыт кэмнэрин остуолга олорон үөрэниэхтэрэ. Ол эбэтэр, талан ылбыт идэлэригэр киэҥ билиилээх, сатабыллаах буолалларын туһугар теоретическай чааһын лаппа аҕыйатыахтаахтар. Иккиһинэн, оҕо оскуоланы бүтэрэригэр аттестатын таһынан “сиэбигэр” номнуо сибэдиэтэлистибэлээх эбэтэр орто үөрэҕи бүтэрбит дипломнаах тахсыаҕа.
Аны күһүҥҥүттэн комплекс бары күүһүн ууран үлэлиэҕэ. Тустаах үөрэх кыһатыгар быһа холоон 250-300 оҕо, устудьуон үөрэнэригэр суоттаналлар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, уопсайа, 10-тан тахса ити курдук комплекс арыллара былааннанар. Харбалааҕы тилэх баттаһа, сотору кэминэн Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун Алтаҥҥа (Амма) баар филиала уонна Алтан орто оскуолата холбоһуохтара.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн.